Байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмө

Билигин төһө да ыал үксэ электроуотунан дьиэтин сылыттан олордор, хаһаас саһааннаах буолар. Ону тэҥэ баанньыкка, гарааска кыһыҥҥы ыйдарга элбэх мас баранарын билэбит. Кыаммат, кырдьаҕас дьоҥҥо, ону сэргэ кэргэттэрэ, аҕалара, уолаттара анал байыаннай дьайыыга сылдьар кэмнэригэр улуус, нэһилиэк дьаһалтата, тэрилтэлэр кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улахан күүс-көмө буолаллар.

 

 

 

Ол курдук, бу күннэргэ улуус дьаһалтатын, үөрэҕирии, култуура, тыа хаһаайыстыбатын салааларын, успуорт отделын уонна үп-хааһына управлениетын үлэһиттэрэ оттук мас бэлэмигэр улахан субуотунньук ыыттылар. Субуотунньукка  РТС түөлбэтигэр баар пилорамаҕа (хаһаайын Валентин Файрушин)  харбыыл эрбэтэн бэлэмнээтилэр. Бу бэлэмнэммит мас баанньыкка, гараас оһохторун отторго олус наадалаах. Саһааннаан бэлэмнээбит мастарын байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тиэйэн биэрдилэр. Онон бу субуотунньуктан уопсайа 13 ыалга харбыыл мас тиксэрилиннэ.

 

 

 

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше