Сунтаар улууһун халандаарыгар балаҕан ыйын 21 күнэ Сунтаар улууһа төрүттэммит күнүнэн киирбитэ. Улууска ураты суолталаах, дириҥ өйдөбүллээх күнү бэлиэтээбиппит 7 эрэ сыл буолла. Тоҕо, туох санааттан улуус күнэ баар буолбутун, туох ситиһиилээх көрсөрбүтүн Сунтаар улууһун аҕа баһылыгын Анатолий Григорьевы кытта кэпсэтиибитигэр ааҕыҥ.
– Анатолий Васильевич, үтүө күнүнэн! Быйыл Сунтаарбыт улууһа төрүттэммитэ 223 сылын бэлиэтиибит. Мин билэрбинэн, эһиги улуус баһылыгынан үлэлиэххититтэн Сунтаар улууһун күнэ диэн баар буолбута. Бу күнү киэн далааһыннаахтык бэлиэтиир буоллубут. Тоҕо улуус күнэ диэн олохтоотугут?
– Мин баһылык солотугар киирэн бараммын Сунтаар улууһа төрүттэммит күннээх буолуохтаах диэн санаанан кыраайы үөрэтээччи, элбэх, киэн билииллээх, ол саҕана улуус архыыбын үлэһитигэр Аркадий Яковлевка Сунтаар улууһа хаһан төрүттэммит күнүн чинчийэн билэригэр сорудахтаабытым. Аркадий Егорович бэйэтэ олус үлэһит майгылаах буолан бу боппуруоска дьаныһан туран үлэлээбитэ. Ол курдук, кини Саха сирин, Иркутскай, Санкт-Петербург, Москва архыыптарыгар элбэх, үтүмэн үлэни ыыппыта. Ол түмүгэр, национальнай архыыпка Өлүөхүмэ хамыһаарыстыбатын пуондатыгар Сунтаар улууһа туспа улуус быһыытынан ааҕыллар докумуона булуллубута. 1801 сыллаах балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи докумуонунан сирдэтэн, билиҥҥи халандаарынан 1801 сыл балаҕан ыйын 21 күнэ, Сунтаар улууһа сурукка киирбитинэн ааҕыллар. Онон бу күнү улуус дьокутааттарын Сэбиэтин быһаарыытынан бу улууска суолталаах күнү Сунтаар улууһун күнүнэн ылыммыппыт.
Бастатан туран бу күнү бэлиэтиир буоллахпытына улууспут историятын билиэхтээхпит. Маныаха кыраайы үөрэтээччилэрбит төһүү күүс буолаллар. Сунтаар улууһун араас сылларга, үйэлэргэ салайан кэлбит дьоммут аатын билэрбит эмиэ тоҕоостоох диэн баһылыктар мэтириэттэрин оҥотторбутум. Билигин бу мэтириэттэр улуус дьаһалтатын галереятыгар бааллар.
– Олус үчүгэйдик эттиҥ улууспут историятын билиэхтээхпит диэн. Онтон Сунтаар улууһун күнүн хайдах бэлиэтиэхтээхпитий, сунтаарбын дэнэр киһиэхэ бу күн хайдах ааһыахтааҕый? Эһиги тус бэйэҕит бу күнү хайдах атаараҕыт?
– Сунтаар улууһун күнүн ылыныахпытыттан улууска бу күнү өрөбүл күнүнэн биллэрбиппит. Быйыл субуота күн түбэстэ. Урукку сылларга култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар атыылаах-кутуулаах дьон күүлэйин тэрийэрбит. Билигин пааркабытыгар өрөмүөн үлэлэрэ барарынан сибээстээн “Алмаас” стадиоҥҥа оҥоруохпут. Бу да сырыыга элбэх дьону күүтэбит. Бу күн хас биирдии Сунтаар улууһун олохтооҕугар сынньалаҥнык, чэпчэкитик ааһыахтаах, элбэх үөрүүлээх-көтүүлээх түгэннэринэн туолуохтаах. Дьиэ кэргэнинэн мустан бэйэбит төрүттэрбитин, историябытын санаан ааһыахтаахпыт. Оҕолорбутугар, кэнчээри ыччаттарбытыгар төрөөбүт дойдуларын таптыырга, ытыктыырга үөрэтиэхтээхпит. Кинилэр ханна да тиийдэллэр “Сунтаарбын” диэн киэн тутта ааттаныахтаахтар. Хас биирдиибит дойдубутугар чугас буоларбыт курдук улуус күнүн бэлиэтиир буолбуппут.
Бу күн улуус историятын үөрэтиигэ сүҥкэн кылаатын киллэрбит Аркадий Егорович Яковлев туһунан быыстапка тэриллиэҕэ. Нэһилиэктэр ситиһиилэрин көрдөрөр сэлэлээн хаамыылара. Көрдөөх-нардаах оонньуулар, дьон көҕүн тардар успуорт күрэхтэһиилэр баар буолуохтара. Онон бары Сунтаар улууһун күнүн бэлиэтиир тэрээһиммитигэр көхтөөх кыттыыны ылыҥ.
Хас биирдии киһи саамай сөбүлүүр бырааһынньыга төрөөбүт күн буолара саарбаҕа суох буолуо. Мин тус бэйэм Сунтаар улууһун күнүн саамай чугас киһим төрөөбүт күнүн бэлиэтиир курдук ылынабын. Дьиэ кэргэмминээн баай-талым астаах сандалы тардабыт. Үөрүү аргыстаах эрэ бу күммүтүн атаарабыт.
– Өрөспүүбүлүкэҕэ Сунтаар биир тэтимнээхтик сайдар улуустартан биирдэстэрэ буолар. Ыытылла турар үлэлэр тустарынан хаһыаппытыгар сырдатан иһэбит. Кэлэр сылларга өссө туох тутуулар, үлэлэр барыахтарай?
– Төһө да дойдуга ыарахан экономическэй балаһыанньа бүрүкээбитин иһин улууспут социальнай-экономическэй туруга уонна кыаҕа киэҥ. Тыа хаһаайыстыбата, бырамыысалыннас, дьиэ-уот тутуута, оҥорон таһаарыы тэтимнээхтик сайдар. Тыа сирин тупсаҕай оҥоруу, нэһилиэнньэ доруобуйатын туруга, төрүт үгэспитин өрө тутуу, чөл, доруобай олоҕу тарҕатыы курдук тыын суолталаах боппуруостарга сөптөөх үлэ ыытыллар. Сунтаар улууһа национальнай бырайыактарга, федеральнай, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тосхоллорго кыттыһан киэн далааһыннаахтык үлэлиир. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх 11 тутууну үлэҕэ киллэрэргэ бэлэмниибит. Ол курдук, хаарбах дьиэттэн көһөрүү тосхолунан 5 дьиэ киириэҕэ. Национальнай бырайыактарынан бассейн, Элгээйигэ врачебнай амбулатория, Кириэстээххэ “Саргы түһүлгэтэ” култуура дьиэтэ, ону таһынан, Сунтаарга, Хадаҥҥа, Маар Күөлгэ успуорт саалалара тутуллан киириэхтэрэ. Кэлэр сылларга көһүтэр баараҕай бырайыактарбытынан 450 миэстэлээх Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй тутуута салҕаныаҕа. Балыыһа иккис уочаратын тутуутун саҕалыырга үлэ ыытабыт. Нэһилиэктэргэ култуура, успуорт дьиэлэрин саҥардыыга үлэлэһиэхпит. Сүрүн болҕомтобутун нэһилиэктэр суолларын, муосталары өрөмүөннээһиҥҥэ ууруохпут.
– Элбэх үлэ көһүтэр эбит. Эһиги санааҕытыгар Сунтаар улууһа саамай тугунан киэн туттарый?
– Биллэн турар дьонунан! Хаһан баҕарар, ханна баҕарар дьон олоҕо, дьон санаата инники күөҥҥэ турар. Сунтаар дьоно түмсүүлээхтэринэн, ыалдьытымсахтарынан, үтүө, аһыныгас сүрэхтээхтэринэн биллэллэр. Бу үтүө киһи хаачыстыбаларын биир дойдулаахтарбар анал байыаннай дьайыыга улахан көмөлөрүгэр көрөбүн. Кинилэр СВО сылдьар хорсун санаалаах уолаттарбытыгар ис санааларыттан, үтүөнү түстээн, алгыс тылларын анаан туох кыалларынан, сатанарынан көмөлөрүн күн бүгүҥҥэ диэри тиксэрэ тураллар. Биир дойдулаахтарым күүстэринэн хомуллубут анал байыаннай дьайыыга туһалаах малларбыт уолаттарбыт олохторун күннэтэ быыһыыр. Ол курдук, миэхэ тус бэйэбэр хас да уол биллэ сырытта. Биһиги тиксэрбит байыаннай тэриллэрбит олохторун быыһаабытын туһунан суруйдулар. Биир сырыыбытыгар Сунтаар уолугар хараҥаҕа көрөр прибору туттарбыппыт. Ол приборунан кини түүн үөһэ үөмэн иһэр өстөөхтөрү көрөн тохтоппут. Онтон биир уолбутугар кааска туттарбыппыт дэлби эстииттэн харыстаабытын эттэ. Ити курдук түгэннэр элбэхтэр. Билигин саамай уолаттарбытыгар дроннары сэрэтэр тэрил наада.
– Сунтаарга саамай сөбүлүүр сиргит?
– Киһиэхэ самай күндү төрөөбүт сирэ буолар. Миэхэ эмиэ оннук. Дойдубар Бүлүүчээҥҥэ күүс-сэниэ, уох ылынабын. Төрөөбүт дойдугуттан ылар күүһүҥ, энергияҥ туохтааҕар ду күүстээх, улахан буолар. Онон дойдубутугар бэриниилээх, махталлаах буолуоххайыҥ, улууспут сайдыытын бииргэ түстүөххэ. Барыгытын Сунтаар улууһун күнүнэн эҕэрдэлиибин. Улууспут инники удьуорун өссө эбии хаҥата, сайыннара, туругурда турарга хас биирдии киһиэхэ таһаарыылаах үлэни, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу баҕарабын!
Мира АФАНАСЬЕВА