Аһаҕас халлаан анныгар хаҥкылыыр сир

Халлаан биллэрдик сылыйан оҕо-аймах таһырдьа таласта. Бу күннэргэ Сунтаар күөлүгэр нэһилиэнньэҕэ анаан аһаҕас халлаан анныгар хаҥкылыыр сир үлэтин саҕалаата. Күнүс 14.00ч. киэһэ 19.00ч.диэри үрдүгэр хаҥкы уларсан эбэтэр бэйэҥ хаҥкыгынан хаҥкылыырга анаан мууһу бэлэмнээтилэр, килэгир оҥордулар. Нэһилиэккэ саҥа сүүрээни «Тэтим» хампаанньа уолаттара киллэрэллэр. Кэлиҥҥи өттүгэр манна буранынан банаҥҥа оҕолору хатааһылатыахтара. Онон нэһилиэк килбэйэр киинигэр, ыраата барбакка сааскы ылааҥҥы күннэри бэһиэлэйдик, көрдөөхтүк-нардаахтык атаарыахха сөп буолла.

«Сунтаар сонуннара»