Елисей Васильевич Попов ааспыт дьалхааннаах сүүрбэһис үйэҕэ Сунтаар улууһун историятыгар биллэр суолу – ииһи хаалларбыт киһи этэ. Кини суруйан хаалларбыт ахтыыларыгар Сунтаар-Хочо улуустарыгар советскай былаас олохтонуута уонна повстанчество кэмэ ырылхайдык сырдатыллыбыта. Аҕыйах докумуону Г.Е.Бессонов көрдөһүүтүнэн Тойбохой түмэлигэр туттарбытттаах, кини туһунан кылгас да буоллар И.Г. Константинов суруйуута эмиэ баар. Оттон уонна икки төгүл кэргэннэнэн тэниппит ыччаттара Сунтаарынан, Дьокуускайынан тарҕанан олорон кини олоҕун салҕыыллар.
Оҕо сааһа
Елисей Васильевич Попов 1895 сыллаахха Ньурба Куочайыгар төрөөбүт. И.Г. Константинов суруйарынан 3 ыйдааҕар Елисейи төрөппүттэрэ Попов Василий Павлович диэн таҥара дьиэтин лөчүөгэр ииттэрэ биэрбиттэр. Бүлүүчээн таҥаратын дьиэтин 1908 с Клировай биэдэмэһигэр 64 саастаах Василий аҕабыыт дьиэ кэргэнигэр Дьокуускайга духовнай училищеҕа үөрэнэр иитиллибит уоллара 13 саастаах Елисей ахтыллар[1].
Семен Григорьев «Төрүттэрбит уонна биһиги» диэн кинигэтигэр Попов Василий Павлович-Баһылай Аҕабыыт (Уус Баһылай) туһунан маннык киллэрбит: “Иркутскайтан төрүттээх нуучча киһитэ. Ыраастык сахалыы саҥарара үһү. Бүлүүчээннээҕи Николаевскай таҥара дьиэтин сирин, маһын бүтүннүүтүн тус бэйэтэ хонтуруоллаан туттарбыт. Таҥара дьиэтэ аһыллыаҕыттан, ол эбэтэр 1897 сылтан, аҕабыытынан үлэлээбит. 1903-1907 сс. Бүлүүчээҥҥэ ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйэ буола сылдьыбыт. Кини аҕабыытын таһынан Сунтаарга, Бүлүүчээҥҥэ улахан уус быһыытынан биллибит. Уһанар тэрилин соҕурууттан сурутан ылара үһү. Кэргэнэ — Мария Петровна. Уопсайа 12 оҕоломмут. Оҕолоро: Василий, Варвара(1878), Елисей. Баһылай аҕабыыт 1911 сыллаахха 63 сааһыгар өлбүт. Бүлүүчээн таҥаратын дьиэтин аҕыраадатыгар көмүллүбүт. Кэргэнэ 1922 с. Сунтаарга өлбүт.”[2]
“Елисей Васильевич Бүлүүчээҥҥэ начаалынай оскуоланы бүтэрэригэр аҕата Василий Попов эмискэ өлөн хаалар. Аҕаларын Бүлүүчээҥҥэ көмөн баран Сунтаарга көһөллөр. Сотору соҕус буолан баран аҕабын духовнай семинарияҕа үөрэттэрэ киллэрэллэр”, — диэн кыыһа Инесса Елисеевна Горохова суруйар.
Өссө биир докумуон, чуолаан «Ведомость о Ботомойской Казанской церкви, находящейся в Вилюйском округе Якутской епархии в селе «Ботомою» за 1914-й год» дьиэ кэргэнин туһунан арыый атын чахчылары кэпсиир. Ол биэдэмэскэ Ботомоойу таҥаратын дьиэтин дьякона Аллараа Халымаҕа төрөөбүт 62 саастаах Василий Семенович Попов дьиэ кэргэнигэр киирбит дьон ахтыллыбыттар — кэргэнэ Йулитта Иннокентьевна 47 саастаах, оҕолоро: 19 саастаах Елисей– Дьокуускайдааҕы фельдшерскэй оскуолаҕа үөрэнэр, Серафим 11 саастаах — Дьокуускайдааҕы духовнай училище үөрэнээччитэ, 18 саастаах Анна — Алексей Ковинин аҕабыыт кэргэнэ, 27 саастаах Татиана- Дьокуускайдааҕы духовнай семинария диакон-экономун Семен Якушков кэргэнэ буоларын туһунан суруллубут. [3] Итинтэн сылыктаатахха, ииппит аҕата өлбүтүн кэннэ Елисей Попов төрөппүт дьонугар төннүбүт.
