Бордоҥ «Айыллаан» култуура киинин салайааччыта Василий Спиридонов уонна уус уран салайааччыта Мария Спиридонова үлэлэригэр олус бэриниилээх дьон. Кинилэр мэлдьи араас бырайыактары олоххо киллэрэн, нэһилиэк, улуус олохтоохторун сөхтөрөллөр. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрин үлэлэрин-хамнастарын өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ кытары сэҥээрэр, «Спиридоновтар өссө тугу айан-тутан, толкуйдаан таһаараллар эбит» диэн маныыллара-кэтииллэрэ саарбахтаммат.
Холобур, чугастааҕыны ылан эттэххэ, былырыын күүстээх кэрэ аҥаардарга анаан тобулбут бырайыактарынан улуус таһымнаах күөн-күрэһи ыыппыттарын көрөөччүлэр олус сэргээбиттэрэ. Оттон быйыл Мариялаах Василий биир ааттаахтары мунньан, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр «Амыдайдар кэнсиэртэрэ» диэн бэртээхэй тэрээһини ыытан, сүрдээх үчүгэй сынньалаҥ киэһэтин бэлэхтээтилэр.
Амыдайдар кэнсиэртэригэр улууспут тэрилтэлэригэр үлэлии-хамсыы сылдьар Татьяналар, Мариялар, Семеннар, Василийдар, Михаиллар, Саргылааналар… бэйэлэрин ылбаҕай ырыаларын, нарын үҥкүүлэрин, көрдөөх сыаҥкаларын көрдөрдүлэр.
Кэнсиэри бырайыак ааптардара Мария, Василий Спиридоновтары кытары С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан түмэл исписэлииһэ Василий Слепцов уонна «Березка» оҕо саадын үлэһитэ, «Абытай кыргыттар» мини-театрын артыыската Мария Слепцова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Кэнсиэри «Ойдуо» бөлөх солиһа, фольклору тарҕатааччы Айсен Федоров ырыатынан Алексей Степанов хомуска, Алексей Седалищев «Хаһыы» этно-бөлөххө барабаҥҥа оонньоон кэнсиэри астылар. Ол кэннэ дьэ, биир ааттаах талааннаах дьоммут үрдүк сценаҕа тахсан ылбаҕай ырыаларын, нарын үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр. Холобур, нарын эрээри, күүстээх куоластаах үс Натальялар ырыаларыгар уйдардыбыт. Михаил Кириллин, Мэхээс Сэмэнэп ырыаларын көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Оттон улуус көмүс куоластаах Иван Аммосов, мэлэдьиис Иван Иванов толорууларыгар сибэккилээх хонууга хаамсан ыллыбыт. Иван Мигалкин “Бибилэтиэкэр кыргыттар” хоһоонугар, Анна Тотонова мелодиятыгар биһиги бибилэтиэкэбит Марияларын ырыаларын бүгүн эмиэ астына, дуоһуйа иһиттибит. Сахалыы таҥастарын сайбаччы кэтэн сценаны биир гына киэптии хаамсыбыт мааны Маарыйалар кэрэлэриин. Ырыа аргыстаах Саргылааналар эчи элбэхтэрин, куоластара маанытын. Култуура Шуралара, Бордоҥ Маарыйалара, ырыаһыт Татьяналар о.д.а. барыбытын сөхтөрдүлэр, кинилэр ырыаларын, тойуктарын астына иһиттибит, ытыспыт хабыллыар диэри таһынныбыт.
Саргылааналар ырыанан эрэ муҥурдамматылар, аргыый устан эрэр курдук сценаҕа тахсаннар, үҥкүүлээтилэр. «Пульс» оҕо үҥкүү бөлөҕүн Дайааналара аныгы ыччат эрчимнээх үҥкүүтүн толордулар, Мариялар хотугу кыраай үҥкүүтүн көрөөччүлэригэр бэлэхтээтилэр.
Аны көрдөөх сценкалары туруорбут амыдайдар нүөмэрдэриттэн саалаҕа олорооччулар, били этэргэ дылы, «быарбыт быстыар» диэри күллүбүт. Холобур, Байанайдаах Баһылайы кытары Бодуо Баһылай булчуттар мүччүргэннээх сырыыларыттан кэпсэтиилэрин астына иһиттибит, мэктиэтигэр саала иһигэр күлүүттэн артыыстарбыт саҥаларын да кыайан сороҕун истибэтибит быһылаах. Василий Павлов-Бодуо Баһылай «Ньургуһун» литературнай түмсүү чилиэнэ, сүрдээх үчүгэй хоһооннору айар эбит. Кини биир хоһоонун Байанайдаах Баһылайы кытары аахта. Сэмэннэр да кинилэртэн хаалсыбатылар.
Маннык барыларын өссө да ааттыы туруохха сөп. Ол эрээри, күндү ааҕааччыларым, сорох артыыстарбыт ааттарын эрэ билэр буоламмын көтүтэлээтим курдук, онон алы гыныҥ дуу.
20-тэн тахса нүөмэрдээх кэнсиэри Байанайдаах Баһылай Мааны Маарыйатын кытары киирии билиэтинэн сүрдээх үчүгэй бириистэри оонньотон түмүктээтилэр. Дьэ, манна туох-туох суоҕуй. Уус тарбахтаах Баһылай бэйэтин оҥоһугуттан саҕалаан, бу аҕыйах хонуктааҕыта күөлгэ уста сылдьыбыт собону, кэнсиэр аҕай иннинэ сэпэрээтэргэ сүүрдүллүбүт сип-сибиэһэй сүөгэйи, саҥардыы кутуллубут хааны, туустаах балыгы, Бордоҥ «Үҥкүр» эмтээх күөлүн уутугар оҥоһуллубут дойдубут отонуттан сироп, Бордоҥ сылбаҕар бу сайын өлгөмнүк үүммүт биэ эмиийиттэн барыанньа наборун о.д.а.бааттаах дьон сүүйэн дьиэлэригэр өттүк харалаах, илии тутуурдаах бардылар.
Маннык ураты кэнсиэри улуускут дьонугар бэлэхтээбит бырайыак ааптардарыгар, кыттааччыларга, тэрийээччилэргэ — Мария, Василий Спиридоновтар салайааччылаах «Айыллаан» култуура киинин кэлэктиибигэр көрөөччүлэр ааттарыттан барҕа махтал буолуохтун.
Кэнсиэр түгэннэриттэн кылгас сюжеттэр хаһыаппыт телеграм каналыгар баар. Ону бу сигэнэн https://t.me/suntaar_sonunnara киирэн көрүөххүтүн сөп.
Яина ВЛАСЬЕВА