«…В результате земельных споров коренной III Жарханский наслег 17 ноября 1898 года распался на три самостоятельных наслега, предоставив в пользование каждого наслега земли, которые находились в постоянном владении соответствующих наслегу родов:
-Хаданский наслег из родов Хадан, Кырамда, Бордон.
-Сунтарский наслег из родов Айдага, Сунтар-Абага, Сыллай, Павлов.
-Бакамдинский наслег из родов Бакамда, Дуунай, Моджай.
Территория современного Аллагинского наслега вошла в состав вновь образованного Сунтарского наслега. В декабре 1900 года на сходе инородцев Сунтарского наслега в присутствии Вилюйского окружного исправника было принято решение о строительстве управы в местности «Сымалах» (на территории современного Аллагинского наслега), как признанного всеми центра Сунтарского наслега…» (из книги Ивановой Т.С. «Аллыҥа нэһилиэгэ сайдыы сырдык суолунан» 2023 сыл)
Бу дьыл ахсынньы 15 күнүгэр Аллыҥа нэһилиэгин төрүттэммитэ 125 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста.
Бу тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Түмэнин дьокутааттара Андрей Николаев, Афанасий Постников, Сунтаар улууһун аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, улуус дьокутааттарын мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова, улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын начальнигын солбуйааччыта Владимир Уаров, улуус киин библиотекатын дириэктэри солбуйааччыта Анатолий Львов, улуус архыыбын сэбиэдиссэйэ, кыраайы үөрэтээччи Аркадий Яковлев, бу нэһилиэктэн төрүттээх атын сиргэ олорор ыалдьыттар, олохтоохтор күндү ыалдьыт буолан, тэрээһини көҕүлээн, кыттыыны ылан бардылар.
Тэрээһин биллэриигэ бэлиэтэммитин курдук тута 11 чаастан орто оскуола түмэлин туһунан оҕолор билсиһиннэриилэриттэн саҕаланна. Үөрэнээччилэр: хороччу улаатан эрэр уолаттар, кыргыттар чаас аҥарын устата киһи эрэ болҕойон, тартаран истэрин курдук ардыгар сахалыы, сороҕор нууччалыы лоп-бааччы, чобуо тылынан кутан-симэн кэпсээн кэбиспиттэрин манна кэлбит дьон астына-дуоһуйа иһиттилэр. Хайдах эрэ киһиэхэ оҕолортон өрө көтөҕүллүү, нэһилиэктэрин историятын иҥэн-тоҥон дириҥник билэллэриттэн сэмээр киэн туттуу сырдык долгуна кууһан ылла. Ол кэннэ оскуола түмэлин экспонаттарын орто оскуола кыраайы үөрэтэр түмэлин үлэтин тэрийээччи-педагог Таисия Иванова ытык ыалдьыттары батыһыннара сылдьан көрдөрдө, кэпсээтэ.
Манна өйдөөн көрдөххө түмэлгэ хараллан, көрдөрүүгэ ууруллан турар хас биирдии нэһилиэк олохтооҕун сүрэҕэр күндү буолбут экспонат маны таптаан, харыстаан бэрийэр дьон илиилэрин сылааһынан сыдьаайа, сырдыы турар курдуктар. Ити нэһилиэк баай историятын кэрэһилиир ньиргийэн ааспыт кэм туохха даҕаны тэҥнэммэт баай опыттаах, тыыннаах, өлбөөдүйбэт илдьиттэрэ. Бу кэнниттэн бырааттыы Уаровтар ааттарынан бырааһынньыктыы киэргэтиллибит спортивнай саалаҕа бырагырааммаҕа чопчуламмыт бииртэн биир тэрээһин буолан истэ.
