«Аптаах куорсун» куруһуок оҕолорун айымньылара

Илимниирдээҕи сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар «Аптаах куорсун» литературнай куруһуок үлэлиир. Бу эбии дьарыгы саха тылын уонна литературатын учуутала Анна Яковлева салайар. «Аптаах куорсуҥҥҥа» оҕолор төрөөбүт төрүт тылларынан – сахаларын тылынан хоһоон, кэпсээн суруйарга холоноллор, араас оонньууну үөрэтэллэр, дьарыктаналлар. Манна дьарыктанар оҕолор суруйуулара биһиги хаһыаппытыгар бэчээттэнэн тахсарын дьон сэргии ааҕар. Бүгүн «Аптаах куорсуҥҥа» дьарыктанар 5-с кылаас үөрэнээччилэрин суруйбут остуоруйаларын бэчээттиибит.

Куоска өрүһүйбүтэ

Былыыр-былыр дьиэтэ суох соҕотох куоска олорбута эбитэ үһү. Куоска түүтэ кирдээх уонна кып-кылгас эбит. Арай биирдэ Миша диэн ааттаах оҕо куосканы көрөн баран, туох да сылтаҕа суох, мэниктээн искэ тэппитэ. Ону Дима балыктаан кэлэн иһэн көрбүтэ. Мишаны мөхпүтэ: «Тоҕо эн куосканы тэбэҕин!? Дьиэҕэр бар!», Миша куттанан куоппута. Онтон Дима куоскаҕа үүт кутан биэрбитэ уонна балыгыттан бэрсибитэ.

Биир сарсыарда тыаллаах баҕайы күн буолла. Дима утуйан тураат, түннүгүн көрбүтэ —  били куоската олорор этэ. Улаханнык уонна киһи куттаныаҕын курдук ньааҕынаата. Дима таһырдьа ойон тахсаатын кытта, дьиэтигэр мас сууллан түстэ. Онуоха Дима куоскаҕа улаханнык махтанна. Куосканы Барсик диэн ааттаата. Дима саҥа дьиэҕэ көһөрүгэр  Барсигы илдьэ барбыта. Дима куоскатын кытта бииргэ иллээхтик олорбуттара.

 Чойнов Дениар

Тарбахтар туһунан остуоруйа

Былыыр-былыр икки илии олорбуттар. Кинилэр үлэлиэхтэрин, аһыахтарын, тигиэхтэрин, астыахтарын баҕарбыттар да, кыайан сатаан оҥорботохтор. Ол иһин биир үтүө Айыылартан көрдөспүттэр:

—  Үрүҥ Айыылар, үлэлиэхпитин-хамсыахпытын биһиэхэ тарбахтарда бэлэхтииригэр көрдөһөбүт.

Бу көрдөһүүнү Айыылар сөбүлэһэн баран түөртүү тарбаҕы бэлэхтииргэ санаммыттар. Илиилэр тарбахтанан олус үөрбүттэр да, үөрүүлэрэ уһаабатах. Үлэлээри-хамсаары туруммуттара да, үлэ тахсыбатаҕа. Ол курдук иккистээн Айыылартан көрдөһөргө санаммыттар.

—  Үрүҥ Айыылар, биирдии тарбах бэлэх уунарыҥ буоллар, үлэбит тахсыылаах буолуох эбит.

Бу көрдөһүүнү үлэ таһаарыылаах, түмүктээх буоллун диэн илиилэргэ баһылыыр-көһүлүүр, үлэни салайар Тойон Эрбэх диэн ааттаах тарбахтары бэлэх ууммуттар. Хас биирдии тарбах ааттаах-суоллаах буоллун диэн саамай кыраларыгар, ачааларыгар Ылгын Чыҥыйа диэн ааты биэрбиттэр. Иккис тарбахха аат толкуйдуу сатаан баран, Аата Суох тарбах буоллун диэбиттэр. Саамай уһуннарыгар Орто Тарбах диэн ааты иҥэрбиттэр. Төрдүс тарбаҕы үлэ ханна баарын, тугу барытын ыйан көрдөрдүн диэн Ыйар Тарбах диэн сүрэхтээбиттэр.

Хас биирдии тарбахтар бары тус-туспа соруктаах, үлэлээх, ааттаах буоланнар, барыны бары кыайыгас-хотугас буобуттар.

Бу мантан ыла киһи илиитэ тарбахтанан барыны бары сатаан, үлэни баһылаан, үлэһитинэн дьоллонон, айа-тута күн бүгүнүгэр диэри олорбуттара эбитэ үһү.

Васильева Алиса – Күн Чөмчүүк

 

Сыыча уонна Мыыча

Олорбуттара эбитэ үһү Сыыча уонна Мыыча диэн кыргыттар. Сыыча дьээбэлээх, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар. Мыыча буоллаҕына куруук кыыһыра, куттуу сылдьар майгылаах.

Биир үтүө күн иккиэн дьэдьэннии барбыттар. Ол баран иһэн хомус булан ылбыттар. Кыргыттар хомустарын былдьаспыттар. Ол былдьаһа сылдьан хомустарын мүлчү тутан сиргэ түһэрбиттэр. Хомустара «кылыҥ» гынан сиргэ түспүтүгэр  кыргыттар этиһэллэрэ тохтоон хаалбыт. Сыыча хомуһу илиитигэр ылан уоһугар даҕайбыт,  «кылыҥ» гына тыаһаппыт уонна баҕа санаатын эппит: «Мыыча хаһан да кыыһырбатын. Мин курдук куруук үөрэ-көтө сырыттын». Баҕар аптаах хомус буолуо дии санаабыт. Мыыча Сыычаны үтүктэн хомуһу ылан эмиэ тыаһаппыт уонна: «Иһиппит дьэдьэнинэн туоллун» диэбит. Кыргыттар хомуһу миэстэтигэр уурбуттар уонна салгыы дьэдьэннии барбыттар.

Кыргыттар үөрэ-көтө иһиттэрин дьэдьэнинэн толорон кэлбиттэр. Сыыча дьиэтигэр кэлэн баран биирдэ өйдөөн көрбүт, Мыыча кыыһырбат, куттаабат буолбутун. Хомус аптаах эбит дии санаабыт, итэҕэйбит.

Павлова Сияна

Читайте дальше