Елисей Попов духовнай училищеҕа үөрэҕин ситэрбэтэҕэ, 1911 сыллаахха төрдүс кууруска үөрэнэ сылдьан Сибэтиэй Синод ыйыытынан тохтотуллубута. Төрүөтүнэн Михаил Анисимовтыын уонна Иван Зедгенидзевтиин мэниктии сылдьан хайдыбыт таҥара күлүгүн–иконаны уокка бырахпыттара буолбута. Бу дьайыы күүркэтиллэн, иконоборство холобурун курдук сыаналанан уолаттар духовнай үөрэх тэрилтэтигэр үөрэнэр бырааптара быһыллан ууратыллыбыттара. Семинария ректора үтүө санаалаах Ильинскэй сүбэтинэн Елисей Иван Зедгенидзевтиин биэлсэрдэри бэлэмниир оскуолаҕа үөрэнэ бараллар. Быстар дьадаҥы Михаил Анисимов онно үөрэнэр кыаҕа суох буолан, Ильинскэйгэ лакейынан үлэлээн баран эһиилигэр Иркутскайга учуутал семинариятыгар туттарсан үөрэнэ киирэр, кэлин биллиилээх учуутал буолар. Онтон Иван Зедгенидзев аан дойду бастакы сэриитигэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыта, онтон төннүбэтэҕэ.[4]
Биэлсэр үөрэҕэр
1912 сыллаахха Е.В. Попов Дьокуускайдааҕы фельдшерскэй оскуолаҕа үөрэххэ киирэн, ити оскуоланы 1915 сыллаахха бүтэрэн, биэлсэр идэтин ылбыта. Эдэркээн Елисей Попов фельдшерскэй оскуолаҕа үөрэммитин туоһута – икки хаартыска ордон хаалбыт. Ол хаартыскаҕа Дьокуускайдааҕы фельдшерскэй оскуоланы 1915 с. бүтэрбиттэр ортолоругар иккис кэккэҕэ Елисей Попов турар.
Биэлсэр идэлээх Елисей Попов биир сыл Дьокуускай куорат балыыһатыгар биллиилээх быраас Н.Г. Юдин салалтатынан стажировкаланар. Николай Григорьевич үөрэнээччитигэр үтүө сыһыанын туоһутунан «Признательному ученику Елисею Попову от уважающего учителя. Доктор Н.Г. Юдин. Якутск. 28.10.1916» диэн суруктаах бэлэх хаартыската буолар.
Бу икки хаартыска медицинскай колледж үбүлүөйүгэр тахсыбыт “Времен связующая нить” диэн кинигэҕэ история чахчыта буолан киирбиттэр.
Сунтаар биэлсэрэ
1915 сыл ахсынньы 15 күнүгэр Сунтаар балыыһатын саҥа дьиэтин тутар аактаҕа сэтээтэл Горчаковы, староста Искандер Насыровы, бэдэрээтчит Григорий Доценконы кытта 2-с учаастак биэлсэрэ Попов илии баттаабытын архыып докумуоннара кэпсээбиттэр.[5] Бүлүү уокуругун бастакы учаастагын бырааһа 1916 сыл муус устар 16 күнүгэр суруйбутунан “2-с учаастак биэлсэрэ Попов Сунтаар балыыһатыгар олохсуйан ыарыһахтары көрөрүн саҕалаабыт”.
