Улаханныын, кыралыын бары минньигэс бурдук аһы сиирбитин олуһун сөбүлүүбүт. Биллиилээх асчыттарынан эр дьон буолар. Кинилэр астара ураты минньигэстик сатанарын кэрэ аҥардар бары билинэбит. Бүгүн, кондитер күнэ бэлиэтэнэр. Манна сөп түбэһиннэрэн Сунтаарга соҕотох кондитер идэлээх эр киһини- Владимир Ивановы кытта кэпсэттибит. Кини былдьаһыкка сылдьар асчыт. Аан бастаан Сунтаарга сып-сымнаҕас суфлелаах, айахха киирэн ууллан хаалар “Птичай» туорду астаан тарҕаппыта, амсаппыта. Бу мааны аска тиксээри сунтаардар элбэхтик уһун уочаракка турбуппут. Бу туорт кистэлэҥин элбэх киһи билэ сатыыр. Идэтигэр бэриниилээх Владимир Иванов ас эйгэтигэр үлэлээбитэ 20-тэн тахса сыл буолла.
— Үтүө күнүнэн, Владимир! Эн ас эйгэтигэр хайдах сыстыбыккыный? Ханна, хайдах үлэҕин саҕалаабыккыный?
— Мин астыырбын оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Ас астыырга дьону көрөн үөрэммитим. Хас биирдии киһиэхэ ураты талааннаах дииллэр. Миэхэ ас астыыр талаан сыстыбыт дии саныыбын. Бу аска бачча барсар, маны куттахха ас амтана өссө тупсуо диэн удумаҕалаппакка билэбин. Бастаан 2000 сылга бэс ыйыгар сайыҥҥы үлэ лааҕырыгар асчытынан үлэлии киирбитим, ол кэннэ балаҕан ыйыгар Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтигэр биэкэрдээбитим. Ол саҕана Розалия Дмитрьевна Егорова-Кондитер Роза үлэлиирэ. Кини мин аска сыстаҕаспын бэлиэтии көрөн ас эйгэтигэр сыһыарбыт киһим буолар. Киниттэн элбэххэ үөрэммитим. Уһуйааччым диэн киэн тутта ааттыыбын.
— Билигин ханна үлэлиигин?
— «Корона» производственнай сыаҕыгар үлэлиибин. Кэлэктиибим эдэр дьон буолан, билигин бэйэм дьону ас астыырга үөрэтэбин.
— Үлэҥ чааһа хастан саҕаланарый?
— Үлэм сарсыарда 8 чаастан саҕаланар. Аан бастаан күннээҕи былаан суруйабын, ханна туох сакаас баарын көрөбүн. Күннээҕи былааным хайдах туоларынан үлэлээн бүтэбин. Хойукка диэри үлэлээбит түгэннэрдээхпин. Билигин сыахпытыгар аҕыспыт — икки повар, биир биэкэр, биир кондитер көмөлөһөөччүтэ уонна түөрт кондитер, нэдиэлэҕэ икки күн сынньанабыт.
—Дьиэ кэргэниҥ үлэҕин төһө өйүүр?
— Дьиэ кэргэним- тыылым. Билиҥҥээҥҥи диэри ким да атын үлэни бул дии илик. Оҕолорум бу идэҕэ сысталлара буоллар туох да куһаҕана суох буолуо этэ.
— Фирменнай аһыҥ. Ордук туох эйиэхэ сатанарый?
— Бу фирменнай аһым диэн этэр кыаҕым суох, астыыр аһым элбэх буоллаҕа. Ордук сатыыр аһым диэн суоҕун кэриэтэ, уопсайынан ас киһи ис туругуттан, хайдах санаалааххыттан табыллар, холобур үөрэ-көтө сырыттахха ордук үчүгэйдик табыллар, минньийэр. Туохтан эрэ майгыҥ алдьана, санааҥ түһэ сылдьар кэмигэр мэлдьи сатанар да аһыҥ табыллыбат. Ол иһин, мэлдьи этэбин — асчыты хомотумаҥ, кыыһырдымаҥ диэн.
— Онтон “Птичай» туордуҥ кистэлэҥин арыйаҕын дуо?
— Туох кистэлэҥэ кэлиэй, оҕо сылдьан почтанан кинигэ суруттарар этим, биирдэ рецептэрдээх кинигэ бөҕө суруттаран ийэбиттэн мөҕүллүбүттээхпин. Асчыт буоларбын түүйэн суруттарбытым буолуо. Саатар элбэҕэ бөҕө, рецептэрдээх сыалай биэс кинигэ. Кэлин ол кинигэлэртэн «Торты на любой вкус» диэн сериятын көрө олорон «Птичье молоко по ГОСТу» диэн рецеби булан, онон астаан көрөн үөрэнэн билиҥҥэ диэри астыы сылдьабын. Биллэн турар бастаан отой сатамматаҕа, иккистээн эмиэ сатамматаҕа, ньоҕойдоһон син үөрэнэн, сатыыр буолбутум.
— Идэҕин төһө сөбүлүүгүн?
— Сөбүлээн буоллаҕа, арыт сылайдахпына туох эрэйдээх идэтин талбытым буолла диибин ээ… Бу “Коронаҕа” үлэлиэм иннинэ Толоон нэһилиэгин кулуубугар уус-уран салайааччынан үлэлээбитим, онно ас астыырбын суохтуур этим. Ол иһин, үлэм кэннэ биир тэрилтэҕэ кондитерынан киэһэ өттүгэр үлэлии сылдьыбытым.
— Бэйэҥ айбыт бүлүүдэлээххин дуо?
— Син айа-тута сатыыбыт. “Рогалики” диэни айбытым диэхпин сөбө дуу… Арай тиэстэ ордон хаалла, син элбэх этэ. Хайдах быраҕан кэбиһиэхпиний диэн, ону-маны эбэ түһэн баран рогалик оҥорбутум. Ону дьон сөбүлээн хас күн ахсын сакаастыыр буолан барбыттара.
-Эн көрүүгэр, билигин кондитер идэтэ төһө наадалааҕый, дьон кондитер идэтин баһылыыр дуо?
— Кондитер идэлээх дьон син баар. Ол эрэн, кэлиҥҥи кэмҥэ тэрилтэҕэ киирэн үлэлиэн баҕалаах дьон аҕыйах. Үксүн сатыахпыт суоҕа диэн куттаналлар. Үлэтэ ыарахан дии саныыллар, ол иһин толлоллор. Арыт үлэһиккэ наадыйдахха үлэлиэн баҕалаахтар көстүбэттэрэ хомотор. Дьон баарын тухары асчыт идэтэ наадалаах.
Кэпсэттэ Мира АФАНАСЬЕВА