Аллыҥа нэһилиэгэр сайдыы кэрдиис кэмнэрин көрдөрөр Надежда Иванова ааптардаах театрализованнай туруоруу үрдүк таһымҥа буолла. Надежда Иванованы тахсан иһэр айар куттаах талааннаах прозаик быһыытынан билэбит. Аны билигин ол талаан олоҕу көрүүтэ эбии дириҥээн драматургия, сценография, режиссура диэн хайысхаларынан байан-тайан иһиэх чинчилээх. Бу театрализованнай туруорууга оҕолуун, улахан дьоннуун бары кыттыбыттара киһини сэргэхситэр. Далбар хотуттар бэрт холкутук устан, унаарыйан киирэн сахалыы үҥкүүлээбиттэрэ эчи үчүгэйин баҕаһын. Үҥкүүлэри туруорбут эдэр, кэскиллээх специалист Станислав Николаев чаҕылхай талаана өтө көстөр.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэн — нэһилиэк 125 сааһын туоларынан дьон-сэргэ үлэтин түмүгүнэн үрдүк наҕараадалары туттарыы буолла. Бастакынан уһун сылларга үлэлээн баай опыттаммыт, сиппит-хоппут нэһилиэк аҕа баһылыгын Николай Спиридоновы СӨ Ил Түмэнин дьокутааттара эҕэрдэлээн, араас таһымнаах үөһээҥҥи тэрилтэлэр истиҥ, сылаас тыллардаах махтал, эҕэрдэ суруктарын, бочуотунай грамоталарын туттардылар. Оннук, ыал — аҕатынан диэни санаан кэлэҕин, ол тэҥэ нэһилиэк — аҕа баһылыгынан. Кини көмүскэлигэр, харыстабылыгар нэһилиэк олоҕо бүттүүнэ. Үрдүк эппиэтинэс, үрдүк итэҕэл. Манна даҕааһыннаран биири эбэн этиэм этэ: баһылыкпыт Николай Васильевич олоҕун аргыһа, тапталлаах кэргэнэ Анна Артуровна бу тэрээһиҥҥэ эмиэ бииргэ сылдьан, үөрэ-көтө көмө-ньыма буола сылдьара кырдьык даҕаны нэһилиэк, дойду тирэҕэ, эр киһи айымньылаах үлэтэ — эйэлээх-иллээх ыал диэн буоларын итэҕэйэ көрөҕүн.
Сир-дойду дьонноох-сэргэлээх буолан кини аата ааттанар, тупсар, сайдар, үүнэр, чэчириир, сэргэхсийэр. Олох ууһа-киһи, оттон киһи бэйэтэ олох кэрэ, улуу айымньыта.
Нэһилиэк олохтоохторугар араас таһымнаах үрдүкү тэрилтэлэртэн саҕалаан олохтоох дьаһалта аатыттан эҕэрдэ, махтал суруктар, бочуотунай грамоталар туттарылыннылар, бочуоттаах ааттар иҥэрилиннилэр.
Тохтобул кэмигэр нэһилиэк бар дьоно тэрийсибит баай астаах-үөллээх остуол тула хаама сылдьан тотуохпутугар диэри улаханныын, оҕолуун минньигэс аһы амсайдыбыт.
Сунтаар улууһугар Тойбохой олохтооҕо муусука, ырыа ветеран учуутала, үйэтигэр баянын санныттан түһэрбэккэ оонньуу, ыллыы сылдьар, өрүү эдэр көрүҥнээх Клара Тихонованы билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини салалтатынан нэһилиэк олохтоохторо, орто оскуола оҕолоро буолан сүүстэн тахса киһи бииргэ мустан «Аллыҥам, Аллыҥам барахсан!» диэн биир чаҕылхай талааннаах ааптар Лариса Калачикова айан хаалларбыт ырыатын хорунан ыллаан ньиргиттэ. Хор — искусство биир муҥутуур үрдүк чыпчаала. Арай маны Клара Степановна дьэ, хастыы да сыл көтө-көтө Аллыҥаларга кэлэн кыайа тутан үрдүк таһымҥа туруорар. Айылҕа ортотугар олорор, сылдьар дьон бэйэлэрэ ырыаһыт чыычаахтар кэриэтэ кимнээҕэр даҕаны ордук ырыаһыттар. Дьиҥэр, олох диэн үрдүк хоһоон, поэзия тыына, ол кут-сүр сайдыытын таһымын бэлиэтэ. Нэһилиэк аҕа баһылыга Николай Васильевич, орто оскуола дириэктэрэ Кирил Гаврильевич, нэһилиэк дьокутаата Владимир Семенович, ыччат лидера Антон Васильевич, Айантай Дьулус – нэһилиэк бас-көс эр дьонноро, ол кэннэ оскуола оҕолоро хоһоон ааҕан доргуппуттара олус долгутуулаах түгэн буолла. Хоһоон – дууһа көтүүтэ, дууһа иэйиитэ. Маннык ааҕыылары өрүү олохтоох библиотекарь Ньургуйаана Семеновна тэрийэн ыытара хайҕаллаах суол.