1918 сыллаахха Сунтаар улууһун урукку киинигэр Кутанаҕа Тимофеев Павел Николавич дьиэтигэр фельдшерскэй пуун аһыллыбыта. Елисей Васильевич Кутанаҕа биэлсэринэн ананан, 1924 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Кутанаҕа биэлсэрдээбитин туһунан Н.И. Иванов-Куола учуутал суруйуутуттан манныгы ааҕыахха сөп : “…Кутанаҕа улуус киинэ буолан 1918 с. медпуун аһыллыбыт. Маҥнайгы биэлсэринэн Е.В. Попов үлэлээбитэ. Чугастааҕы Күүкэй, Хаҥалас, Нөөрүктээйи, Бутукай, Мочууһун нэһилиэктэригэр ымынах, харах араас ыарыылара, сэллик сабардаабыт кэмэ этэ. Дьахталлар бары дьиэлэригэр төрүүллэрэ”.[6]
Елисей Васильевич Попов нэһилиэнньэ ортотугар эмп көмөтүн, таҥара, абааһы диэн суоҕун туһунан, итэҕэли утары пропаганданы ыыппыта, баайдар батталларыттан, үөрэҕэ суох хараҥа олохтон социальнай ыарыылар тарҕаналларын кэпсиирэ. Ыарыһахтары кыһамньылаахтык эмтиирэ, соҕотох биэлсэр ыраах учаастактарга ыалдьыбыттарга тымныыга тоҥон, куйааска буһан түүннэри-күнүстэри сылдьара, ыалдьыбыттары эмтиирэ, сүбэлиирэ[7].
Биэлсэр Елисей Попов ол кэмнээҕи үлэтэ архыып докумуоннарыгар маннык көстүбүт:
18 июля 1920 года
Согласно телеграмме от 6 июля с. г. выезжал во 2-й Жарханский наслег Хочинской волости, причем заболеваний брюшным тифом не обнаружилось. Весною, по-видимому, были случаи заболевания брюшным тифом. Смертных случаев было 4.
Ф-р Елисей Попов.
НА РС(Я). Ф.83р.Оп.1. Д.8.
4 сентября 1920 года
В Тюбяйском наслеге всего было заболеваний сибирской язвой 5 случаев, официально удалось зарегистрировать лишь 3 случая. Умер один, другой, наверное, уже умер, трое поправились. Трупы павших животных больными поедались, но заражение, по-видимому, происходило во время вскрытия трупов, т.к. болезнь начиналась в виде pustulamaligna с верхних конечностей.
Ф-р Елисей Попов
НА РС(Я). Ф.83р.Оп.1. Д.8.
Постановление №25
29 декабря 1920 года.
Для проведения в жизнь протокола совещания от 27 с/м о принятии мер к устройству застав против заноса сыпного тифа с Лены и из Олекминска открыть в Сунтаре заразный и изоляционный бараки, возложив заведывание ими на лекпома Перфильева, освободив его от выезда и заведывания участком, возложив таковые на лекпома Кутанинского пункта Попова, назначив временное пребывание его в с.Сунтар. Установить милиционные заставы по трактам, идущим с Лены на Сунтар. Места застав поручается установить лекпому Перфильеву совместно Уполуревкому по Хочинской волости, с тем, чтобы все приезжающие с Лены направлялись милиционерами в Сунтар в изоляционный барак. Установить две заставы по трактам Олекминск-Вилюйск на местность Кетет Мархинской волости и Тобуе Верхне-Вилюйской волости, командировать для заведывания заставами лекпомов Мегежекского пункта Попова и колонии прокаженных Винокурова, первого на Кетет, а второго на Тобую, дав каждому из них по два человека в качестве милиционеров. На расходы по проведению в жизнь вышеизложенных мероприятий, а также на суточные вознаграждения лекпомов Губздравом должен быть открыт кредит, для чего завуздравотделом имеет снестись с Губздравом. Уздравотдел командируемых лиц должен снабдить всем необходимым. Нанятым в качестве милиционеров лицам уплачивать по 2000 р. в месяц. [8]
Зав.отделом Войцехович
За предуревкома/подпись/
НА РС(Я). Ф.83р.Оп.1. Д.8.лл.6-6об
1925-26 сылларга Елисей Васильевич Попов Ньурба балыыһатыгар биэлсэрдээбитэ.
