Арассыыйа Дьоруойа ааты Сунтаар уолугар иҥэрэри туруорсаллар

Соторутааҕыта Запорожье хайысхатынан ВСУ атаакалыыр байыаннай тиэхиньикэтин колоннатын соҕотоҕун сууһарбыт, кимэн киириини утарбыт «Алеша» тааҥка экипаһын байыастарын аҕыйах хонуктааҕыта Арассыыйа Дьоруойа наҕараадаҕа түһэрдилэр диэн үөрүүлээх сонуну истибиппит. Атааканы утарыы кыраҕы ытааччытынан саха уола – наводчик-оператор – Алексей Неустроев буоларынан биир дойдулаахтара киэн тутта истибиппит.
Кэлин социальнай ситимнэргэ «бу киирсиигэ “Алеша” тааҥка экипаһыгар өссө биир саха уола баар этэ» диэн информация тарҕанна. Онно кэпсэнэринэн, Сунтаар Күндэйэтиттэн төрүттээх Филипп Евсеев атаакалааһыны утарыы кэмигэр, бааһырыан иннинэ, механик-водитель эбээһинэһин толорбут. Тэлэбиидэнньэ уста кэлэригэр, бааһырбыт буолан, суох буолан биэрбит. Инньэ гынан, экипаж биир бойобуой байыаһын аата этиллибэккэ умнууга хаалбыт курдук.
Кэнники күннэргэ Саха сирин уопсастыбанньыктара, Филипп биир полкалаахтара, бииргэ сулууспалааччылара, биир дойдулаахтара бу информацияны чопчулуурга, чахчы буоллаҕына, уолбут экипаһын кытта тэҥҥэ тустаах наҕарааданан бэлиэтэнэрэ сөптөөҕүн туруорсан эрэллэр. Күндэйэ, Сунтаар нэһилиэктэрин баһылыктара бу боппруоска чуолкайдаһыы үлэтин ыыта сылдьаллар. Бу иннинэ атырдьах ыйын 7 күнүгэр Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Саха сирин постпредыгар Андрей Федотовка бу туһунан чопчу официальнай информацияны нэһилиэнньэҕэ тиэрдэллэригэр көрдөһүү сурук ыыппыта.
Информация чопчуланарын бары да долгуйа күүтэбит.

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше