Аллыҥаҕа Тымныы оҕонньор көмөлөһөөччүлэрин кытары ыалдьыттаата

Аллыҥатааҕы «Үрүйэчээн» уһуйаан «Күнчээн» кыра бөлөҕө карантинҥа олороллор. Иитээччи көмөлөһөөччүтэ Надежда Иванова оҕолорго күн аайы адвент халандаар сорудахтарын, оҕо уонна төрөппүт тэҥҥэ дьарыктаах буолалларын ситиһэр сыаллаах,  ватсап нөҥүө ыыталыыр. Бүгүн карантинҥа олорор оҕолору Саҥа дьыл аптаах түгэннэриттэн матарбат курдук Тымныы оҕонньор сотору кэлээри, кинилэр ырыаларын истээри дьиэтигэр бэлэхтэрин хомуйа баран иһэн, аптаах холбука оҥорон, оҕолорго бэлэх уурталаата. Бу манна бэлэх сүрүн успуонсара «Байдам» маҕаһыын хаһаайката Елена Николаева үөрэ-көтө сөбүлэһэн, оҕолору минньигэһинэн күндүлээтэ. Оҕолор Тымныы оҕонньору түннүгүнэн көрөн олус астыннылар, Саҥа дьыл аптаах бырааһынньык буоларын биллилэр.

Надежда ИВАНОВА.

Читайте дальше