Үчүгэй үлэлээх биэлсэр Саха сирин медицинскэй үлэһиттэрин төрдүс сийиэстэригэр дэлэгээтинэн талылла сылдьыбыттаах. Ону туоһулуур хаартыска дьиэ кэргэн архыыбыгар, оттон дэлэгээт мандаата Тойбохой түмэлигэр хараллыбыттар.
Аҕа дойду Улуу сэриитин сыллларыгар кини үлэтэ тохтооботоҕо, сааһыран да баран үлэтигэр бэриниилээҕин Сунтаар балыыһатын кылаабынай бырааһа Сергеева 1942 сыллаахха биэрбит характеристиката туоһулуур “…Попов Елисей Васильевич на протяжении моего пребывания с 1935 года в Сунтарской райбольнице по настоящее время к работе относился честно и добросовестно. Все назначения врача выполнял аккуратно и как общественник, пользуясь авторитетом от населения и общественных организаций неоднократно премирован, административных взысканий не имеет”[9]. Сунтаар бастакы эмп үлэһиттэриттэн биирдэстэрэ Елисей Васильевич Попов бүтэһик үлэлээбит сирэ-Хадан. Ол туһунан кыыһа Инесса Елисеевна Горохова маннык суруйбут: “1950 сылга Хадан медпунуугар үлэлии кэлэр. Манна кэлэн биһиги ийэбит санитарка Ымычанова Мария Степановналыын холбоһон ыал буолаллар. Маҥнай үлэлиир кэмнэригэр улахан ыарахаттары көрсүбүттэр — медпууннарыгар уокка оттор мастарын ууларын-хаардарын бэйэлэрэ ийэбинээн бэлэмнииллэр эбит, ыҥырыкка көлүнэр атын бэйэтэ көрөр-харайар эбит, онуоха эбии эмп-том тиийбэт кыһалҕата. Ону ол диэбэккэ аҕабыт барахсан түүннэри-күнүстэри, ыарыһахтар ыҥырдылар да тиийэн эмтээбитинэн барара. Киэҥ билиилээх, уоппуттаах биэлсэр Елисей Васильевич элбэх киһини эмтээн атаҕар туруорбута, өлөр өлүүттэн быыһаабыта”.
Инньэ гынан Елисей Попов эдэр сааһыттан биэнсийэҕэ тахсыар диэри 39 сыл устатыгар норуот доруобуйатын харыстабылыгар туох баар сыратын биэрэн үлэлээбит эмп үлэһитэ буолар.
Саҥа былаас көмүскэлигэр
Елисей Васильевич Попов — Сунтаар уонна Хочо улуустарыгар Сэбиэскэй былаас олохтоноругар сыратын-сылбатын, күүһүн-күдэҕин биэрбит дьоннортон биирдэстэрэ.
1917 сыллаахха ыраахтааҕы былааһын суулларбыт олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ туһунан сурахтары Хочо улууһун ыччаттара Тойбохойго өрө күүрүүлээхтик көрсүбүттэрин, ол үөрүүтүгэр олус түргэнник Тойбохойтон Сунтаарга түөрт чааһынан тиийбиттэрин бэйэтин ахтыытыгар суруйбута. Ити сыл сайыныгар Тэрэпиин атыыһыт уола Михаил Трофимович Попов кэлэн оччотооҕу мунаах түгэннэри быһааран биэрбит, учредительнай мунньах туһунан билиһиннэрбит. 1917 сыл бүтэһигэр Сунтаарга аан бастаан тэриллибит потребобществоҕа Елисей Попов ревизком чилиэнинэн талыллыбыт. Аһылыгынан-таҥаһынан хааччыйыы тыҥаан турар кэмигэр тэриллибит продовольственнай хамыыһыйаҕа чилиэн быһыытынан Г.С. Доценконы уонна П.В. Громовы кытта үлэлэспит.
1918 сыл П.Я. Горбунов уонна Г.Г. Попов ыҥырыыларынан Кутанаҕа буолбут улуус мунньаҕар улуус бэйэтин көмүскэнэр сыаллаах этэрээт тэринэрэ наадатын ыйбыттар. Ити тэриллибит этэрээт Сунтаар историятыгар “Лоҥкурдааҕы тоһуур” диэн ааттанан Елисей Васильевич ахтыытынан И.Г. Константинов “Албан аат суолунан” диэн историческай-публицистическай бэлиэтээһиннэрин кинигэтигэр киирбиттэрэ.
И.Г. Константинов салгыы суруйбутунан «1921 сыллаахха ыам ыйын 30 күнүгэр урукку Сунтаар улууһугар Кутанаҕа маҥнайгы партийнай ячейка тэриллибитэ. Елисей Васильевич Попов итиннэ партияҕа киирбитэ, тэрээһин мунньаҕар Е. Попов партия ячейкатын сэкирэтээринэн быыбардаммыта. Саҥа тэриллибит ячейка сэкирэтээрин быһыытынан кылаастар охсуһууларын сытыырхайбыт кэмигэр, Сэбиэскэй былааһы олохтуурга, үлэлээн иитиллээччилэр баай батталыттан босхолоноллоругар элбэх үлэни ыыппыта.
1922 сыллаахха Елисей Попов Сунтаар улууһугар биэлсэринэн уонна партийнай ячейка сэкирэтээринэн үлэлии сырыттаҕына сэбиэскэй былааһы утары үрүҥ баандата өрө турбута. Партиялаахтартан уонна комсомолецтартан бартыһааннар дружиналара тэриллибитэ. Попов Е.В. бартыһаан дружинатыгар штаб начальнигын көмөлөһөөччүтүнэн анаммыта.
Пясталов этэрээтэ Ньурбаҕа ааһарыгар ревком үлэһиттэрин уонна партийнай ячейка сэкирэтээрэ Попову сэбиэскэй былаас дьаһалларын улууска олохтуурга, үрүҥ баанданы утары нэһилиэнньэ ортотугар үлэни ыытарга улууска хаалларбыта. Сайын Е.В. Попову бандьыыттар тутан ылан Тойбохой штабыгар илдьибиттэрэ, бандьыыттар Елисейи өлөрөөрү сырыттахтарына билэр дьонноро мэктиэлээн ылан тыыннаах ордубута”.
“Кини кыһыл этэрээтигэр эмчитинэн сылдьан бандьыыттарга билиэн түбэспитин Строд этэрээтэ кэлэн босхолообутун туһунан кэпсиир этэ. Сунтаарга бандьыыттары кытта араас хапсыһыыларга элбэх эдэр ыччат, комсомолецтар өлбүттэрэ.Олор истэригэр аҕабыт кыра быраата Серафим Попов эмиэ баар. Кини Сунтаар Партизаныгар кыргыһыы хонуутугар охтубут комсомолецтары кытта көмүллэн сытар”-диэн кыыһа Инесса Елисеевна суруйар.
Онтон партия Бүлүү уокуруктааҕы кэмитиэтин быһаарыытынан, Елисей Попов Хочо улууһугар партийнай ячейка сэкирэтээринэн 1929 сыллаахха диэри биэлсэрдиирин сэргэ үлэлээбитэ. Ону Тойбохой түмэлигэр харалла сытар оччотооҕу мунньахтар боротокуолларыттан быһа тардыылар туоһулууллар.
“1929 сыллаахха сир түҥэтигэ ыытылла турдаҕына, партия кулаагы кылаас быһыытынан эһиигэ бары өттүнэн кимэн киирэр политикатын олоххо киллэрии кэмигэр партийнай чыыска ыытыллыбыта. Чыыска нэһилиэнньэ аһаҕас мунньахтарынан барбыта. Партийнай чыыска бириэмэтигэр кулаактар бэйэлэрин ааҕыннарынан чиэһинэй коммунистары араастаан хобулаан партияттан таһаартарарга охсуһаллара, ол долгуннарыгар оҕустарар Елисей Васильевич Попов олоҕо суох партияттан таһаарыллыбыта”- диэн И.Г. Константинов бэлиэтиир. Ити түгэн Елисей Попов Г.Е. Бессоновка суругар ахтыллыбыт: «В партии организационно я состоял с 1921 по 1929 год. Противники воспользовались случаем чистки партии. Первая моя жена в 1928 году из- за детей вынуждена была взять на удой корову у двоюродного брата Василия Иннокентьевича Попова на временное пользование (он живой, теперь живем в одном посёлке в Хадане). Брат жены Михаил Егорович Попов в 1922 году взял меня на поруки от бандитов и я не мог быть ему неблагодарным. Во всех этих родственных отношениях усмотрели «сращивание» с кулачеством»[10].
