Аттаах айанньыттарбыт Перевоз бөһүөлэги аастылар

Хадан олохтоохторо Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Монголияҕа бэйэлэрин аттарынан уһун айаҥҥа туруммуттара. Бу аҕыйах хонуктааҕыта айанньыттарбыт сибээскэ тахса сырыттылар. Билигин кинилэр Бодойбо диэки айан суолларын туттулар. Хадан нэһилиэгин баһылыга Андрей Оконешников кэпсиир: «Айанньыттарбыт Бодойбо оройуонугар киирсэр Перевоз диэн бөһүөлэккэ аттарыгар боккуоба (подкова) кэтэртибит диэн иһитиннэрбиттэрэ. Геннадийдаах Роман доруобуйалара этэҥҥэ. Аттара эмиэ үчүгэй туруктаахтар. Настарыанньалара өрө көтөҕүллүүлээх. Айаҥҥа туттар маллара, астара барыта тиийэр. Аара суолга кыра дэриэбинэлэр, тохтобуллар бааллар үһү. Дьоммутун олохтоохтор, суолга айанньыттар үчүгэйдик көрсөллөр. Айылҕаҕа да хоммут түгэннэрэ элбэх. Курдары ойуурунан түһүнэн иһэн аттара ууга түһэ сыһан төттөрү суолга тахсыбыттара. Дьоммут сибээскэ таҕыстылар да чугас дьонноругар, миэхэ биллэллэр. Графиктарыттар улахан халбаҥнааһын суох”. Санатан этэр буоллахха, Перевоз бөһүөлэктэн Бодойбоҕо диэри 300 км. Айанньыттарбыт күҥҥэ 30 км айанныыллар. Онон сотору кэминэн сибээскэ тахсалларын күүтэбит.

Мира АФАНАСЬЕВА