Арассыыйа былааҕын туһунан куйаар ситимиттэн интэриэһинэй чахчылар

Сиэрпэлээх өтүйэ ойуулаах уот кыһыл былааҕы солбуйан, Арассыыйа үс (үрүҥ, халлаан күөҕэ уонна кыһыл) өҥнөөх былааҕа 1991 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр Москваҕа Үрүҥ Дьиэ үрдүнэн  ыйаммыта.
Арассыыйа былааҕа хас биирдии өҥө бэйэтэ туспа суолталаах диэн быһаараллар. Маҥан өҥ ыраас санааны, халлаан күөҕэ — чиэһинэй уонна эрэллээх буолууну, оттон кыһыл — хорсун, эрдээх санааны итиэннэ Аҕа дойду иһин тохтубут хааны көрдөрөрүн этэллэр.
Дойду былааҕын санаатахпыт аайы  араас сиргэ  уруһуйдуур, туттар сөбө суох эбит. Ол эрэн, федеральнай сокуон былааҕы уруһуйдуурга хааччахтары туруорбат.  Ол курдук, былаах  кыһыл уонна халлаан күөх өҥнөрүн туттарга  ГОСТунан 51130-98 бигэргэммит кырааскалар бааллар.  Pantone, RGB, HTML системаҕа анал дойду былааҕын өҥүн кодтара баарын ыйаллар.
Дойду былааҕын күлүү-элэк оҥостуу сокуонунан көҥүллэммэт. Ол курдук, РФ УК 329 ыст. этэринэн, биир сылга көҥүл быстыан сөп. Онон «Оонньообутун оҕус буолуо» диэн саха бэргэн этиитэ бу чахчыга олус барсар.
Хомойуох иһин, ардыгар дойду былааҕын өҥүн сыыһа-халты сааһылаан туттуу баар. Киһи мэйиитэ сөхтөрөр – күннэтэ көрөр былаахпытын тута өҥүн сааһылаан эппэппит. Холобура, бары билэр “КГБ” диэн аббревиатураны  алларааттан үөһэ (Белый, голубой, красный) санаатахха былаахпыт сөп өҥүн таһаарабыт.
Дойду саамай улахан былаахтара 2014 сыллаахха Омск куоракка маҕан, халлаан күөх, кыһыл өҥнөөх массыыналарынан дойду былааҕын оҥорбуттара элбэх дьон болҕомтотун тардыбыта. Үлүгэр элбэх тимир көлө Дойду былааҕын күнүгэр болуоссакка бииргэ мустан үөһэттэн  хаартыскаҕа түспүт көстүүлэрэ көрүөхтэн кэрэ буолбут. Бу рекорду сиппиттэрэ бэлиэтэнэ илик.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Дойду былааҕын саамай улахан көстүүтэ икки түгэнэ бэлиэтэнэр. Ол курдук, аан бастаан Чечня өрөспүүбүлүкэтигэр 2011 сыллаахха бэлиэтэммит. Болотуна иэнэ 150 квадратнай миэтирэҕэ тэҥнэспит, флагшток уһуна 70 миэтирэҕэ тиийбит. Иккис улахан былааҕы 2013 сыллааха Владивосток куоракка баар баараҕай муостаҕа 30 тыһыынча олохтоох дьон маҕан, халлаан күөх, кыһыл кыра былаахтары тутан биир улахан 707 миэтирэҕэ тиийэр былааҕы таһаарбыттар. Бу флешмоб аан дойду Гиннеһын рекордугар киирбитэ.
Биһиги олохтоохтортон Арассыыйа былааҕын туһунан тугу билэҕин? диэн ыйытык оҥордубут.
Улуус киинигэр үөрэх тэрилин атыылаһа, доҕотторун кытары көрсүһэ киирэ сылдьар Ваня:
Арассыыйа былааҕын күнүн биһиги дойдубут сылын аайы бэлиэтиир. Биһиги нэһилиэкпитигэр бу бэлиэ күҥҥэ анаан флешмоб буолааччы. Онно лааҕырга сылдьаммын кыттааччыбын. Дьиҥэр, араас литэрэтиирэттэн, интэриниэттэн ааҕан, үрдүкү кылаас оҕолоро судаарыстыбыт былаааҕын туһунан элбэҕи билэбит. Оттон субу билигин соһуччу ыйытыыга  эппиэттиир буоллахпына, дойдубут былааҕа үс өҥнөөҕүн чуолкай билэбин уонна хас биирдии өҥө тус-туһунан  — ыраас санаа, эрэллээх, хорсун буолуу диэн суолталаахтарын үчүгэйдик өйдүү сылдьабын.
Светлана Михайловна, биэнсийэлээх:
– Бүгүн Арассыыйа былааҕын күнэ. Биһиги дойдубут модунун, күүстээҕин, биир сомоҕо буоларын биллэрэр былаахпыт үс өҥнөөҕө туоһулуур.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата

 

Читайте дальше