Кырдьыгын таһаарынан партияҕа төттөрү киирээри Елисей Васильевич күүстээх үлэни ыыппыта. Ону туоһулуур икки суругу эмиэ Тойбохой түмэлиттэн булабыт. Биирэ Степан Васильев Емельян Ярославскайга суруга: “Направляю заявление т. Попова, исключенного из партии во время генеральной чистки. Знал я его до революции. Во время революции вплоть до 1928 года по отзывам о его работе в улусе. Отец его был до революции долгое время дьяконом, затем в 1916 году, кажется стал попом. Из всех попов Вилюйского округа был самым настоящим бедняком. Младший сын Серафим Попов (брат Елисея Попова) с 1920 года был активным комсомольцем, работал в городе Якутске под моим руководством. Он был один из передовых комсомольцев, который пошел добровольцем во время бандитизма в Красную Армию и погиб от руки белогвардейцев. Попов Елисей работал несколько лет в Нюрбе, это один из передовых районов Вилюйского округа и работал он неплохо. Прошу поручить кому-нибудь его дело рассмотреть. Мне кажется, слишком формальный был подход у проверкома.”
Ити сурук түмүгүнэн буолара дуу, Киин хонтуруоллуур хамыыһыйа партколлегия сэкирэтээрэ Е. Ярославскай илии баттааһыннаах 1933 сыл муус устар 16 күнүнээҕи боротокуолунан Е.В. Попов чыыска кэнниттэн партия чилиэнэ буоларга сөптөөҕүн туһунан рекомендация ыыппыта.
Дьиэ кэргэн архыыбыгар Елисей Васильевич Попов баан үлэһиттэрин кытта түспүт хаартыскалара хараллан кэлбиттэр. Бииригэр Е.В. Попов Сунтаар баанын үлэһиттэрин кытта, иккитигэр — Дьокуускайга баан үлэһиттэрин кууруһугар үөрэнэ сылдьан түспүт хаартыскалара. Партиятыттан уһуллубут ыарахан кэмигэр бааҥҥа үлэлии сылдьыбыта эбитэ дуу, ити кэм кыайан чуолкайдаммата.
Дьиэ кэргэнэ
Икки дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит. Бииргэ төрөөбүттэрэ бэрт уустук дьылҕаламмыттар. Ол курдук хаартыскаҕа ийэтин түһэҕэр көтөхтөрөн олорор Серафим 1903 с. төрөөбүтэ, Дьокуускайга духовнай училищеҕа үөрэммитэ. 1920 с. Дьокуускайга хомсомуолга киирбитэ, Саха сирин бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ. 1921 с. Сунтаарга кэлэн маҥнайгы кэпэрэтиипкэ суотчутунан үлэлээбитэ. 1922 тохсунньу ый 17 күнүгэр сыллаахха хаттаан тэриллибит комсомольскай ячейка сэкирэтээринэн талыллыбыта. 1922 с. повстанчество кэмигэр партизанскай дружинаҕа киирбитэ. Ити сыл Сунтаартан Тойбохойдуур суолга повстанецтары кытта ытыалаһыыга түбэһэн ыам ыйын 4 күнүгэр өлбүтэ. 1922 с ыам ыйын 6 күнүгэр Сунтаарга (билигин “Партизан уҥуоҕа” диэн ааттанар сиргэ) көмүллүбүтэ.
Эдьиийэ Татьяна Васильевна духовнай семинария эконома Семен Георгиевич Якушковка кэргэн тахсан оччотооҕу таҥара дьиэтин сулууспалааҕын ыар олоҕун тэҥҥэ үллэстибитэ. Аҕабыыт буолан быыбардыыр бырааба быһыллыбыт Семен Якушков 1943 сыл Дьокуускай куоракка өлбүтэ, онно көмүллүбүтэ. Кыыстара Вера, кэргэнинэн Местникова.
