«Айылҕа барахсан саас буолла да тыллан, дьон санаатын олус да көтөҕөр. Быйыл аттынааҕы ыал Лүүсэлээх оҕуруоттарын ситэрбиттэрэ, күүлэ туттубуттара көрүөххэ үчүгэйиин. Ыал олоҕо бигэ туруктанан иһэрэ үчүгэйэ ханна барыай?» диэн кырааската суураллыбыт үктэлин кытыытыгар табаҕын оргууй сыыйа тарда олорор Ылдьаа оҕонньор бэйэтин иһигэр саныы олордо. Оҕонньор бу отучча ыаллаах кыракый нэһилиэккэ олохсуйбута сүүрбэччэ сыл буолла. Ол тухары кини соҕотох. Ылдьааны олохтоохтор сөбүлүүллэр, Нэһилиэк бытырыыс оҕолоро биэнсийэтэ кэллэҕинэ араас кэмпиэккэ тиксэллэр.

Ылдьаа нэһилиэккэ баар ээл-дээл сылдьар эр бэртэрин мэлдьи сэмээр үөрэтэ-такайа сатыыр. Ону анарааҥҥылара: «Олоҕу оччо билбиккэ дылы, ыйыма-кэрдимэ», — диэн киэр сапсыйан кэбиһэллэр. Кинилэр хантан билиэхтэрэй, Ылдьаа эдэр-сэнэх сылдьан аһыы утаҕы батыһан, бэйэтин, уолаттарын олоҕо огдолуйбутун, кэргэнэ онтон эрдэлээбитин?!

Олох барахсан дьон дьылҕатын араастаан эргитэр. Киһи үөйбэтэх түгэннэрэ хаһан ынан кэлиэхтэрин сэрэйбэккин даҕаны.

Илюша ыал соҕотох уола буолан, улаханнык мааныланан, атаахтаан, барыта бэлэмҥэ үөрэммитэ. Ол да буоллар, оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, сүрэҕэлдьээн үрдүк үөрэҕин бырахпыта. 26-гар диэри дьонугар иитиллэн олорбута. Таах дьиэҕэ олоро сатаан, олохтоох күлүгээттэри кытта суксуруһан дьыалаҕа эриллэн, икки сыл көҥүлэ быһылла сылдьыбыта. Онтон Зоя диэн кыыһы улаханнык эккирэтэн, кэргэн ылан, этэҥҥэ олорон испитэ. Биир тэрилтэҕэ өр үлэлээбэт, барыта «миэнэ буолбатах» диэн тылланан уурайан, устунан дьиэҕэ олорор буолбута. Кэргэнэ утуу-субуу икки уолу төрөтөн, иккилии үлэҕэ үлэлиирэ. Ылдьаа таах олорортон сылайан, аны вахтовай ньыманан үлэлиир аатыран ыйы-ыйдаан дьиэтигэр көстүбэт буолбута. Уонча сыл оннук биир миэстэҕэ бүгэн олорботоҕо. Төрдүс уоллара күн сирин көрбүтүн кэннэ, Ылдьаа дьэ, хайдах эрэ түспэтийбит курдук буолбута даҕаны, аһыы утахха улам-улам күүскэ ылларан, дьиэтигэр мэлдьи иһэр буолбута. Зоя барахсан оҕо эрдэҕиттэн доруобуйата мөлтөх буолан, кэлин ыарытыйан үлэтиттэн уурайбыта, дьиэҕэ олорон ону-маны баайан, үүнээйи олордон эбии харчыланара.

Уолаттары иитиигэ Ылдьаа кылаата кыра этэ. Куруук арыгы доҕордоох аҕаларын уолаттар да улаханнык сэргээбэт курдуктара. Сыл-хонук ааһан, Ылдьаа кустуу барааччы буолан, улахан уолун илдьэ барбыта. Эр дьон мустубучча «сезон аһан» кустуу сылдьыахтара баара дуо? Өйө суох барыахтарыгар диэри «аһаабыттара». Ол быыһыгар Ылдьаа уола Куока, оскуоланы бүтэрбит киһи, эмиэ амсайдаҕа дии! Итирбит киһи иирбиккэ дылы, Куока эрэйдээх сааны былдьаһан, мүччү тутан, улаханнык дэҥнэнэн, балыыһаҕа сытан өр буолбатаҕа, эдэр уол сырдык тыына быстаахтаабыта. Ийэтэ эрэйдээх төһөлөөх иэдэйбитэ буолла! Ылдьаа бэйэтин буруйдааҕынан ааҕан, арыгыттан кыккыраччы аккаастаммыта. Оҕолорун сүтэрбит дьон кэм-кэрдии аастаҕын аайы арыый сүтүктэрин ыарыыта сыппаабыкка дылы буолбута.

