Аллыҥа кырачааннара хортуоска бэстибээлин арыйдылар

Аллыҥа нэһилиэгин «Үрүйэчээн» уһуйаан кырачааннарыгар, кинилэр төрөппүттэригэр уонна үлэһиттэргэ көмүс күһүнү уруйдуу, саҥа үөрэх дьылынан «HORTUOSKA FEST» диэн ааттаах хортуоска бэстибээлэ буолан ааста. Бу күн күрэстэһии барыта ыал аайы баар хортуоска тиэмэтинэн ыытылынна, ону таһынан кырачааннар «Көмүс көмүһүн быыһыгар», төрөппүттэр «Мин таптыыр күһүнүм» уһуйаан пуондатыгар хаалар үйэлээх оҥоһукка уонна «Мин ийэм таптыыр оҕуруот аһабын» диэн оҕуруот аһын көстүүмүн күрэскэ күөн көрүстүлэр.

Төрөппүттэр көхтөөхтөрө, тарбахтарыгар талааннаахтара сөхтөрдө. Кырачааннар бу күн музыкаҕа уһуйааччы Иван Иванов бэлэмнээбит музыкальнай нүөмэрдэрин бэлэх ууннулар, көрдөөх күрэхтэөһиигэ кытыннылар.

Маны таһынан «ХОРТУОСКАТТАН 100 БҮЛҮҮДЭ» диэн уһуйаан үлэһиттэрэ уонна төрөппүттэр хортуоскаттан араас минньигэс бүлүүдэ астаан аҕалан быыстапкалаатылар. Ол кэннэ үлэһиттэр уонна төрөппүттэр истэригэр «ХОРТУОСКА-ГОУ!» диэн көрдөөх старт буолла. Манна хортуоска олордооһунтан, уу кутааһыныттан орооһунугар, хортуоскабытын хостооһуммутугар тиийэ күрэстэстибит. Түмүгэр төрөппүттэр хамаандалара бастакы миэстэни ылан «кыһыл көмүс мэтээлинэн» — араҕас өҥнөөх кэмпиэтинэн наҕараадаланнылар. Үлэһиттэр иккис миэстэ буоллулар. Оҕолор, төрөппүттэр дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан наҕараадаланан, хортуоскаттан араас бүлүүдэни астаан аҕалбыт  астарбытын тото- хана аһаан тарҕастылар!

Көрүөххэ астык дьэдьэннэр, эҥин дьикти перецтэр, кууллаах хортуоскалар, минньигэс бэйэлээх астар, тарбахтарыгар талааннаах төрөппүттэр бүгүн көрүстүлэр уһуйаан тиэргэнигэр «HORTUOSKA FEST» бэстибээлгэ!

Надежда ИВАНОВА. Аллыҥа

Читайте дальше