Сэтинньи 21 күнүгэр Л. Попов аатынан Арыылаах агро хайысхалаах орто оскуолатыгар улуустааҕы «Школа молодого педагога и руководителя» диэн сэминээр ситиһиилээхтик ыытылынна. Форум сүрүн тиэмэтинэн агро-оскуола усулуобуйатыгар функциональнай грамотнаһы тэрийии буолла. Манна тыа сиригэр үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэргэ дьулуһар эдэр учууталлар уонна үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара кэлэн кыттыыны ыллылар, барыта 113 киһи сырытта.
Тэрээһини Сунтаар улууһун үөрэҕэриитин салалтатын салайааччыта Борис Васильев уонна кини солбуйааччыта Владимир Уаров, Арыылаах оскуолатын дириэктэрэ Лидия Никитина эҕэрдэ тылларынан арыйдылар. Борис Васильев функциональнай грамотноһы сайыннарыы уонна бу процесска эдэр учууталлар оруолларын кэпсээтэ.
Форум бастакы чааһыгар араас предметтэргэ функциональнай грамотнаһы үөскэтиигэ ньымалары көрдөрөр аҕыс аһаҕас уруок ыытылынна. Ол кэннэ үөрэх салалтатын информационнай-педагогическай отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Попова М. И. салайааччылаах кыттыылаахтар көрүүлэрин, санааларын үллэстэллэригэр рефлексия тэрилиннэ.
Биир суолталаах түгэнинэн Российское движение детей и молодежи ахсааннарыгар маҥнайгы кылаастар киириилэрэ буолла. Ону сэргэ Васильев С. С., «СунАМП» эдэр учууталлар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, “Разговор о важном: Педагог 21 века” педагогическай час ыытта. Манна аныгы үөрэх усулуобуйатыгар учууталга ирдэбил тула кэпсэттилэр. Маны таһынан, педагогтарЛ. Попов түмэлигэр экскурсияҕа сырыттылар.
Эбиэт кэнниттэн форум үлэтэ салгыы барда. Ол курдук тыа сиригэр үөрэх сайдыытын тыҥаан турар боппуруостарын уонна кэскиллэрин дьүүллэстилэр. Төгүрүк остуол спикерынан Борис Васильев, Владимир Уаров, Семен Васильев буоллулар. Модератордар – Александра Павлова, үөрэх салалтатын кадрынан хааччыйыы отделын сүрүннүүр исписэлииһэ уонна Никифорова Л. С., Арыылаах орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы.
Сэминээр практическай чааһыгар функциональнай грамотнаһы үөскэтиигэ алта маастар-кылаас буолла. Химия учуутала Григорьева И.Л. «Экобумага» маастар-кылаас ыытта, социальнай педагог Павлова Е.С. «Брелок», технология учуутала Григорьева Е.С. «Сиэлчээнэ кыыс уонна Кылчаан уол оонньуулара», уо.д.а. интэриэһинэй дьарыктары көрдөрдүлэр. Интеллектуальнай бырагыраамманы сэргэ пневматическай, ох саанан ытыыга хамаанданан тыыны сайыннарыыга көмөлөһөр спортивнай күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.
Форум-семинар агро-оскуолаларга функциональнай грамотнаһы тэрийии инники кэскиллэрин түстүүр рефлексиянан, кэнсиэринэн түмүктэннэ, ону кытта уопутун билиһиннэрбит педагогтарга сертификат туттарылынна. Тэрээһиҥҥэ кэлбит учууталлар барытыгар көхтөөхтүк кыттан, билсэн-көрсөн, элбэҕи билэн, уопуттарын атастаһан тарҕастылар. Эдэр учууталлар уонна салайааччылар бииргэ үлэлииллэригэр ситиһиилээх тэрээһин буолла. Бу курдук Арыылаах агрооскуолата сэминээри үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытта, маннык ыччаты сайыннарар, түмэр тэрээһиннэр өссө да ыытылла туруохтара.
Евдокия ЕГОРОВА-Үөрэҕирии салалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