Ыам ыйа – Иэйэхсит.

Иэйэхситиҥ этиитинэн

Уйгу-быйаҥ тардыылан,

Уруй-айхал олбохтон!

 

Ыам ыйын 22 күнэ – сааскы Ньукуолун күнэ бэлиэтэнэр. Айылҕа барахсан ситэн-тупсан киэркэйдэ, күммүт чаҕылыччы оонньоон күлүмүрдээтэ, Бүлүү эбэ мууһа хайыы үйэ ууллан үөһээнэн хоптолор хобугураһан далбаатыы дайаллар. Улуу эбэбит быйаҥнаах биэрэгэр киһи-аймах тобус толору. Буолумуна… бу бэлиэ ытык күҥҥэ дьон-аймах эбэлэригэр үҥэн-сүктэн, алаадьылаах кымыһынан айах тутан күндүлээтэхтэрэ. Арҕааттан кэҕэ этэр куолаһа хас биирдии киһи эт кулгааҕар минньигэстик кутуллар. Ама бу чаҕылхай күнтэн ким сүргэтэ көтөҕүллүбэт буолуоҕай? Ыаллар самаан сайын бастакы күнүн эҕэрдэлии көрсөллөр. Ынах-сүөһү, сылгы, куурусса саҥата дэриэбинэни биир гына ылла. Көтөр-сүүрэр, хамсыыр харамай саха киһитин олоҕор-дьаһаҕар өрүү быстыспат ситимнээх.

Валентина бу күнү мүччү тутумаары нэһилиэк аҕам саастаахтарын түмсүүтүн “Алаас” ансаамбыл чилиэттэрин айылҕаҕа илдьэ сынньата таһаарар буолла. Ансаамбыл салайааччыта буолбутун быһыытынан бу түмсүүнү адьас көхтөөхтүк тэрийэр сыаллаах. Сарсыардаттан утаа алаадьылаан дьиэтин-уотун сахалыы үгэһинэн арчылаата. Арыылаах саламаат, көбүөрдээх лэппиэскэ, арыылаах алаадьы, үтэһэлээх эт, көөнньөрүллүбүт кымыс, оттон даҕаны  саха араас мааны аһын өйүө быһыытынан бэлэмнээтэ. Валентина чэйдии олорон дьүөгэтигэр Настааҕа эрийдэ. Настаа күүлэҕэ үүт эрийэ турар. Киэҥ сырдык саалаҕа төлөппүөн тырылыы түстэ: «Дорообо, күөх сайыҥҥа үктэммиппитинэн истиҥ эҕэрдэ буоллун!» диэн Валентина дьүөгэтин эйэҕэстик эҕэрдэлээтэ. Онуоха Настаа: «бирибиэт, махтал доҕоор! хайа тугу сонуннаатыҥ?» диэн тугу эрэ кэскиллээҕи сэрэйбиккэ дылы буолла. Киһи — айылҕа быстыбат сорҕото, айылҕанан олоруу, айылҕалаах буолуу, айылҕалыын алтыһыы киһи тус олоҕор наһаа улахан суолталааҕын Валентина дириҥник өйдүүр. «Аар айылҕабытыгар тахсан күүстэ-уохта ылыахха, самаан сайыммытын уруйдуу-айхаллыы көрсүөҕүҥ», – диэн хоп гыннаран баран, ансаамбыл хас биирдии чилиэттэригэр илдьиттээтэ. Элгээйи нэһилиэгин ытык-мааны аҕам саастаах дьоно айылҕаҕа ис дууһаларынан өрүү чугас, ону тэҥэ доруобуйаларын даҕаны чэбдигирдэр сыалтан бу бэлиэ түгэни хаһан даҕаны мүччү туппаттара хайҕаллаах дьыала.

