Айылҕалыын алтыһан күүс-уох ылыналлар

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Мария, Василий Спиридоновтары улууска эрэ буолбакка, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ билэр, кинилэр талааннарыгар сүгүрүйэр, үлэлэрин холобур туттар.

Мариялаах Василий икки эмдэй-сэмдэй кыыс оҕолоохтор. Култуура үлэһиттэрэ кыргыттарын ханнык баҕарар тэрээһиннэргэ олох кыра саастарыттан бэйэлэрин кытары илдьэ сылдьаллар. Сынньалаҥ кэмнэрин эмиэ бииргэ олус сэргэхтик атааараллар.

Ыал аҕата ырыаһыт, тэрийээччи эрэ буолбатах. Маһы ыллаппат эрэ уус киһи. Аны хоту дойду хоһууна буолан, кыраҕы харахтаах, баай байанайдаах булчут бэрдэ. Ону сэмсэ Байанайдаах Баһылай диэн аата кытары туоһулуур. Оттон ыал ийэтэ Мария хаһаайка бэрдэ. Ас арааһын астаан дьиэ кэргэнин, доҕотторун, аймахтарын күндүлүүр. Иннэни, сабы тутта да сценаҕа кэтэр таҥастарын тигэ охсор бэрт мындыр Далбар Хотун. Туппута бары тупсаҕай, уурбута барыта уран буолар.

Улахан кыыс Сандаара оскуола киһитэ, кыра Самаара уһуйаан иитиллээччитэ. Кыргыттар иккиэн төрөппүттэрин кытары бииргэ сылдьан, сценаҕа хайдах туттары-хаптары уу харахтарынан көрөн үөрэнэллэр. Оскуола, уһуйаан култуурунай тэрээһиннэрэ кинилэрэ суох ыытыллыбатын кэриэтэ. Хомоҕой хоһооннорун, ылбаҕай ырыаларын доҕотторо, биир дойдулаахтара астына истэллэр, ийэлээх аҕаларын туйаҕын хатардаллар диэн бүччүм санаалаахтар.

Спиридоновтар айылҕалыын алтыһалларын туохтааҕар да ордороллор. Төрдүөн  тимир көлөлөрүгэр олордулар да, дьыл ханнык баҕарар кэмигэр ойуурга, кырдалга сылдьан, сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынан, оонньоон- көрүлээн күүс-уох ылыналлар.

Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар «Всей семьей» бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн кыттааччылар араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, уустуга суох сорудахтары толорон бириистээх оонньууга кыттыахтарын сөп. Бырайыак сайта👉  всейсемьей.рф

Яина ВЛАСЬЕВА

 

Читайте дальше