Баһаартан сэрэхтээх буол — АДПИ туруортар!

Бэҕэһээ Сунтаар сэлиэнньэтигэр биир киһи бэйэтин дьалаҕай сыһыаныттан уокка былдьана сыста. Ол курдук, 70 лет Октября уулусса 1 нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччулар биир дьиэттэн баһаары сэрэтэр тэрил тыаһын истэннэр баһаарынайдары ыҥырбыттар. Баһаарынайдар суһаллык хомунан ыҥырыы киирбит сиригэр тиийбиттэр. Баһаар турбутун тута сэрэтэр тэрил (АДПИ) тыаһыыр кыбартыыратын аана ис өттүттэн хатыылаах буолан биэрбит. Ол иһин балкон аанынан киирэннэр, дьиэҕэ итирик туруктаах киһи утуйа сытарын быыһаабыттар.  Бөх тоҕор иһитигэр баар бөҕө умайа сытар эбит.  Бу буруота тахсыбытыгар АДПИ сигнал биэрэн, дьолго киһи быыһанна, дьиэ уокка былдьаммата. Арай, бу дьиэҕэ ити баһаары сэрэтэр тэрил суох буоллун, эбэтэр ол тыаһын атын олохтоохтор истибэтэх буоллуннар, алдьархай, иэдээн тахсыа эбит.

Улуустааҕы баһаарынай сулууспа иһитиннэрэринэн, бу сыл устата баһаары тута сэрэтэр тэрил тыаһаан 3 дьиэ быыһанна, дьиэҕэ баар дьон эвакуацияланна. Онон бу маннык тэрили хас биирдии дьиэҕэ турара олус туһалааҕын таба өйдүөхпүтүн наада.

«Предупреди пожар – установи АДПИ» аахсыйа саҕаланыаҕыттан улууспутугар маннык тэрили 2696 ыалга туруоруллубут. Бу сылга 475 ыалга АДПИ баар буолла. Аахсыйаҕа баһаарынай сулууспа 68 үлэһитэ кытынна.

Оттон түөрт нэһилиэк ыала, тэрилтэтэ бары баһаары сэрэтэр тэрилинэн хааччылыннылар. Билигин бу сыл бүтүөр диэри улуустааҕы баһаарынай сулууспа өссө 12 нэһилиэккэ 100 бырыһыан АДПИ туруорар былааннаахтар.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше