Баһаары эрдэттэн сэрэтэр тэриллэри туруоруууга аахсыйа салҕанар

Бу аҕыйах хонуктааҕыта улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар ойуур баһаарыттан уонна халаан уутуттан сэрэхтээх буолууга хамыыһыйа мунньаҕа буолан ааспыта. Мунньахха нэһилиэк баһылыктара, хонтуруоллуур орган бэрэстэбиилэ кыттыыны ылбыттара. Быйылгы сылга халаан уутуттан, баһаартан сэрэхтээх буолууга нэһилиэктэр бэлэмнэрин, туох үлэ, тэрээһин бара турарын кэпсэппиттэрэ. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Николай Александров «Баһаары сэрэт – АДПИ туруор» диэн социальнай аахсыйа чэрчитинэн, Уһун Күөл, Дьаархан, Кириэстээх, Күндэйэ, Түбэй-Дьаархан нэһилиэктэрин баһылыктарыгар уопсайа 336 устуука баһаары эрдэттэн сэрэтэр (АДПИ) тэриллэри туттарбыта.

Манна даҕатан эттэххэ, улуус дьаһалтата баһаарынай сулууспа үлэһиттэрин кытары бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр, бу сылга Күндэйэ, Кириэстээх, Уһун Күөл нэһилиэктэрэ 100 бырыһыан АДПИ-нан хааччылыннылар.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше