Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн, Сэттэ Сэрбээк уонна Мотурууна Габышевтар удьуордарын «Удьуор утума» түмсүүтэ 10 сыллаах бэлиэ түгэннэринэн күндэйэлэргэ бэртээхэй кэнсиэр бэлэхтээтэ. Бу туһунан Күндэйэттэн хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Феврония Николаева иһитиннэрдэ.
Кэнсиэри күндэйэлэр кыыстара Кыһыл Харыйалаахтан төрүттээх Анастасия Габышева-Сыдьаайа иилээн саҕалаан, илиҥҥи үҥкүү имэҥигэр куустаран олус тэтимнээхтик ыытта.
Кэнсиэр кэмигэр Габышевтар удьуордара талба талааннарын, сатабылларын көрдөрөр бэртээхэй быыстапканы кулууп саалатын толоро киэптии туруорбуттарын олохтоохтор кыралыын-кырдьаҕастыын сэҥээрэ көрдүлэр.
«Кыһыл Харыйалаах кэрэ куота, аатыҥ курдук сырдыгы сыдьаайа, үҥкүү кэрэ алыбар угуйа, дьоро да киэһэни бэлэхтээтиҥ, дойдуҥ дьонун дьоллоотуҥ! Махтал буоллун эйиэхэ. Бу курдук дууһалыын сыдьаайа, илбистээх илиҥҥи үҥкүү имэҥинэн илгийэ, мэлдьи эдэр эрчиминэн чаҕылыйа, үөрэ-көтө, мичилийэ сырыт», — диэн Сыдьаайаларыгар олохтоохтор махтал-баһыыба эттилэр, баҕа санаа үтүөтүн анаатылар.
Яина ВЛАСЬЕВА