Күнүс икки чааһы ааһыыта Аллыҥа нэһилиэгин, Сунтаар улууһун ытыктыыр киһилэрэ РФ норуотун үөрэхтээһинин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, «Эффективнэй салайааччы» бочуот бэлиэлэрдээх, «Саха-Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо пуондатын стипендиата, СӨ «Учууталлар учууталлара», «Гражданскай килбиэн» бочуот бэлиэлэрин хаһаайката, «Сунтаар улууһугар үөрэҕирии сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» үрүҥ көмүс бэлиэлээх, Аллыҥа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Таисия Иванова «Аллыҥа нэһилиэгэ сайдыы сырдык суолунан» диэн Аллыҥа нэһилиэгин туһунан саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Бу Таисия Семеновна төрдүс кинигэтэ буолар. Дьонтон ахтыыларын хомуйан, түмэн, тылын-өһүн сааһылаан, ыпсаран кинигэ гынан таһаарыы элбэх сыраны-сылбаны, уһун дьаныардаах өй, сурук үлэтин эрэйэр. Кинигэ таҥыллыыта, оҥоһуута, тас көрүҥэ олус үчүгэй, көрүөххэ ис-киирбэх, кэрэ даҕаны. Кини бу үлэтэ улахан үлэ, дьоруойдуу быһыы, дойду, дьон иннигэр, кинилэр сайдыыларыгар бэриниилээх буолуу, эппиэтинэһи ылыныы.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр элбэх, үгүс үтүө эҕэрдэ, истиҥ тыыннаах тыл этилиннэ. Киһи бу сиргэ кэлбит суола-соруга ырылхай, сулус курдук чаҕылхай, үрдүк холобурун дьон-сэргэ илэ хараҕынан көрөр, эт кулгааҕынан истэр дьикти түгэнэ.
Элбэх сыллар усталара бэлиэтии саныырым: дойдум Аллыҥам дьоно-сэргэтэ хас биирдиилэрэ ханнык даҕаны социальнай балаһыанньатыттан тутулуга суох күүстээх санаалаахтарын. Ол кырдьыгын билигин нэһилиэгим Аллыҥам оҕолоро аан дойдуга тиийэ чөмпүйүөн аатын ылан кэлэллэриттэн дьиҥ-чахчы итэҕэйэҕин. Киһи кыаҕа муҥура суох муҥутуур сүдү, сүүнэ.
Оо, оттон бу бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ хайа саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри үөһэттэн улуу куйаар махталын, тапталын күүстээх энергията кутулла турарга дылы. Төһөнөн киһи барахсан дойдуга, дьоҥҥо таптал, бэриниилээх буолуу дириҥ, сырдык иэйиилэрин таарыйар даҕаны соччонон үрдүк, чараас эйгэҕэ киһи мин диэн дьиҥ, сырдык, ыраас кырдьыга, анала сандаара түһэр.
Бүгүн манна үрдүк поэзия курдук: үөрүү, ып-ыраас дьиҥ кырдьык уонна таптал дьонум-сэргэм сүрэҕэр тыга-тырымныы сылдьарын илэ-чахчы сэрэйдим, биллим.
«…Самая высокая мысль — это радость, самые ясные слова — это истина, самое великое чувство — это любовь…» Нил Дональд Уолш диэн американскай суруйааччы эппитин курдук бүгүҥҥү күнү санаатым.
Кинигэ тахсыыта — дьон-сэргэ истиҥ ахтыылара, олох опыта, дьиҥ кыларыйар кырдьыга, нэһилиэк 125 сыла — мындыр буолуу, киэҥ көрүү, үрдүк үөрүү, дьон-сэргэ көхтөөх кыттыыта, таптала.
Күндү төрөөбүт нэһилиэгим-Аллыҥам олохтоох дьаһалтата, бука бары тэрилтэлэрэ, бар дьоно! Эһигини барҕа махтал, итии таптал араҥаччылыы туруохтун.
Ханна эрэ дууһам түгэҕэр
Уһуктан кэлэр, миигин күүтэр
Уһун үйэлэр устата
Дириҥнэрин тургуппат
Иһиллээбит чуумпулар
Күөх тыалара күөгэҥниир
Таайтарыылаах имэҥнээх
Солко сипсиэр туола түһэр.
Оччоҕуна хайа даҕаны ыраахтан
Ахтылҕаным тыллар харалдьыгар
Таптал кыынньар амтана
Тыынар салгыҥҥа дьырылаан
Сүһүөххэ түһэр,
Сүрэххэ ууллар
Өбүгэлэр тыыннара уйадыйар
Кэм туманыгар куустарбыт
Муҥутуур үрдүк бэриниилээх,
Муҥура биллибэт итэҕэллээх
Төрөөбүт төрүт дойдум-
Аллыҥа-хотунум, күн-кутум,
Өспөт тыыннаах
Эн бааргын!
Күн СИККИЭРЭ