“Алгыстаах ааттаах муосчут”  Константин Меркурьевич Мамонтов туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ

Балаҕан ыйын  23 күнүгэр Дьокуускай куоракка  национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ норуодунай худуоһунньуга, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, норуотун маастара, Арктикатааҕы култуура уонна искусство государственнай институтун профессора Константин Меркурьевич Мамонтов туһунан“Алгыстаах ааттаах муосчут”  диэн кини айар үлэтигэр, олоҕугар аналлаах кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэни Константин Меркурьевич кэргэнэ РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ худуһуонньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Людмила Николаевна Мамонтова иилээн саҕалаан таһааттарда. Онтон кинигэни хомуйан оҥордо СӨ “Гражданскай килбиэн” аат хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Октябрина Прокопьевна Булатова-Максимова. Кинигэ сүрэхтэниитин алгыстаах тойугунан Константин Меркурьевич эдьийин Тамара Меркурьевна кыыһа СӨ култууратын туйгуна, СӨ үтүөлээх оһуокай этээччитэ Антонина Саввична Алексеева алгыстаах тойугунан арыйда. Кинигэ сүрэхтэниитин иилээн-саҕалаан ыытта Константин Меркурьевич эдьийин Капиталина Меркурьевна кыыһа СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Лидия Николаевна Павлова. Ырыанан тэрээһини киэргэттэ СӨ мелодиһа, култууратын туйгуна Кондратий Меркурьевич кэргэнэ Галина Гаврильевна Мамонтова.

Бу иннинэ кинигэни Бүлүү куората 390 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүгэр Бүлүү куоратыгар эмиэ сүрэхтээбиттэрэ. Тэрээһин чэрчитинэн Константин Меркурьевич үлэлэрин быыстапката турбута.

Санатан этэр буоллахха, Константин Меркурьевич өрөспүүбүлүкэҕэ биир ситимнээх, профессиональнай художественнай үөрэтиини туруулаһан олоххо киллэрбитэ. Ол курдук, Бүлүү к. 1991с. Константин Меркурьевич туспа оҕо художественнай оскуолатын арыйан маҥнайгы дириэктэринэн ситиһилээхтик үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайдааҕы Саха сирин норуоттарын төрүт үгэстэрин үөрэтэр технология уонна дизайн коллеһыгар “Декоративнай прикладной искусство уонна норуот уус-уран оҥоһуктарын” диэн бэлэмниир салааны “Художественная резьба по кости” идэни арыйан үлэлэппитэ. Бэйэтэ бу идэҕэ маастардары бэлэмнээбитэ.

2008с.  Арктикатааҕы государственнай култуура уонна искусство институтугар эмиэ ити бэлэмниир хайысханы арыйбыта. Ситиһиилээхтик үөрэппитэ. Саха сиригэр бастакы үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр бүтэрэн  тахсыбыттара.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Константин Меркурьевич Дьокуускайдааҕы художественнай училещаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо, билигин СӨ норуодунай худуоһунньуктара, РФ үтүөлээх худуоһунньуктара Федор Марков, Афанасий Романов уонна кинилэри үөрэппит куурустарын салайааччыта СӨ, РФ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, искусствовед, профессор Зинаида Ивановна Иванова-Унарова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыс Николай Алексеевич Крылов, Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ, СӨ норуодунай худуоһунньуга , норуот маастара Анна Николаевна Зверева, Бүлүү куоратыгар оҕо художественнай оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит, ол кэмҥэ дириэктэрдээбит Светлана Ивановна Николаева, СӨ нэһилиэнньэтин көмүскэллээх буолуутун сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ, Күүкэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Антонина Васильевна Степанова, ону таһынан Константин Меркурьевич биир дойдулаахтара, аймахтара, доҕотторо уо.д.а. истиҥник ахтан санаан аастылар. Кинигэ тахсыытыгар матырыйаалын хомуйуутугар көмөлөспүт дьоҥҥо махтал иһирэх тылларын эттилэр.

Ити курдук, Константин Меркурьевич Мамонтов худуоһунньук, уһуйааччы чаҕылхай айымньылаах олоҕо, педагогическай, общественнай үлэтэ аан дойдуга,  Арассыыйаҕа Саха сиригэр билиниитин, саха национальнай искусствотын тарҕатыыга улахан талаанын, өҥөтүн, билиитин биэрбит сүдү киһибит аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин.

Людмила Николаевна Мамонтова-  РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ худуһуонньуктарын айар сойууһун чилиэнэ,

СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара

Читайте дальше