Бөһүөлэктэн лаппа ыраах Хоролуур суолга сытар Угут Күөл киэҥ нэлэмэн сыһыыта, итии, сайаҕас мүөттээх салгына, кэрии тыаҕа кэҕэ этэр лыҥкынас куолаһа, хатыҥнардаах чараҥа көрүөххэ-истиэххэ, тыыныахха эчи кэрэтиэн. Бу улуу сыһыыга норуот талба талааннаахтара, чуор куоластаахтара түмсэн саха төрүт үҥкүүтүн оһуокайы оройуттан тутан хаамыстахтара. Норуот чаҕылхай ырыаһыта Кыыл Охонооһой уола, Ырдьаҥ Дьаакып үөрэнээччитэ Сэргэй Сибиэрэп-Кыыл Уола манна төһөлөөх элбэхтэ туойан, бэл ыһыаҕы аһан, дьон кутун-сүрүн туппута буолуой. Кини сахалыы үгэстэри, сиэри-туому билэр чахчы айылҕа анаабыт айдарыылаах киһитэ этэ буоллаҕа. Ол барыта уос номоҕор хаалан бу ытык сиргэ үктэммит эрэ барыта улуу киһи Угут Күөлгэ сылдьыбыт сырыытын өрүү уостан уоска биэрэн кэпсиир, ахтар-саныыр үгэстээх. Улуу Сибиэрэп үгэһэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бара турар.

«Алаас» далбар хотуттара, эр хоһууттара аргыый наллаан, чуумпуран сытар күн көмүс уулаах күөлгэ киирэн сырдык көмүс күҥҥэ үҥэн-сүктэн, өбүгэлэрин өтөхтөрүн кэриэстээн алгыстарын аныыр чаастара тосхойдо. Алгыс – киһиэхэ үтүөнү, сырдыгы баҕарыы, ону ааһан киһи-аймах сир-дойду иччилэрин аймаабат наадаттан кинилэргэ син биир тыынар-тыыннаахха тыл бэрсэн сыһыаннаһарыҥ курдук алгыс хайаан даҕаны толоруллуохтааҕын бу алаастар биир сүрүн үгэстэрэ буолар.

Алгыһы норуот ырыаһыта Вера Петрова толорор. Кини ааттаах алгысчыт, тойуксут быһыытынан биллэр. «Үрүҥ айыы тойон бэттэх көрөн мичик гын» диэн алгысчыт турукка киирэн алгыһын аа-дьуо анаабытынан барда. Күн тула тоҕуоруһа түмсүбүт оҕонньоттор-эмээхситтэр эйэҕэс иччилэригэр, көмөлөһөр күүстэригэр көрдөһөн-ааттаһан алгыһы үс куттарыгар иҥэринэ турдулар. Тойук кутуллар дорҕооно алгыһы ситэрэн-хоторон, тупсаран-киэргэтэн биэрэрин саха эрэ киһитэ барыта өйдүүр, билэр. Бэл сир-дойду иччитэ үөрбүккэ-астыммыкка дылы буолан күн сырдыгынан сыдьаайа мичээрэр, чээлэй күөх сибэкки тэтэрэр, күөрэгэй чуопчаарар, кэҕэ этэн чоргуйар. Саха дьоно уһун кыстыгы этэҥҥэ туораан уйгуну-быйаҥы түстүүр күөх сайыҥҥа үөрэ-көтө үктэннилэр. Вера Петрова күөл кытыытыгар арыылаах алаадьытын күн эргииринии төгүрүччү оргууй аҕай уунна, уохтаах кымыһынан айах тутан күндүлээтэ. Онон, кини алгыһа ордук тиийимтиэ буоларын олохтоохтор бары билэллэр, ытыктыыллар. Ансаамбыл чилиэттэрэ бары сирэйдиин-харахтыын тупсан, дууһалыын манньыйан, айылҕаттан чахчы күүс-уох, сэниэ ылынан өссө ордук өрө күүрүүлээх буоллулар уонна бэйэ-бэйэлэрин сэмэйдик мичиҥнии көрсүстүлэр.

