Айар алып эйгэлээх талба талаан уһуйааччы

Бу күннэргэ бассаап ситиминэн биир дойдулаахпыт, Майаҕа буолбут педагогическай дьаарбаҥкаларыгар тарбаҕар талба талааннаах Анна Попова кылынан трансформер сэлээппэни тикпитин көрдөрөрүн туһунан бары сэргии көрбүппүт. Анна Афанасьевна Хадантан төрүттээх. Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээккэ кылынан, сиэлинэн, туоһунан уһуйааччы буолар.

«Сунтаар, Саха сирин, Арассыыйа норуотун маастара Тамара Игнатьева бииргэ төрөөбүт эдьиийим. Оҕо сылдьан кини чороон ойуулуурун олус сэргии, сөбүлүү көрөн онтон саҕыллан, оскуоланы бүтэрэн СПТУ-га художественнай оформитель идэтин ылбытым.  Чороон ойуулуур сувенирнай сыахха үлэлээбитим. Айар үлэбэр Эдьиийим Тамара Афанасьевна сүбэтэ-соргута улахан оруоллаах, билигин даҕаны үгүстүк сүбэлиир-амалыыр киһим буолар.

2000 с. лиссиэйгэ оҕолору бастаан туос оҥоһукка дьарыктаабытым, ол кэннэ билигин кылынан, сиэлинэн оҥоһук оҥорорго үөрэтэбин. Кылынан, сиэлинэн дьарыктаммытым 10-ча сыл буолла. Боростуой оҥоһук буолбакка, айан-тутан оҥорорбун сөбүлүүбүн.  Биир оҥоһугу араастык, табыгастаахтык уларыта туттуллар гына толкуйдуубун. Манна матырайаал да кэмчитик барар. Холобур, дэйбиир-сапсыыка иккини биирдэ туттар курдук оҥорбутум. Бу иннинэ кылы тириини кытта дьүөрэлээн сэлиэт тикпитим. Хас биирдии үлэм ураты, ханна да хатыламмат буоларыгар дьулуһабын», — диэн Анна Афанасьевна сэһэргиир.

Алена ИВАНОВА

 

 

Читайте дальше