Үлэттэн, дьиэ хаһан да бүппэт түбүгүттэн сынньана, наар күннэтэ буолартан аралдьыйа, саҥаны сонуну бэйэбитигэр арыйан, аныгы олох тэтимин батыһан, сайда, санаа атастаһа, дууһалыын арыллан, чэпчээн сынньанар баҕалаах сылдьыбыт Аллыҥа нэһилиэгин кэрэ аҥаардыгар анаан субуота күн Христина Николаева аатынан култуура киинигэр кэрэ эйгэ түһүлгэтэ тэрилиннэ.
Бу манна норуот таптыыр ырыатыгар курдук «Билэр дьонум доҕотторум, биэс бэһиэлэй кыргыттарым, көрүүй хайдах курдук күлэ-үөрэ мичилиһэ тураллар» диэн тылларыгар түбэһиннэрэн биэс кыраһыабай, ол эрээри биһиги түгэммитигэр пиэрмэ кыргыттара буолбакка, «Кэрэ эйгэ» кыргыттара кэлэннэр бэрт сэргэх, сонун, туһалаах тэрээһини бэлэх оҥордулар. Биэс хайысхаҕа бэйэбитин холонон көрдүбүт, дьахтар киһиэхэ олус наадалаах, туһалаах ньымаларга үөрэннибит.
Ол курдук, бастаан билсиһии, киһи уйулҕатын сааһылааһыҥҥа, бэйэҕин туораттан ойуулаан көрөн хайдах туох уларыйыы оҥостуоххун сөп суолга үктэниэххин ыйан психолог Надежда Тимофеева тренинг ыытта. Салгыы бары өттүнэн тарбаҕар талааннаах, сорох тэлэбииһэргэ эрэ көрөн сэргиир кыыһа Диана Иванова бэйэтинэн кэлэн туойунан дьиэни ыраастыырга туттуллар, хас биирдии саха ыалыгар баар буолуохтаах холумтан оҥорорго үөрэттэ. Салгыы Татьяна Самсонова эти хааны уһугуннарарга, наар олорон хаалан көһүйэн сылдьыбыт эппитин йога эрчиллиилэрин көрдөрөн, өйдүүн санаалыын, эттиин-хаанныын сынньанарбытыгар түгэни бэлэхтээтэ. Дьахтар биллэн турар, кистэл буолбатах, сэбэрэтэ куруук эдэр буолан сылдьыаҕын бука бары баҕарабыт, бу манна хайдах сөптөөх ньыманан сирэйгин массажтанарга Татьяна Антипина көрдөрдө. Түмүккэ Юлия-Айархаана Алексеева көстүбэт эйгэ, айылҕалаах дьон, күннээҕи олоххо сиэр-майгы, сиэр-туом о.д.а кэпсээтэ, араас ыйытыыга эппиэттээн, бүтэһигэр ыраастаан, арчылаан ыытта.
Бу тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт нэһилиэк кэрэ аҥаардара бука бары астынан, сынньанан, хас биирдиилэриттэн илии тутуурдаах, минньигэс чэйдэринэн күндүлэтэннэр, тус бэйэлэрэ биирдиилээн сүбэ-ама ылан, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Биһиги бастакы хараҥаччылар буолар дьоллоох дьоммут дэстибит, тэрээһиҥҥэ сылдьыбыттар. Олус долгуйан, чахчы дьоҥҥо, дьахтар киһиэхэ кэрэни эрэ, дьахтарга дьолу бэлэхтээри түмсүбүт биэс кыргыттарга махтал үтүө эрэ тылын аныыбыт, салгыы да сайдарга, махтал үтүө тылларын ыла сылдьалларыгар баҕарабыт!
Надежда ИВАНОВА