Аллыҥаҕа оҕолор остуоруйа дойдутуттан ыалдьыты көрүстүлэр

Эргэ Саҥа дьыл. Бу күн ыйы быһа түбүгүрбүт аптаах , оҕолуун-уруулуун бука бары кэтэспит Саҥа дьыл бырааһынньыга түмүктэнэр күнэ диэн хайдах эрэ санааҕа охсуллан ааһар. Сорох ыал бүгүн күнү баттаһа эҥин араас уотунан дьиримнээбит харыйаларын хомуйдулар буолуохтаах.

Тымныы Оҕонньор кэлэн бүтэн барда. Иннибитигэр, аны этэргэ дылы, сүллүүкүттэрбит эрэ хааллылар. Аптаах кэми саамай күүтээччилэр — оҕолор барахсаттар. Кинилэргэ анаан биһиги улууспутугар, нэһилиэкпитигээр араас тэрээһиннэр ыытылыннылар, онно өссө аны анимация өҥөтө баар буолла. Ол курдук, Сунтаартан үрүҥ эһэ Умка тахсан ыалдьыттаата, оҕолор үөрүүлэрин үксэтэ.

Бу өҥө улууска бастакы, инникитин өссө сайдан, үксээн иһиэн баҕарабыт. Дьон үөрүүтүн киэргэтээри, тупсаран биэрээри Сунтаар эдэр, үс оҕолоох ыала Сардаана уонна Григорий Чолбодуковтар бу улахан үрүҥ эһэни атыылаһаннар, аниматор курдук өҥөнөн дьарыгыран саҕалаабыттар. Чугастааҕы нэһилиэктэргэ да тахсаллар, ыҥырбыкка барыларыгар саастарыттан тутулуга суох ким ыҥырбыкка барытыгар тиийэн, биир эмиэ умнуллубат түгэни бэлэхтииллэр.

Эдэр ыал кырачаан кыргыттарын кытары Аллыҥаҕа кэлэннэр уһуйаан, оскуола оҕолоругар үтүө умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр. Киһиэхэ кыра да наада дииллэринии, үөрүүгэ үөрүүнү үллэстэн оҕолору үөрдүбүт Сардаана, Григорий Чолбодуковтарга махталбытын тириэрдэбит.

Эдэр ыал өҥөлөрүн өссө кэҥэтэн, атын да кыыллары сакаастаан  оҕо аймахха, улахан да да дьоҥҥо маннык үөрүүнү бэлэхтии туралларыгар баҕарабыт. Манна лдаҕатан эттэххэ, эдэр дьон билигин панда көстүүмүн сакаастаатыбыт дииллэр. Онон дьэ сотору биһиги үрүҥ эһэни сэргэ панданы араас бырааһынньыктарбытыгар ыҥыран ыалдьыттатыахпыт турдаҕа.

 

Надежда ИВАНОВА

Читайте дальше