Иитиллибит дьонунан убайа Василий Васильевич Попов кэргэнэ Любовь Александровналыын Бүлүүчээҥҥэ олорбуттар, элбэх оҕолоох ыал эбиттэр. Эдьиийэ Варвара Васильевна Григорьева-Баараа. 1930-с сылларга нэһилиэгэр сэбиэттээн олорбут. Кини көҕүлээһининэн нэһилиэк аата Маччаҕаттан Бүлүүчээн диэҥҥэ уларытыллыбыт. 1940 с. өлбүт. Бастакы кэргэнинээн Попов Николай Михайловичтыын 1902 с. ыал буолбуттар, 4 оҕоломмуттар, Бүлүүчээҥҥэ олорбуттар. Иккис кэргэнэ Улар Киргиэлэй уола — Никита Григорьев (Егоров Никита Григорьевич).
Елисей Васильевич Попов бастакы кэргэнинээн Марфа Егоровна (Георгиевна) Поповалыын 1918 сыл тохсунньу 14 күнүгэр ыал буолбуттарын Сунтаар архыыбыгар харалла сытар 1918 сыллааҕы миэтирикэ кинигэтэ кэпсиир. Ыал тоҕус оҕоломмуттар.
1950 сыллаахха Хадан медпуунугар үлэлии кэлэн медпуун санитарката Ымычанова Мария Степановналыын холбоһон ыал буолан алта оҕоломмуттар. Елисей Васильевич иккис олоҕун туһунан 1964 с. Г.Е. Бессоновка суругар кылгастык маннык ахтыбыттаах: “Живу по стариковски: охи да вздохи. Но в общем неплохо. Копошусь дома, вожусь с ребятишками. Их у нас пятеро: две дочки учатся (в 4 и 2 классе), три сына дошкольного возраста, самому младшему 1½ года. Особый народ эти малыши! Беда с ними, наплодил под старость лет на свою голову. От первой жены тоже было много ребят, но в молодости как-то не замечалось»[11].
Араллааннаах ааспыт үйэ дьалхааннарын этинэн-хаанынан билбит, улуус сайдыытыгар тус кылаатын киллэрбит Елисей Васильевич Попов олоҕо өссө үөрэтиллиэ турдаҕа. Кыра кыыһа педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, ”Верность профессии”бэлиэ хаһаайына, Н.О. Кривошапкин аатынан Дьокуускай куорат 5-с нүөмэрдээх оскуолатын бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Инесса Елисеевна Горохова аҕатын туһунан кинигэ бэлэмниир түбүктэрэ үтүө түмүктэрдээх буоллун!
Альбина ИВАНОВА,
СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ.
Сунтаар үөрэҕин түмэлин салайааччыта.
[1]Клировая ведомость Билючанской Николаевской Церкви Вилюйского округа Якутской Епархии за 1908 год. НА РС(Я). Фонд 226и. Оп.9. Дело 86. Л.39.
[2] Григорьев С.К. Төрүттэрбит уонна биһиги: Үөһээ Мэйик, Бүлүүчээн, Наахара. Владивосток. Дальпресс. 2020. Стр 213.
[3]Ведомость о Ботомойской Казанской церкви, находящейся в Вилюйском округе Якутской епархии в селе «Ботомою» за 1914-й год. НА РС (Я). Ф. 226и. Оп. 9. Д. 207. Лл. 3-16 об.
[4] Анисимов М.Н. Мой путь к образованию. Мирный. 1993. Стр.51-54.
[5] Попов Н.И. Сунтарская лечебница. Якутск. 1996. Стр 53.
[6] Иванов Н.И. Куола учуутал кэс тыла. Фольклорнай суруйуулар, ыстатыйалар. Якутскай. 1996. Стр.62-63.
[7] Константинов И.Г. Албан аат суолунан. Дьокуускай 2008. Стр 32-34.
[8] Игнатьева З.И.100-летие Сунтарского здравоохранения. Якутск. Дани-Алмас.2016. стр.14.
[9] Из фондов Тойбохойского музея
[10] Письмо Е.В. Попова Г.Е. Бессонову. Из фондов Тойбохойского музея.
[11] Письмо Г.Е. Бессонову. Из фондов Тойбохойского музея.