Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан бастакы хомуурга ыҥырыллан сылдьар Александр К. Күндэйэҕэ дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар.
Бастакы сылыгар кини чааһа Херсон хайысхатыгар сылдьыбыта. Бу Бурятияҕа сүүмэрдэммит сибиряктар «Восток» диэн чаастарыгар киирсэр, регулярнай аармыйа биир бастыҥ холбоһуга этэ. Бу манна кини кассетнай буомбалааһыҥҥа түбэһэн, көхсүгэр ыараханнык бааһырбыта. Кыргыһыы хонуутуттан табаарыһа, Уһун Күөл уола Айаал Г. соһон таһаарбыт. Ыраах сиргэ соһор буолан, кааскатын, бронежилетын чэпчэтээри, устубут. «Айаалга махталым улахан», – диэн Саша долгуйа кэпсиир. Новороссийскай госпиталыгар эпэрээссийэни этэҥҥэ ааспыта. Онтон эпэрээссийэтин кэнниттэн аҕата Александр Афанасьевич Ксенофонтов ыарахан ыарыыга охтубутугар, харайса кэлэ сылдьыбыта. Кини ити кэмҥэ “Георгиевскай кириэс 4-с истиэпэннээх” уордьанынан наҕараадаламмыта.
Иккис сылыгар чаастарын Артемовка хайысхатыгар илдьибиттэр . Кинилэр манна «Вагнердар» кэннилэриттэн иккис эшелоҥҥа сытан киирсибиттэр. Кэлин хамандьыыра Александры сатабыллааҕын бэлиэтии көрөн, эдэрдэри сыһыарар буолбута.
«Нууччалар, атын да омуктар кимэн киириигэ киирдэхтэринэ, сахалары бас-көс туталлар. Онон, бэйэ бодобун тардынан дьоһуннаахтык сылдьабын. Дроннары кытары бултаһарбытыгар отделениебытыгар биэстэ эстэр сааны биэрбиттэрэ. Онон куһу бултуур курдук ытабыт. Онно саха уолаттара үчүгэйдэр. Уонна биир саха уола хас да автоматы холбоон, спареннай пулемет оҥорон, хас да дрону суулларбыт диэн кэпсииллэрэ. Гуманитарнай көмө тиһигин быспакка субу-субу сахаларга эрэ кэлэр курдук. Атыттарга суох. Хомойоллор бөҕө. Биир өлүүгэ сылдьар дьон туох кэлбитинэн бары үллэстэбит. Баһыылкаҕа саха саныыра барыта баар буолар. Аһылык өттүнэн эттэххэ: ыыһаммыт сылгы этэ, хатарыллыбыт балык арааһа, таба этэ… Биирдэ тайах мыысаһыгар түбэспитим. Артемовка хайысхатыгар сылдьан, иккиһин ыараханнык бааһырдым. Хамандьыырым «к»-ны хайаан да булан таһаарыҥ диэн, квадроцикллаах уолаттары ыыппыт этэ. Ити «к» диэн позывнойум. Москва госпиталыгар уопуттаах хирурдар эмтээн атахпар туруорбуттара. Американскай сэнэрээт үлтүркэйэ сүрэхпин таарыйан, кэтэҕэр ааһан, эпэрээссийэлииллэригэр, кинилэргэ да, миэхэ да ыарахан этэ. Ыйтан ордук сыппытым. Утуйар уум быыһыгар арыт үлүгүнэйэрбэр, аҕам хаста да түүлбэр киирбитэ. Кэлин, ийэбин илдьэ кэлэр буолбута. Госпиталтан тахсаат, уоппускабар Дьокуускайынан эргийэн, дойдубар кэллим. Аҕам уҥуоҕун мраморынан сакаастаан, аҕыраадатын кытта оҥотторон аҕаллым. Аймахтарым, атастарым көмөлөрүнэн туруордубут. Аҕам Александр Афанасьевич оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, оройуон спартакиадатыгар сүүрүүгэ чөмпүйүөннээн, Манчаарыга сүүрэ сылдьыбыта. Ол көрдөрүүтүнэн, ЯПУ-га киирэн үөрэммитэ. «Тойбохой» сопхуос чөмпүйүөн ыанньыксыта, хомуньуус этэ. Ол кэмҥэ Маар Күөлгэ олорбуппут. Дьэ, тапталлаах аҕам уҥуоххун туруордум. Итиэннэ түүлбэр мээнэ кииримэ. Эмиэ Украина толоонугар сылдьар бииргэ төрөөбүт быраатым Константины кытта этэҥҥэ сылдьыахпыт. Бу сотору син-биир чааспар барыахтаахпын. Үсүһүн барабын. Саха уола саадаҕын үстэ курданар..», – диэн Александр аҕатын уҥуоҕун туруоран баран, чуумпуран олорон эппитэ.
Александрга анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ дастабырыанньаны туттарбыттара. «Эһиил Улуу Кыайыы 80 сылыгар наҕараадаҕа түһэриллибит Суворовыҥ мэтээлин кэтэн кэлээр, аттаах тумулга көрсүөхпүт» диэн биир дойдулаахтара алгыы хааллыбыт.
Николай Егоров,
Күндэйэ.