«Амма, Таатта — мин дойдум» диэбит курдук, аны Таатта кэнниттэн «Жемчужина творчество» күрэххэ сардааналаах Аммаҕа туруннум. Бүтүн улууһум чиэһин көмүскүүр буолан эппиэтинэс улахан.
Хара ааныттан айана уустук буолла. Такси диэн улахан кырыымчык дойдута буолан биэрдэ. Теплоходунан Аллараа Бэстээххэ туораан араас паром, лодка тохтобулларын кэрийэн, «Азия» атыы-эргиэн киинигэр күн аҥаара олордубут. Сахалар ньоҕойбут, сыалбытын ситиһэргэ кытаанах санаалаахпыт манна туһалаата. Таксистар бары маннык буолуохтара диэбэппин эрээри, ыраах сиртэн сылдьаллар, сыананы билбэттэрэ буолуо диэбит курдук балыйа, сыананы баһан этэллэрин, ыалдьыты куруук өрө тутар сунтаар киһитэ сөбүлээбэтим. Биһиги таксистарбыт өссө ыалдьыт диэн босхо илдьиэ этилэр.
Хата, тиийээппитин кытта, Афанасий Афанасьевич, Пал Палыч сылаас чэйдээх көрсөннөр үөртүлэр. Утуйар сирбитигэр турбаза буолан утуйар таҥас толору буолуо диэбитим, эрдэ эппэтэхтэрэ, табыгаһа суох таҥаска «ала кулуну төрөтөн» хоннум, ол содулун Мэҥэ-Хаҥаласка бырааппар, кийииппэр кэлэн туората, эмтэнэ сылдьабын.
Тэрийээччилэр, саатар, эбэ уҥуортан кэлээччилэри тырааныспарынан хааччыйбатахтарын, харчытын төлүө этибит, түһэр усулуобуйаны эрдэ эппэтэхтэрин, бырагыраамаҕа баар сорох тэрээһиннэри ыыппатахтарын (маастар-кылаас диэн баара буолбата), иһиттэрин-хомуостарын суулуу тутаат баран хаалбыттарын, мин тус бэйэм сөбүлээбэтим, ону аһаҕастык этэбин.
Чэ, ол эрэн барыта куһаҕан буолбатах. Амма барахсан кэрэ айылҕата, улуу көстүүтэ, ама, кими үөрдүбэт буолуоҕай?! Катамаранынан улуу эбэҕэ устуу, ким кыахтаах Короленко хайатыгар ыттыы, ып-ыраас ууга сөтүө, ыраастаныы, арчыланыы — бу олоххо биир умнуллубат түгэн. Уонна бэйэбит көрдөһөн, Афанасий Афанасьевич тылбытын быһа гыммакка, быйыл Олоҥхо ыһыаҕар саҥардыллыбыт пааркаҕа күүлэйдээн, 12 мөл. солк. Аал Луук Мастарын көрөн, сүгүрүйэн кэлбиппит бары мөкү өрүттэри суурайда, мүлүрүттэ.
Сүрүн күрэхпитигэр киирэр буоллахха, хоһоон ааҕан, Амма кэрэ айылҕатын тута хоһуйан тириттибит-хоруттубут. Тута хоһуйууга баар киһи барыта кыттыбыта олус үчүгэй, сонун көстүү буолла. Хас киһи баар да, соччо сонун хоһуйуу буолла. Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарыар диэри аһаҕас микрофон буолан, баҕалаах барыта тиксэн, ылбаҕай ырыа ылланна, хомоҕой хоһоон ааҕылынна. Түмүккэ Амма Соморсунуттан Ольга Заборовская бастакы, Сунтаартан мин иккис миэстэ буолан үөрдүбүт. Үһүскэ Бүлүүттэн Мария Семенова таҕыста.
Кэлэр өттүгэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо сөптөөх усулуобуйаны, кэлэр-барар тырааныспартан саҕалаан, кичэйэн тэрийиэхтэрин наада. Киһи санаата ат оҕус буолбатах, кэлбит, кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар, кыра да буоллар, илии тутуурдууллара буоллар дии санаатым. Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Долун, бэркиһээн быһыылаах, тус бэйэтин хармааныттан бириискэ тиксибэтэхтэргэ, харчы ылан биэрбитин улаханнык махтана көрдүм. Манна Анна Минеева, Маргарита Кардашевская тиксэн үөрдүлэр.
Мин, тус бэйэм, Тааттаҕа олоҥхоҕо үһүс, Аммаҕа иккис миэстэ буолан санаам күүһүрдэ, бэйэбэр эрэлим уһугунна, ханна баҕарар сааппакка-харбакка, санаам кыайарын, кыаҕым уйарын тухары сылдьан иһиэм диэн санаа киирдэ. Онон бу сырыыбар, хайдах да буолбутун иһин, махталлаахпын. Күүс-көмө, өйөбүл буолан сылдьыспыт тэрилтэм исписэлииһигэр Нина Красковаҕа туспа улахан, дьүөгэлии истиҥ махтал! Ниналыын иккиэн Бордоҥ кийииттэрэбит, интэриэспит да биир. Эдэр-эрчим саастарбыт ааспыт, үйэбитин уһатар, ааппытын ааттатар ыччаттары бэлэхтээбит сайдар-үүнэр Сардаҥабытыгар, быйаҥнаах буордаах Бордоҥмутугар махтал!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруйааччы