Аммаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар ситиһиилэртэн

Аммаҕа 17-с төгүлүн Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр үрдүк таһымҥа ыытылынна. Манна 88 араас тэрээһин буолла, 15 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт сырытта.

Биһиги улууспутуттан ыһыах тэрээһиннэригэр Сунтаар, Кутана, Элгээйи, Дьаархан нэһилиэктэриттэн барыта 24 киһи баран ситиһиилээхтик кытыннылар.

Ол курдук, олоҥхо күрэһигэр олоҥхоһуттарбыт Дьаархантан «Күлүм» бөлөх эмиэ анал бириискэ тиксэн, 5 тыс. солк. бириэмийэлэннилэр.  Оттон Зоя Иванова «Кылыһахтаах куолас» анал ааты ылла уонна 10 тыһ. солкуобай харчынан бэлиэтэннэ. Элгээйиттэн Изабелла Макарова толоруутун мустубут дьон олус сэргээн иһиттэ уонна  «Көрөөччү биһирэбилэ» анал ааты биэрдилэр. Бириэмийэ эмиэ харчынан – 10 тыһ. солк.

Олоҥхоҕо оҕолорбут эмиэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Кутанаттан эдэр олоҥхоһут Уйгулаан Гоголев «Олоҥхо этиитин тэтимэ» диэн биһирэбили ылан 10 тыһ. солк. бириистээх. Уйгулаан олоҥхотун Ил Дархаммыт Айсен Николаев сэргээн олорон истибитэ эмиэ биир умнуллубат түгэн буолар. Оттон Дьаархантан кырачаан  олоҥхоһуттарбыт —  «Соргу Дугуй» бөлөҕө » Бөртө Боотур Бухатыыр» олоҥхотун толорон, анал бириискэ тигистилэр. Оҕолор  10 тыһ. солк. бириэмийэлэммиттэр

Чабырҕахха  Сунтаартан Ефрем Афанасьев 2-с үрдэл буолла, бирииһэ – 20 тыһ. солк.

С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин фольклорга исписэлииһэ, Олоҥхо ыһыаҕыттан иһитиннэриини ыыппыт Туйаара Алексеева тойукка 1-кы үрдэл буолан, 30 тыһ. солк. бириэмийэ тутта. Ону сэргэ хомуска эмиэ 1-кы үрдэл буолла.

Оһуокай күрэҕэр 50-тан тахса оҕо эппититтэн финалга  10 бастыҥ үҥкүү тылын этээччилэргэ киирэн Дьаархантан Айсула Сергучева  анал бириискэ тиксэн, 10 тыһ. солк. бириэмийэлэннэ.

Манна эбэн суруйдахха, «Байанай бэлэҕэ» сахалыы оҥоһуулаах ох саанан ытыы күрэһигэр биһиги улууспутуттан Кирилл Петров үрдүк ситиһиини ылла. Ол курдук кини сыал ытыыга үһүс, ырааҕы ытыыга бастакы уонна сахалыы оҥоһуулаах ох сааҕа иккис миэстэлэри ылла. Уопсай түмүгүнэн Кирилл Петров Аммаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕын сахалыы оҥоһуулаах ох саа күрэһин муҥутуур кыайыылааҕа буолла.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

Читайте дальше