Бу кэлиҥҥи кэмҥэ дьон олорор дьиэтэ кытарарга былдьанара үксээтэ, баһаартан дьон олоҕо быстара олус да хомолтолоох суол. Билигин дьиэни-уоту туттарга чэпчэки матырыйааллары туһанабыт. Бу тутуу матырыйааллара уокка түргэнник умайалларын бары да билэбит. Барыта да буолбатар, үгүс быһылааҥҥа маннык матырыйаалтан тутуллубут тутууларга баһаар турдаҕына, өрөһүйүллүөхтээх да баай-дуол күл-көмөр буолар. Ордук сэрэхтээҕэ, уокка түргэнник умайар аныгы матырыйаал буруота хойуу буолан, дьон доруобуйатыгар, олоҕор кутталлаах.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр хаһыс да сылын автономнай баһаары сэрэтэр тэрили туруорууга аахсыйа ыытыллан, элбэх оҕолоох ыалга, кыамматтарга-кырдьаҕастарга маннык тэриллэр турдулар.
Бу тэрил кыра да буруо таҕыстаҕына улахан тыас таһааран түүн утуйа сытар киһини уһугуннарар. Хас да ыал маннык тэриллээх буолан иэдээн тахсарыттан быыһаммыт, уоттан куоппут түгэннэрэ элбэх. Онон хас биирдии ыал дьиэтигэр маннык тэрил баар буолуохтаах.
Сунтаардааҕы баһаарынай сулууспа иһитиннэрэринэн, улуус, нэһилиэк дьаһалталарын кытары бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр 23 нэһилиэк 100 бырыһыан автономнай баһаары сэрэтэр тэрили ылан, олохтоохторго туруоран биэрбиттэр.
Яина ВЛАСЬЕВА