Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар аахсыйа

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Арыылаахтааҕы «Арассыыйа Ийэлэрэ» түмсүү көҕүлээһининэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар «Илии сылааһа, дойду ахтылҕана» аахсыйа ыыттыбыт. Аахсыйаҕа кытыан, туос, сиэл хомуйан, эр киһи харысхалларын оҥорон, Арыылаах орто оскуолатын алын сүһүөх үөрэнээччилэрин суруктарын, уруһуйдарын уктубут. Ону тэҥэ, гааз билиитэлэрин, горелкалары атыылаһан бэлэмнээтибит. Бу күн нэһилиэгинэн биир киһи курдук сомоҕолоһон, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар, уопсайа 30 устуука набору оҥордубут.

Бары этэҥҥэ дьиэлэригэр эргиллэн кэллиннэр диэн алҕаан туран улуустааҕы штабка туттарыахпыт.

«Сарыал» КК кэлэктиибэ,

Арыылаахтааҕы «Матери России» ийэлэр түмсүүлэрэ.

Читайте дальше