Көрсүһүүгэ байыаннай дьайыыга сылдьар эр дьоммут ийэлэрэ, аҕалара, кэргэттэрэ, чугас дьонноро туһааннаах ыйытыктаах, долгутар этиилэрдээх улуус баһылыгын Анатолий Григорьевы уонна биир дойдулаахтарбытын Матвей Евсееви, Афанасий Постниковы кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Сүрүннээн Саха сириттэн, Сунтаартан оҥоһуллар көмөлөр тустарынан, уолаттары уоппускаҕа аҕалыыны туруорсуу, кэргэттэрин төнүннэрии туһунан, о.д.а. ыйыттылар, санааларын эттилэр.
Мустубут дьоҥҥо туһаайан Матвей Николаевич уолаттары кытта көрсөн кэлбитин туһунан кэпсээтэ. Ону сэргэ, оруна суох сонуннары итэҕэйбэккэ, сөптөөх иһитиннэриинэн сирдэтиэххэ диэн эттэ. Итиэннэ туһааннаах дьон оҕолоругар оскуолаҕа кэтэр таҥастарын атыылаһан биэриэх буолан үөртэ.
Ыйытыылаах дьон 22-0-93 нүөмэргэ эрийииэхтэрин сөп.
Тускулаана ГОРОХОВА.