Баһаары сэрэтэр тэрил дьон олоҕун быыһыыр

АДПИ – автономнай баһаары сэрэтэр тэрил кыра да буруо сытыгар улахан тыас таһааран дьону сэрэтэр. Оннооҕор түүн ортото тыаһаан дьону уһугуннаран иэдээн тахсарыттан сэрэтэр аналлаах. Хас биирдии ыал дьиэтигэр маннык тэрил баар буолуохтаах. Бу маны ситиһэр сыалтан нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбыаннай кэмитиэт көҕүлээһининэн, аахсыйа ыытыллан, кырдьаҕас, кыаммат, элбэх оҕолоох ыалларга бу тэрили туруоран биэрии хаһыс да сылын ыытыллар.

Биһиги улууспутугар былырыын аахсыйа нөҥүө 1360 устуука АДПИ түҥэтиллэн, 1553 ыалга туруоруллубут. Аахсыйаҕа улуус, нэһилиэктэр дьаһалталара олус көхтөөхтүк кыттан, бастакы уочарат кырдьаҕас ыалга, кэргэттэрэ, оҕолоро анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоҥҥо, элбэх оҕолоохторго туруордулар. «Быйыл да бу аахсыйа салгыы ыытыллыа» диэн баһаарынай сулууспа үлэһитэ Ольга Алексеева этэр.

Улуустааҕы баһаарынай сулууспа иһитиннэрэринэн, ааспыт сылга баһаары тута сэрэтэр тэрил тыаһаан хас да дьиэ, дьон быыһанна. Онон бу маннык тэрил хас биирдии дьиэҕэ турара олус туһалааҕын таба өйдүөхпүтүн наада.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше