Бүгүн, олунньу 2 күнүгэр, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр 2023 с. Арассыыйаҕа биллэриллибит «Педагог уонна Аҕа сүбэһит», Саха сиригэр «Үлэ» уонна Сунтаар улууһугар «Төрөөбүт төрүт тыл» сылларын түмүктүүр уонна быйыл 2024 с. Арассыыйаҕа биллэриллибит «Дьиэ кэргэн», Саха сиригэр – «Оҕо саас» уонна Сунтаар улууһугар «Аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл» сылларын арыйар тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһини Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэ тылынан арыйда. Сунтаар улууһун үтүөлээх-өҥөлөөх, бастыҥ үлэлээх дьонугар наҕараадалары туттартаата.
Ону таһынан 2023 сылга бастыҥ көрдөрүүлээх нэһилиэктэри чиэстээтилэр.
Ол курдук нэһилиэнньэтэ 400-кэ диэри нэһилиэктэр икки ардыларыгар: үһүс үрдэли Күүкэй нэһилиэгэ, иккис үрдэли – Түбэй, оттон бастакы үрдэли – Хадан нэһилиэктэрэ ыллылар.
400-тэн 700-кэ диэри нэһилиэнньэлээхтэр икки ардыларыгар үһүс үрдэли ылла — Маар-Күөл нэһилиэгэ, иккис үрдэли — Бүлүүчээн уонна бастакы үрдэли — Дьаархан нэһилиэктэрэ ыллылар.
700-тэн элбэх ахсааннаах дьонноох улахан нэһилиэктэр икки ардыларыгар үһүс үрдэл – Тойбохой нэһилиэгэ, иккис үрдэл – Сиэйэ нэһилиэгэ, уонна бастакы үрдэл – Элгээйи нэһилиэгэ буоллулар.
Кыайыылаах нэһилиэктэр харчылаах сэртипикээттэринэн наҕараадаланнылар.
Тэрээһин түмүктэниитигэр Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр – Оҕо саас уонна Сунтаар улууһугар Аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл сыллара арыллыбыттарын үөрүүлээхтик биллэрдэ.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