Бүлүүчээн нэһилиэгэр олорор Андрей Максимов дьиэ көтөрдөрүн иитиинэн дьарыктаммыта үһүс сыла. Бу тухары кини иитэн, аһатан улаатыннарбыт көтөрдөрүн этин амсайбыт киһи элбэх уонна бары хайҕыыллар.
Урбаанньыт бу хаһаайыстыбатын кэҥэтэр сыаллаах көтөр хотоно туттан үлэҕэ киллэрдэ. Бу маннык хамсааһын биһиги улууспутугар – аан бастакы. Өрөспүүбүлүкэҕэ да ахсааннаах буолуохтаах.
Андрей Алексеевич 8х9 иэннээх тутуутун иһигэр көтөрү астаан таһаарар сыахтаах. Ирдэбилгэ эппиэттиир анал сиргэ астаммыт көтөр этэ атыыга ордук хамаҕатык барара биллэр.
Көтөр хотонун аһыллыытыгар хаһаайын кэлбит ыалдьыттары дьиэ көтөрдөрүн этиттэн астаммыт аһынан, сымыытынан күндүлээтэ. Манна куурусса сымыытыттан саҕалаан перепелка сымыытыгар тиийэ баар. Ыалдьыттар сөҕүөхтэрин иһин перепелка этин кытта амсайдылар. Индюк этэ кэтилиэти дьон олус хайҕаата. Маны таһынан кэлбит ыалдьыттары бэйэтэ үүннэрбит оҕуруотун аһыттан илии тутуурдаан ыыталаата.
Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев олохтоох бородууксуйаны дэлэтиигэ Андрей Максимов бу хаһаайыстыбата биир ураты көстүү, инникитин кэскиллээх хайысха буоларын бэлиэтээн туран эҕэрдэтин туттарда.
Андрей Алексеевич инники былааныттан маннык билиһиннэрэр:
Бу хотоммор түргэнник ситэр дьиэ көтөрдөрүн, ол иһигэр куһу, хааһы иитэн бэйэм улууһум дьонун иҥэмтиэлээх, бэйэ сиригэр-уотугар үүммүт бурдугунан аһаабыт көтөр этинэн хааччыйар соруктаах үлэлиибин. Дьон эмиэ чоппуускалары атыылаһан бэйэтэ ииттиниэн сөп. Ону сэргэ оҕуруот аһын үүннэриинэн, бурдугу ыһыынан дьарыктаммытым син ыраатта. Онон инникитин олохтоох бородууксуйаны дэлэтэн, улууспут тэрилтэлэрин – оскуолалары, уһуйааннары эмиэ бэйэ аһынан хааччыйар санаалаахпын.
Билигин бу хотоммор убойнай сыахтаахпын, салгыы онно эбии аһы-үөлү оҥорон таһаарар (переработкалыыр) анал сыаҕы оҥостон үлэлэтэр былааннаахпын. Онно толкуйбун ууран, былаан оҥоһуннум. Сотору олоххо киирэригэр бигэ эрэллээхпин. Оччотугар күһүн хомуйар оҕуруотум аһын миэстэтигэр манна переработкалаан, көтөрүм этин эмиэ бу сыахпар астаан-үөллээн упаковкалаан атыыга таһаардахпына, дьон өссө хамаҕатык атыылаһыа этэ. Билигин Сунтаарга икки маҕаһыыны — «Туймааданы», «Коронаны» — кытары дуогабардаһан бородууксуйабын атыылыыбын. Бу атыы-эргиэн кииннэригэр бородууктам сыанатын бэйэбит быспыт сыанабытыттан үрдэппэттэрэ олус табыгастаах. Оттон сорох маҕаһыыҥҥа бырыһыанын эбэн атыылыыллара кыайан атыыга барбакка хаалар түгэнэ тахсыан сөп. Оччотугар бородууксуйам маҕаһыын долбууругар өр сытан, хаачыстыбата мөлтүүр. Оттон мөлтөх хаачыстыбалаах аһы-үөлү ким ылыай… Буолаары буолан, өссө көтөр этин. Оттон мин сүрүн соругум — дойдум дьонун үрдүк хаачыстыбалаах аһынан хааччыйыы.
Көтөрү нэһилиэнньэҕэ тыыннаахтыы атыылыыр эмиэ санаалаахпын. Билигин да дойдубар атыылаһар дьон бааллар. Ону өссө элбэтэр сыалтан чоппуускалары улаатыннарарга анал уоттаах тэриллэри ылыахпын наада. Билигин араас биллэриигэ көрөрбүтүнэн сорох дьон аҕыйах хонуктаах чоппуускалары атыылыыллар дии. Ити, мин санаабар, сыыһа. Чоппууска айылҕа салгыныгар адаптацияланарыгар сөптөөх кэм ааһыахтаах. Оччоҕуна эрэ кини бороохтуйар, салгыы улаатар кыахтанар. Онно ити этэр тэриллэрэ – брудель – дьэ наада буолар. Бу тэрил чоппууска сөптөөх температураҕа сылдьан толору ситэрин хааччыйар. Ол аҕыйах хонуктаах чоппуусканы атыылаан мин барыһырбаппын. Дьоҥҥо оҥорбут өҥөм барыта хаачыстыбалаах, чахчы туһалаах буоларын сөбүлүүбүн, бэйэбэр оннук да соругу туруорунан дьыала аһыннаҕым.
Оттон инникитин дьиэ көтөрдөрүн ииттиниэн баҕалаахтарга төһө кыайарбынан сүбэнэн-аманан көмөлөһөргө бэлэммин.
Саҥа хаһаайыстыба инникитин да күүскэ үлэлээн, нэһилиэнньэни иҥэмтиэлээх, бэйэ бородууксуйатынан хааччыйа турдун. Андрей Максимов былаана барыта туоларыгар баҕарабыт.
Яина ВЛАСЬЕВА
Хаартыскалар, видео бассаап ситимиттэн