Ансаамбыл чилиэттэрэ малларын-өйүөлэрин ылан хорчуоппа диэки сырыстылар. Икки уһун мас ыскамыайкалаах сандалы остуолу сууйдулар-соттулар. «Алаас» ансаамбыл биир тутаах киһитэ, айылҕаттан үчүгэй куоластаах ырыаһыт Иннокентий Спиридонов сиэрэй сонун сиэбиттэн испиискэни ойутан таһааран аал уоту оттон кутаа уокка чэй өрө уурда. Киэсэ бу соторутааҕыта элбэх куһу кустаабыта. Кини эр киһи буоларын быһыытынан бултуурун туохтааҕар даҕаны ордорор, бэл тыаҕа киһи мээнэ айдаарыа суохтааҕын, булт быраабылаларын сиэннэригэр өрүү үөрэтэр-өйдөтөр. Киэсэ кутаа уот иннигэр олорон куһун оргууй аҕай үргүү, ыраастыы олордо. Кини үөлээннээхтэрин кытары сынньана тахсыбыт киһи буоларын быһыытынан сиэнин Костигы айылҕаҕа сырытыннара, күүлэйдэтэ аҕалбыт. Костик, үтүө түгэн тосхойбучча эһэтиттэн ыйытан туоһуласта: «Эһээ ити куһу тоҕо өлөрөн сиибитий?». Онуоха Киэсэ сиэнин көхсүттэн кууһан ылан бэрт сэмэйдик чоп гыннаран арыый ыраахтан кичэллээхтик быһааран биэрдэ: «Тукаам кыыл-сүөл эрэ барыта бултаммат. Холобура көтөрдөртөн чыычаахтары ытыалыыр адьас аньыы, куһаҕан. Кинилэр айыы көтөрдөрө буолаллар. Ол аата балар дьыл сылаас кэмигэр ордук чуолаан сайын бааллар. Ол иһин өлөрүллүбэт, бултка аналлаах көтөрдөр буолбатахтар. Оттон сахаҕа бултанар кыылларынан тыатааҕы, куобах, тайах. Көтөрдөртөн кус, хаас, онтон даҕаны элбэхтэр буоллаҕа дии. Ол эрээри бултуоҥ иннинэ хайаан даҕаны ытык үгэс, быраабыла быһыытынан сиргин-уоккун аһатан байанайгыттан көрдөһүөх тустааххын. Оччоҕуна ол үгэс киһи бэйэтин санаатыгар даҕаны үчүгэй, байанайыҥ бэрсиэҕэ», – диэн Киэсэ сиэнигэр сиһилии быһаарда. Костик эһэтин сэһэниттэн саҥаны-сонуну истэн билбэтэҕин биллэ, истибэтэҕин иһиттэ.

Күн ортолоон илин диэкиттэн сайаҕас сылаас салгын сайа биэрэр. Киэсэ кутаа уот үрдүгэр турар хара солуурчахха ыраастаабыт куһун буһара уурда. Валентина ыраас сандалы остуол үрдүгэр араас дьэрэкээн кустук өҥүнэн киэргэтиллибит ыскаатары тэлгээн намыратта. Ас арааһа тэлгэннэ. Күөрчэх, арыылаах алаадьы, көбүөрдээх лэппиэскэ, арыылаах саламаат, үтэһэлээх эт, бэрэски, кымыс, итии чэй, кус. Бу барыта саха төрүт аһа. Алгыстаахай санаалаах, амарахчай дууһалаах алаастар субу курдук дьыл саҥа кэмин күөх сайыны уруйдуу-айхалыы көрүстүлэр. Күннээҕи түбүктэриттэн быыс булан сынньанан, көрү-нары, үҥкүүнү-битиини, ырыаны-тойугу аргыый наллаан тартылар. Байаныыс Арыйаан байаанынан араас нарын-намчы дорҕооннору лыҥкынаттаҕына, Күөрэгэй Маайа күөрэгэйдии өрө көөчүктүү дайдаҕына, худрук Балантыына имигэс илиилэрин өрө күөрэтэн дирижердаатаҕына айылҕа кэрэ көстүүлэрэ кытта кинилэрдиин бииргэ буолан үөрбүччэ-көппүччэ, ылласпыкка-туойсубучча дылы буолуоҕа. Оттон сиэннэр эбэлэрин-эһэлэрин сылаас истиҥ тапталларыгар угуттанан инники олохторугар бастыҥ холобуру иҥэриниэхтэрэ турдаҕа.

 Артем ОСИПОВ

 

Читайте дальше