Ылдьаа кулуупка харабылынан, ону таһынан араас быстах үлэҕэ үлэлээн, харчы аҕалар буолбута. Барыта этэҥҥэ этэ. Зоя кэргэниттэн сэмээр иһигэр үөрэрэ. Ортоку уол оскуоланы бүтэрэн, үөрэххэ киирбэккэ, уора-кистии арыгы атыылыыр буолбута. Ийэтэ утара сатаабыта да, Ылдьаа: «Эргинэн, харчылана түһэн баран, тохтуо буоллаҕа», — диэн ийэлэрин саҥардыбатаҕа. Нэһилиэккэ арыгы иһиэн баҕалаах элбэх буоллаҕа. Түүннэри-күнүстэри Киэсиги ыйытан, дьонун сүгүн олордубат буолбуттара. Зоя түүн аайы утуйбакка ыарыыта бэргээн, отой да сытынан кэбиспитэ. Аҕыйах ый буолаат, эмискэ сүрэҕэ тохтоон, ыал ийэтэ суох хаалбыттара. Аны дьиэ иһэ минньигэс алаадьы сытынан, элбэх үүнээйинэн туолбат буолбута.

Киэсик эргиэнин тохтоппутун үрдүнэн, «килийиэннэрэ» арахпаттара, өссө сааналлара. Ылдьаа кураанахсыйбыт дьиэҕэ кута-сүрэ тохтообот, көстүбэт, уолаттар улааттылар диэн аанньа ахтыбат да буолан барбыта. Үс уол үһүөн бэйэлэрэ олорбуттара. Иккитэ ПТУ-га үөрэнэн, хата бырабаа ылан, үлэҕэ киирбиттэрэ. Киэсик ойохтонобун диэн атын улууска көспүтэ. Ылдьаа икки уолун кытта бэйэтэ хаалбыта. Соҕотоҕун хааллаҕына, хаартыскалаах альбомнарын ылан, ким да суоҕар оргууй көрөн, ытамньыйан ылара.

Кыра уол Ромка тэрилтэҕэ суоппардыы сылдьан, сарбыйыыга түбэһэн, үлэтэ суох сылдьыбыта. Саарбах табаарыстарданан, массыына уоран, киһи эчэйиилээх саахалы таһааран, хаайыыга киирбитэ. Оттон Баанньыска этэҥҥэ ойохтонон, ыал аҕата буолаары сылдьар. Онон Ылдьаа улахан дьиэтигэр соҕотох хаалан, мэктиэтигэр уҥуоҕунан да кыччаабыкка дылы.

Кэм-кэрдии… Ылдьаа Ромата көҥүлгэ тахсан баран, хаһааҥҥы эрэ табаарыһын кытта сибээстэһэн, кыраныысса таһыгар тахсар буолбута. Аҕата ону утарбатаҕа. Ылдьааҕа ыйга иккитэ Баанньыскатын оҕолоро, сиэннэрэ барахсаттар, кэлэн ыалдьыттаан бараллар. Дьэ оччоҕо оҕонньор барахсан саамай дьоллоох буолар.

Биир күһүҥҥү сарсыарда оҕонньор соҕотоҕун саҥа оргуйбут хара чэйин сыпсырыйа олордоҕуна, уола биирдэ дьиэ ортотугар баар буола түстэ. Туох эрэ буолбут буоллаҕа диэн, Ылдьаа саҥата суох уолун манаан олордо. Баанньалааҕа кредиттэрэ кыайан төлөммөккө, дьиэлэрин атыылыыр буолбуттар, онон манна көһөн кэлэбит диэбитигэр, Ылдьаа санаарҕаабыт харахтарыгар мэктиэтигэр үөрүү кыыма сырдаан ылла. Ол эрэн, кини ситэ истэн баран, соҕотохсуйбут аһыыта өссө бэргээтэ. Кийиит оҕонньору сөбүлээбэт буолан, улуус биир түгэх нэһилиэгэр олохсуйар буолбуттар. Ылдьааҕа синэ биир. Оҕолор, сиэннэр эрэ дьоллоох буоллуннар!

Сааскы сарсыарда үчүгэйэ сүрдээх. Ылдьаа оргууй тайаҕар тирэнэн олоҕуттан тураат, кини тиэргэнигэр оонньуу кэлэн иһэр аттынааҕы оҕолорго сэмээр утары хаамта. Нэһилиэк дьоно оҕонньору олус сөбүлүүллэр, «эһэбит барахсан» диэн ааттыыллар. Аттынааҕы Лүүсэ ый аайы оҕонньор дьиэтин-уотун сууйан-сотон биэрэр, кэргэнэ Оппуонньа Ылдьааны булка сүбэһитинэн илдьэ барар.

Олох диэн киһи таайбат таабырына. Араастаан эрийэр, мускуйар. Ылдьаа сарсыарда аайы ойуур саҕатыттан күлэн-үөрэн тахсар күнү үөрэ көрсөр. Баҕар, бүгүн уолаттарыттан, сиэннэриттэн ким эмэ көрсө кэлээрэй…

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА.

В.ЕГОРОВА уруһуйа.

2013 с.

Читайте дальше