Арассыыйа уонна Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтэ 75 сыллаах дипломатическай сыһыаннарыгар анаммыт тур-экспедицияҕа кытыннылар

Бу оскуола үөрэнээччилэригэр бастакытын ыытыллар култуура, туризм экспедицитятын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай уокурук Саха Сиринээҕи Бастайааннай бэрэстэбиитилистибэтэ, КНР Хабаровскайдааҕы Генеральнай консульствота, ону таһынан КНР Ляонинь провинциятын тас дьыала Канцелярията буолан үлэлэһэн тэрийбиттэрэ.

Манна атырдьах ыйын 20-27 күннэригэр Саха сириттэн 15 оҕо, ол иһигэр Сунтаартан 2 үөрэнээччи Эртюкова Анастасия (Сунтаардааҕы лицей), Васильева Аэлита (Кутана орто оскуолата), Ленскэйтэн, Хаҥаластан уонна Дьокуускай куорат оскуолаларыттан бардылар.

Оҕолору сүүмэрдээһин быһыытынан таллылар.  Ол курдук кытай тылын олимпиадатыгар, күрэхтэргэ, Кытай историятын уонна култууратын куоҥкурустарыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолор бардылар.

Владивосток куоракка тиийэн оҕолор Дьоппуон муора кытылыгар турар «Юнга» лааҕырга түспүттэрэ. Манна оҕолорго сарсыардааҥҥы сэрээккэ, интэриэһинэй дьарыктар, киэһээҥҥи тэрээһиннэр тэриллибиттэрэ.

Атырдьах ыйын 19 күнүгэр тур-экспедиция кыттыылахтара Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай уокурук Саха Сиринээҕи бэрэстэбиитилистибэтин  Ким Александрович Борисовы кытта көрсүбүттэрэ.

Барыл быһыытынан  Далянь уонна Шеньян  куораттарга сырыттылар. Кытай Шэньян педагогическай университетын уонна Шэньян омук тылын оскуолатын оҕолорун кытта көрсөн, живописька, иероглибынан сурукка маастар-кылаастар буоллулар, ону тэҥэ наука уонна билим мусуойдарын билсиһии (Ляонинь палеонтологияҕа, наука уонна тиэхиньикэ мусуойа, Далянь куоракка айылҕа мусуойа уо.д.а), кэрэхсэбиллээх култуурунай уонна историческай сирдэрин билсиһии (Шэньян куорат Гугун Двореһын, Лаобэй эргэ куората уо.д.а.).

Бу күннэргэ оҕолор Ляонинь провинция салалтатын тас дьыала салайааччытын Ваны уонна Шеньян педагогическай университетын преподователларын, устудьуоннарын кытары көрүстүлэр. Манна оҕолор хомуска оонньоон, оһуокайдаан, үҥкүүлээн бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр.

Бу маннык бырагыраамма маҥнайгытын ыытыллар буолан, инники сылларга Аан дойду ситимин чэрчилиир, Саха сирэ уонна Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтэ оскуола уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар бииргэ үлэлэһиилэригэр инники хардыылар оҥоһулуннулар.

Улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин отдела