Байыаннай дьайыы бэтэрээнин кытары көрүстүлэр

Сунтаардааҕы лиссиэй интэринээт-оскуолатын 5 «в» кылааһын үөрэнээччилэригэр сонун уонна ураты кылаас чааһа буолла. Ол курдук, оҕолор байыаннай дьайыы бэтэрээнин Сергей Я. кытары көрсүстүлэр. Кини 2022 с. ахсынньыга баҕа өттүнэн ЧВК Вагнерга 6 ыйга хантараак баттаан байыаннай дьайыыга барбыт. ЛНР, ДНР сирдэринэн Соледар, Бахмут хайысхаларынан кыргыһыыга снайпердар бөлөхтөрүгэр хамандьыыры солбуйааччынан сылдьыбыт. Биир суолталаах түгэнинэн ыам ыйын 25 күнүгэр Бахмуту көҥү көтөн ылыылара буолар. Сергей хорсун быһыытын иһин ДНР баһылыга Денис Пушилинтан «Знак отличия 4-ой степени Георгиевского креста» мэтээли туппут. Ону тэҥэ, дьону ыксаллаах быһыыга-майгыга быыһааһыҥҥа хорсун, быһаарыылаах дьайыыларын иһин туттарыллар «За отвагу» уонна ЧВК Вагнер ведомственнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Көрсүһүү кэмигэр оҕолор бэтэрээн кэпсээнин болҕойон олорон иһитттилэр. Мэтээллэрин, назараадаларын сөҕө-махтайа көрдүлэр.

«Кылаас чааһыгар көрсүһүү олус сэргэхтик ааста. Оҕолор маладьыастар, билэ-көрө сатыыллара элбэх. Байыаннай дьайыы туһунан үгүс ыйытыы биэрдилэр уонна снайпер буолары интэриэһиргииллэрин
биллэрдилэр. Киэҥ билиилээх, саҥаны-сонуну билэргэ дьулуурдаах, дьоҕурдаах оҕолор диэн олус астынным«, — диир Сергей.

Онтон билигин бэтэрээн күннээҕи олох түбүгэр, өрүһү туоратар паромнары үлэлэтэр чааһынай тэрилтэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар. Өрүскэ дьон сырыыта тохтоон хаалбатын туһугар хивуһу уонна аэроботу үлэлэтэр.

Түмүккэ туох баҕа санааҕын этиэҥ этэй диэҥҥэ: «Оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиини. Оттон СВО-ҕа Сахабыт сириттэн сылдьар уолаттарга кытаанах доруобуйаны, чэбдик, ыраас өйү-санааны баҕарабын. Мындыр, булугас өйдөрүнэн бэйэлэрин харыстанан сырыттыннар. Уолаттар дойдуларыгар, чугас дьонноругар эчэйбэккэ, тыыннаах эргиллэн кэллиннэр. Кыайыы хайаан да кэлиэ диэн эрэнэбин

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше