Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолбутун көрүстүбүт

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, Л.Попов аатын сүгэр Арыылаах агрохайысхалаах оскуолатыгар анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар, үөрэппит уолбут Антон Т.  уоппускаҕа кэлэ сылдьарын көрүстүбүт. Байыаһы кытта истиҥ кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолан ааста.

Антон 9 кылааһы бүтэрэн баран, дьоно Дьокуускайга көһөннөр, оскуоланы онно бүтэрбитэ. Саллаат төрөөбүт, улааппыт, үөрэммит дойдубуттан күүс ылан барабын диэн кылгас уоппускатыгар үс хонукка кэлэ сылдьар. Кэргэнэ, оҕото, ийэтэ куоракка олороллор. Анал байыаннай дьайыыга Антон аҕата уонна быраата эмиэ Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьалларын билэбит. «Балаһыанньаны билэ-көрө, өйдүү сылдьан баҕа өттүбүнэн барбыт буолан санаам бөҕөх, турукпун бөҕөргүтүнэбин, саха киһитин быһыытынан кыргыһыы иннинэ сиэр-туом оҥостобун, чааспар сахалартан соҕотохпун. Биир сыалга сылдьар буолан араас омуктары кытта биир дьиэ кэргэн курдук өйдөһөн, өйөнсөн сылдьабыт»,- диэн кэпсиир.

Уолбут үөрэппит учууталларын, үөрэнээччилэри кытта көрсүһэн барбытыттан олус үөрдүбүт. Этэҥҥэ сулууспалаан, кыайыынан эргиллэригэр алгыс тылбытын анаан харысхал бэлиэлэри, оҕолор оҥорбут ыраастанар — алгыстанар нобуордарын бэлэхтээтибит.

Надежда Петрова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы

Читайте дальше