Кылгас сайыммыт бүтэрэ чугаһаата, ону кытта «эбээ, эһээ лааҕырдара» өссө кэлэр сайынҥа диэри ааннара сабыллан,уһуйаан, оскуола кэмэ тиийэн кэлэрэ ахсааннаах күн хаалла. Саха киһитэ кыстыкка бэлэмнэнэр сүрүн үлэтэ — от үлэтэ үмүрүйэн, дойдубутугар Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, оттон улууска Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларын чэрчитинэн Аллыҥа нэһилиэгин ийэлэрэ, учууталлар, уһуйаан үлэһитэ Надежда Иванова идиэйэтин хаба тардан ылан, хамсааһыны өйөөн, аҕыйах күн иһигэр түмсэ охсон, оҕолорго даҕаны, улахан да дьоҥҥо олус интэриэһинэй, сэргэх, өтөрүнэн ыытыллыбатах «Kids party» оҕо бырааһынньыгын тэрийэн, сайын тиһэх күннэрин баттаһа умнуллубат үтүө күнү бэлэхтээтилэр.
Тэрээһиҥҥэ анаабыт курдук сайыҥҥылыы сылаас, ыраас халлаан да туран биэрэн, бэл диэтэр, быйыл былааһы ылбыт «ыҥырыыта суох ыалдьыттар» оҥоойулар кытта да аҕыйаан, астык күн туран биэрдэ. Үүнэн эрэр ыччакка анаммыт дьоро күн нэһилиэк «Золотые скамейки» соҕотох өйдөбүнньүк искибиэригэр ыытыллыбыта эмиэ сүдү суолталаах. Манна эбэн эттэххэ, бу добуочча киэҥ иэннээх искибиэр энтузиаст учуутал Татьяна Григорьева быһаччы көҕүлээһининэн хаһыс да сылын араас кэрэ, дьэрэкээн сибэккинэн киэркэйэрэ махталлаах суол. Бырааһынньыкка тэрийээччи кыргыттар нэһилиэк дьонун ватсап-бөлөҕөр ким эмит, баҕар, көмө буолаарай диэн дьээбэ курдук спонсордары көрдүүбүт диэн ыҥырыы таһаарбыттарыгар элбэх төрөппүт, эбээ, эһээ, ыраах-чугас олорор биир дойдулаахтарбыт илиилэрин уунан, тэрийэр дьоҥҥо көмө буоллулар. Кыргыттар «дьиҥнээхтик ылсан көмө көрдөөбут буоллар, спонсордааччы өссө элбиэх» эбит диэн үөрбүттэрин үллэстэллэр.
Күнүс 14.00 чаастан араас элбэх лааҕырдарга сылдьыбыт волонтердар — Аллыҥа оскуолатын үөрэнээччилэрэ ыалдьыттарга араас флеш-моб оҥотторон, тэрээһини сэргэхтик саҕалаабыттара, 7 кылаас үөрэнээччитэ сэмэй төлөбүргэ оҕолорго аква-грим оҥорбута, маны таһынан, көстүүм кэппит оҕолор аниматордаабыттара тэрийиигэ оҕону бэйэтин кытыннарыы үтүө эрэ өрүттээҕин көрдөрөр. Оскуола саабыһа Татьяна Григорьева оҕолорго оонньуу эгэлгэтин оонньотон, көмө үбүнэн ылыллыбыт бириис эгэлгэтигэр оҕо бөҕө тиксэн үөүүлэрэ муҥура суох буолла. Ону таһынан, үтүө күнү Сунтаартан ыҥырыллан, наймыланан кэлбит «Айар-Ко» бөлөх кыргыттара оҕолорго, төрөппүттэргэ араас маастар-кылаастары ыытан, сатабылларын сайыннардылар, маастар-кылаас кэннэ илии тутуурдаах буоллулар, киһи үрдүгүттэн лаппа улахан куукулалар, ол эбэтэр «пандалаах», «куобах» ыалдьыттаан, оҕолору кытта тэҥҥэ үҥкүүлээн, үөрүүлэрин үксэттилэр, сүргэлэрин көтөхтүлэр, дьэ, уонна кыра да, улахан да саамай кэтэспит пеннай бэчэриинкэтэ оҕо-аймаҕы дьолуттан сэттис халлааҥҥа көтүттэ. Оҕолор өҥнөөх буруо таһааран, кустук өҥүн хатылаабыттара тэрээһин дьоллоох түмүгүнэн буолла. Үөрүүгэ куустарбыт мичээр хоммут сирэйдэри, оҕо-аймаҕы, ыалдьыттары эмиэ тэрийээччилэр ыҥырбыт фотографтара Анастасия Тарасова объективыгар хатаан, үтүө тэрээһини үйэтиттэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар олохтоох дьаһалта Оҕо саас сылыгар күн сирин көрбүт кырачаан Айхаана Иванова уонна игирэчээн Сахаайа, Сандаара Чириковаларга сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Биир интэриэһинэй көстүүнэн Аллыҥабыт 14 оҕолоох Петровтар дьиэ кэргэттэрин кыра игирэ кыргыттара (кинилэртэн улахан игирэ кыргыттар эмиэ бааллар) билигин номнуо үлэһит улахан дьон Диана, Дайаана Петровалар саҥа күн сирин көрбүт игирэчээннэргэ баар үтүөнү баҕаран туран, бэйэлэрин бэлэхтэрин туттарбыттара буолла.
Тэрээһин бүтээтин кытта тэрийсибит төрөппүттэр, астыммыт оҕолор бары бииргэ искибиэрдэрин эйэ-дэмнээхтик хомуйан кэбиспиттэрэ киһини үөрдэр, түмсүүну көрдөрөр.
Оҕо үөрбүт, дьолломмут, дуоһуйбут хараҕын көрөртөн үрдүк дьол бу сиргэ суох. Маннык дьолу элбэх эбээ, эһээ, ийэ, аҕа, ааһан иһэн киирбит ыалдьыт бу тэрээһиҥҥэ көрөн дуоһуйдубут. Салгыы сылын аайы үгэскэ кубулуйара буоллар диэн санаатыбыт. Тэрийээччилэргэ ис сүрэхтэн махтал! Маннык тэрээһини сайыҥҥы бүтэһик күннэри баттаһа атын да нэһилиэктэр холобурга ылан, тэрийдэхтэринэ ол нэһилиэк оҕолоро төьө эрэ үөрэллэр диэн тус бэйэм санаабын тиэрдэбин.
Марианна ПОСКАЧИНА