А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолаҕа экологическай хайысхалаах «Арчы» лааҕыр үлэлээбитэ быйыл 26-с сезона. Лааҕыр начальнига Антонина Прокопьева, иитээччи Ирина Сивцева, медик Тамара Степанова оҕолору сахалыы тыыҥҥа, ийэ тылы иҥэриигэ, эт-хаан өттүнэн сайдыыга болҕомто ууран үлэлээтилэр. Олоҥхо эйгэтин кытары дьүөрэлии айылҕаны харыстааһынтан саҕалаан киэҥ хабааннаах иитэр-үөрэтэр лааҕырга быйыл 20 оҕо сырытта.
Билиҥҥи үйэҕэ оҕо төрөөбүт тылын, омугун култууратын, үгэстэрин, итэҕэлин билиэхтээх. Саха норуота үйэлэр тухары мунньубут баайа – тылынан уус-уран айымньыта, итэҕэлэ, тулалаан турар айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыанын үгэстэрэ буолаллар. Олоҥхо иитэр-үөрэтэр суолтатынан педагогическай энциклопедияҕа тэҥнэһэр диэххэ сөп. Манна төрөөбүт сиргэ, өбүгэлэргэ, төрөппүттэргэ, аҕа саастаахтарга дириҥ ытыктабыл, айылҕаҕа, үгэстэргэ сүгүрүйүү барыта баар.
Сыл аайы буоларын курдук, лааҕыр саҕаланыаҕыттан оҕолор территорияны көҕөрдөөһүҥҥэ үлэлэстилэр. Сибэкки олордон уу куттулар, оскуола буолатыгар хортуоска олордустулар. Лааҕыртан 7-с кылаас үөрэнээччитэ Кэскил Прокопьев «Бартыһаан» искибиэригэр олордуллубут сибэккилэргэ уу кутан, сыыс оттоон үчүгэйдик үлэлээтэ.
Лааҕыр дьарыктарын, тэрээһиннэрин, улуустааҕы лааҕырдар сүлүөттэригэр, ыһыахха, куоҥкурустарга кыттыылары, оскуолаҕа дьарыктары барытын иитээччи Ирина Сивцева, начальник Антонина Прокопьева иилээн-саҕалаан, сүбэлээн, салайан бырагыраама биир кэлимник, былаан туолан иһэригэр сүрүн күүс буоллулар.
Лааҕыр оҕолоругар С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин исписэлиистэрэ бэсиэдэлэри, маастар-кылаастары, сахалыы дорҕоонноохтук ааҕарга, тойукка, оһуокайга дьарыктары ыыттылар. Быыһыгар мусуойдарга экскурсияҕа сырыттылар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр олоҥхоһут Наталья Эконова оҕолорго сахалыы норуот ырыаларын, олоҥхону сатаан истэргэ, толорорго дьарыктары ыытта, оһуокайдьыт Мария Тараярова оҕолору аатырбыт Сунтаарбыт пааркатыгар илдьэн оһуокайга, сиэр-туом, үгэстэр тустарынан интэриэһинэй дьарыктары оҥордо. С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин исписэлиистэрэ эмиэ бэрт интэриэһинэй маастар-кылаастары биэрэн, олоҥхо туһунан сырдатан, быыстапкалары көрдөрөн эмиэ олус наадалаах билиини иҥэрдилэр.
Лааҕыр биир сүрүн тэрээһининэн култуура үлэһиттэрэ Николай Байанаев, Галина Самойлова улуустааҕы ыһыахха кымыс иһиитин уонна Айыыһыты кытта Иэйэхсит Хотуну көрсүү сиэригэр-туомугар оҕолору кытыннарбыттара буолла. Ону таһынан биир дойдулаахпыт Наталья Михалева-Сайа айымньыларынан хоһоон ааҕыытын, уруһуй күрэхтэригэр, ыһыах аһыллыытыгар актыыбынай кыттыыны ылбыттара умнуллубат өйдөбүл буолбута саарбаҕа суох.
Оҕолор лааҕырга сылдьан төрөөбүт норуоттарын историятын, култууратын, итэҕэлин, үгэстэрин тустарынан элбэҕи биллилэр, сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык уонна интэриэһинэйдик атаардылар.
Александра ПАВЛОВА (Николаева)