Тэҥкэ нэһилиэгин олохтооҕо Любовь Пухова иитэр сүөһүтүн кэлэр кыстыгы туоратарыгар сайын үтүөтүн ходуһаҕа атаарар.
«Улууспут эдэр дьоно олус да аламаҕайдарыттан, аһыныгастарыттан, үтүө санаалаахтарыттан астынным. Мин төрөппүт уолум байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сылдьар. Байыаннай сулууспалаах ийэтэ буоларым быһыытынан, нэһилиэгим дьаһалтата, олохтоохторо, улуус салалтата мэлдьи көмөлөһө, туохха наадыйарбын билсэ тураллар. Бу олус үчүгэй.
Тыа сирин олохтооҕо буоларым быһыытынан, ынах сүөһү ииттэбин. Хаһаайыстыбабар син добуочча сүөһүлээхпин, ыанар ынаҕым алтыалар. Сайын устата окко аймахтарбынаан үлэлээммит кыстыыр оппутун булуннубут. Бу аҕыйах хонуктааҕыта улуустааҕы ыччат отделын салайааччыта Трофим Иванов салалтатынан, Сунтаартан хас да буолан кэлэн улахан көмө буоллулар. Кинилэри кытары успуорт отделын салайааччыта Дьулустан Егоров уонна маннааҕы олохтоох уолаттар үлэлээн, уопсайа икки күн түөрт оту туруоран кэбистилэр. Сунтаартан анаан-минээн тахсыбыт ыччаттарга махталым улахан», — диэн Любовь үөрүүтүн үллэстэр.
Яина ВЛАСЬЕВА