Күндү биһиги бэтэрээннэрбит, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит, эрэдээксийэлэр кэлэктииптэрэ уонна биһиги эрэллээх ааҕааччыларбыт, эһигини Арассыыйа Бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Саҥа технология үйэтэ үгэннээн турар кэмигэр, биһиги кумааҕы хаһыаппытын ааҕааччыларбытыгар оҥорон-таҥан, суруйан-бичийэн, тупсаран, таһааран тиэрдэ олоробут. Хаһыат баар, хаһыат тыыннаах. Тугунан да солбуллубат, күндү дьикти ураты бэлэх буолан, ааҕааччытыгар быйыл сылы эргиччи эмиэ тиийэ туруоҕа диэн эрэннэрэбит. Билигин хаһыат барахсаҥҥа туох барыта утары курдук: почта тириэрдэр уустуктара, бэчээттиир тэриллэр эргэриилэрэ, кырааска уонна кумааҕы сыаналарын ыарааһына, ыччат көлүөнэ аахпат, наадыйбат буолуута. Ол эрэн, маннык ыарахаттары туораан, Сахабыт сирин Ил Дарханын быһаччы өйөбүлүнэн, норуот дьокутааттарын өйөбүллэринэн, тылы хараанныыр, дьону түмэр-көҕүлүүр кумааҕы хаһыат олоҕо салҕанар. Хас биирдии улуус хаһыата нэдиэлэҕэ биирдэ тахсар. Күндү ааҕааччыларбыт, кытаатыҥ, хаһыаккытын сурутуҥ, төрөөбүт тылбытынан бэйэ хаһыатын ааҕар дьолун өссө да өр сылларга салгыаҕыҥ.
Ааҕааччыларга хаһыат историятын кэмнэрэ саҕаламмытын сыаналыырга, оттон эрэдээксийэҕэ – хас биирдии тылы ыйааһыннаан көрөргө ыҥырабын: суруллубут – үйэ-саас суоруллубат.
Биһиги технологиялар үйэлэригэр олоробут, онон ситимнээн эрэдээксийэ үлэтин кэҥэттэ. Социальнай ситимнэргэ эмиэ көхтөөх үлэни ыытар. Статистика көрдөрөрүнэн, күн бүгүн дьон сонуну бастакынан социальнай ситимнэртэн ылаллар. Бэрт кылгас кэмҥэ эрэдээксийэ үлэтин тэтимэ уларыйда. Сонуннар итиилии биһиги Телеграм, ВКонтакте, Одноклассники пабликтарбытыгар тахса тураллар. Манна сурутуҥ, олох тэтимин кытта бииргэ хардыылааҥ.
Эрэдээксийэ үлэһиттэрэ, суруналыыстар бүгүн олох үөһүгэр сылдьаллар: элбэхтэн туһалааҕын булан, кыһалҕалары быһаарыыга, кэрэни кэрэхсииргэ, улуус дьонун-сэргэтин, олоҕун-дьаһаҕын сырдатыыга, улуус киэҥ эйгэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөскэтэр өйдөбүллэрин оҥорон таһаарыыга. Быйыл иннибитигэр улахан соруктар тураллар, сыл элбэх улахан событиеларынан туолуоҕа, саҥа бырайыактары саҕалыыбыт, өссө тупсабыт, кэҥиибит, интэриэһинэй буолабыт!
Күндү эрэдээксийэ үлэһиттэрэ! Эһиэхэ күүрээннээх айар үлэни, саҥа сүүрээннэри, сурутуу уонна көрүү-ааҕыы ахсаана үрдээһинин, саҥа ааҕааччылары уонна көрөөччүлэри баҕарабын!
Дьолу, бөҕө доруобуйаны, уостубат уйгуну, или-эйэни – эһиэхэ хас биирдиигитигэр уонна эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр!
Ньургуйаана СТРУЧКОВА, «Сахабэчээт» САТ генеральнай дириэктэрэ