Аллыҥа нэһилиэгэр өссө биир саҥа уопсай дьиэ тутуллан киириэ

Дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарарга туһаайыллыбыт «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан үгүс улууска элбэх саҥа дьиэ тутууларын туһунан элбэхтэ ааҕабыт, истэбит. Ол курдук бу бырагыраама иитинэн Аллыҥа нэһилиэгэр үстүү хостоох, толору хааччыллыылаах, икки кыбартыыралаах мас уопсай дьиэ тутулла турар. Дьиэ тутуутун ИП «А.П. Алексеев» ылсан, күүстээх үлэ бара турар. Билиҥҥи туругунан дьиэ холлоҕоһо бүтэн ис-тас үлэлэрэ хаалан турар. Улуус кииниттэн олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, Якутскэнерго, Ростелеком тэрилтэлэрэ тахсан монтажтыахтара.

Бу күннэргэ нэһилиэк олохтоох дьаһалтата, кулууп, оскуола, уһуйаан тэрилтэтин кэрэ аҥардара ханаппаахы үлэтигэр күүс-көмө буолан, субуотунньук оҥордулар. Ону тэҥэ нэһилиэк олохтоох уолаттара биригээдэ тэринэн түннүк туруорааһыныгар ылсан үлэлиэхтэрэ. Тутуу матырыйаала үксэ барыта кэлэн сытар, этэҥҥэ буоллаҕына быйыл саҥа дьиэ үлэҕэ киириэ.


Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше