Ааспыт сыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыла биллэриллэн, үтүө үлэһит дьоммутун үйэтитиигэ элбэх үлэ барда. Сыл бүтүүтэ ааспыт сыл түмүктэрин таһаарыы, инники былааннары оҥоруу кэмэ. Түһүүлээх да, тахсыылаах да эмиэ биир хатыламмат сыл ааста. Олохпут биир сыла…
Үөрэҕирии. Быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа сүбэһит сыла биллэриллэн, үгүс-элбэх тэрээһин бу чэрчитинэн ыытылынна. Бу сылга араас бырагырааманан, улуустан үбүлэнэн 8 оскуолаҕа капитальнай өрөмүөн ыытылынна.
Салалта үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр каадыр боппуруоһун эмиэ көрөр, сылын аайы «Үөрэҕирии» нацбырайыак чэрчитинэн квалификацияны үрдэтэр куурустарга педагогтар үөрэнэллэр.
Үөрэнээччилэр ситиһиилэрэ үгүс. Оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы, күрэстэргэ мэлдьи кыттан бириистээх миэстэлэри ылаллар. Ааһан эрэр сылга үөрэх хаачыстыбатын ылан анаалыстаан көрдөххө, быйылгы ОГЭ, ЕГЭ туттарыы таһыма үрдүк, оҕолор талан ылбыт идэлэригэр үөрэххэ киириилэрэ эмиэ үчүгэй көрдөрүүлээх.
Бастыҥ үлэлээх учууталлар үрдүк наҕараадаҕа тиксиилэрэ эмиэ бу сыллааҕы биир улахан үөрүү, умнуллубат түгэн буолар.
Доруобуйа харыстабыла. «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Хадаҥҥа ФАП тутуллан үлэҕэ киирдэ. Ону таһынан Элгээйигэ врачебнай амбулатория тутуута саҕаланна. Цифровой маммагроф, ыарыһаҕы көрүүгэ анаан видеоэндоскопическай аппараат ылылынна. Улуус медицинскэй үлэһиттэригэр методическай-практическай көмө быһыытынан өрөспүүбүлүкэттэн анал үлэһит кэлэн сэминээр ыытта. Нэһилиэнньэ доруобуйата тупсарыгар араас хайысхалаах үлэ ыытыллар. Нацбырайыак чэрчитинэн быйыл улууска аан бастакытын өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер быраастара кэлэн хас да нэһилиэгинэн сылдьан үлэлээн бардылар.
Ааспыт сылга балыыһаҕа үс массыына кэллэ. Национальнай бырайыак чэрчитинэн ылыллыбыт массыына Уһун Күөлгэ, улуустааҕы поликлиникаҕа уонна киин балыыһа бэйэтин үбүнэн ылыллыбыт массыына быраастар биригээдэлэрин таһарга ананна.
Сунтаардааҕы технологическай колледж базатыгар Нерюнгритааҕы медколлежд филиала аһыллыбыта улууска орто сүһүөх медицинскэй каадырынан хааччыллыыга төһүү буолуоҕа. Бу үөрэххэ 35 ыччат үөрэнэриттэн, 15-һэ улуус киин балыыһатын целевой миэстэтэ.
Тыа хаһаайыстыбата. Улууспутугар 24 тиэхиньикэ, ол иһигэр 4 «Беларус» тыраахтар кэллэ.
Тойбохойго комбикорму оҥорор собуот аһыллан үлэҕэ киирдэ. Күндэйэҕэ Егор Максимов агростартап бырагырааманан 50 сүөһү турар хотонун тутта. Оттон Бордоҥ нэһилиэгэр Николай Алексеев эмиэ 50 төбө турар хотонун үлэҕэ киллэрдэ. Анал граҥҥа кыайан Бүлүүчээн нэһилиэгин олохтооҕо Алексей Максимов сылга 1200 көтөрү иитэр көтөр пиэрмэтин тутта. “Тойбохой” ТХПК федеральнай граҥҥа кыттан 20 мөл. солк. суумалаах комбайны ылынна. Хаҥаласка ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ыанньыксыттар күрэстэригэр «Кириэстээх» кэпэрэтиип ыанньыксыта Елизавета Никифорова 1-кы миэстэни ылан, Москваҕа баран өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээбитэ. “День поля-2023” өрөспүүбүлүкэтээҕи мэхэньисээтэрдэр күрэстэрэ быйыл Сунтаар улууһугар ыытылынна. Манна араас улуустан элбэх хамаанда кыттыбытыттан Күндэйэ хамаандата 1-кы миэстэни ылары ситиспитэ.
Сунтаардааҕы бэтэринэриийэ управлениета. Ветучастоктар, пууннар соруктарын кэмигэр толоро олороллор. Ааспыт сылга Сунтаардааҕы лабораторияҕа эдэр исписэлиис кэллэ. Кэккэ сылларга дойду үрдүнэн хамсык туруоҕуттан тэрийбэккэ сылдьыбыт идэлээх бырааһынньыктарын – Бэтэринээр күнүн алтынньы ыйга бэлиэтээтилэр. Хас даҕаны сыл буолан баран улуус үрдүнэн үлэлии-хамсыы олорор ветучастоктар, пууннар дьэ түмүстүлэр.
Сунтаар улууһун култуурата. Улууспутугар Төрөөбүт төрүт тыл сылын аһыллыыта бары нэһилиэктэргэ, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго уонна иитээччилэргэ аналлаах «Айтык» күрэс, 5 улуустан 11 бөлөҕү Сунтаарга түмпүт “Сааскы дорҕоон” этно-рок бэстибээл, Саха сирин 9 улууһуттан 600-тэн тахса кыттааччылаах “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ”, Владивостокка Саха сириттэн төрүттээх СВО кыттыылаахтарыгар анаан ыытыллыбыт ыһыах, бүтүн улуус дьонун сүргэтин көтөҕөр «Олоҥхо дойдутун ытык күнэ – Сунтаар уйгулаах ыһыаҕа», улууспут дьонун уус-уран айымньыбыт тула түмэр “Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” улуустааҕы нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэс, «Байанайга сүгүрүйүү», «Олоҥхо ыйа», о.д.а. тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттарын бэлиэтииллэр.
Ону таһынан өрөспүүбүлүкэбит, улууспут аата Аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Саха сиригэр ааттаммыта биһиги үөрүүбүт буолар. Үгүс-элбэх ситиһииттэн аҕыйаҕы ааттаатахха маннык: “Бүлүүчээн кыымнара” үҥкүү бөлөҕө Харбин куоракка ыытыллыбыт “Русский Харбин-2023” аан дойдутааҕы үҥкүү күрэһигэр Кылаан кыайыылаах, Тойбохой нэһилиэгин “Далбар” үҥкүү бөлөҕө Москва куоракка “Танцевальное признание” аан дойдутааҕы үҥкүү күрэҕэр 1 үрдэли ситистэ. Сибиэрэп аатынан түмэл иһинэн тэриллибит иистэнньэҥнэр бөлөхтөрө өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьөһөгөй симэҕэ» күрэскэ кылаан кыайыылаах буолуулара – улуус киэн туттуута.
Ону тэҥэ араас граннарга кыттан ситиһиилэр: Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата музыкальнай инструменнары ылыыга 3 мөлүйүөнтэн тахса, Сибиэрэп аатынан түмэл 3 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах, Дьаархан култуура киинэ материальнай-техническай базатын хаҥатыыга, Сиэйэ, Элгээйи култууратын дьиэлэрэ киинэ саалаларын ылыыга туораттан үп-харчы киллэрэн үлэ тэтимэ күүһүрбүтэ хайҕаллаах.
Ити барыта култуурабыт эйгэтигэр дьону кэрэҕэ угуйар, талбыт идэлэригэр бэриниилээх, норуот уус-уран айымньыта сайдарын туһугар кыһаллан үлэлиир дьоннордоохпутуттан, култуурабыт төрдө-силиһэ дириҥиттэн, көрүүбүт улаҕалааҕыттан, дьаныарбыт, кыайыыга дьулуурбут күүһүттэн ситиһиллэн кэллэҕэ.
Норуот норуот быһыытынан тыыннаах хааларыгар икки сүрүн олук тирэх буолар дииллэр. Ол – омук тыла уонна култуурата. Онон бу ыгым, быыһык кэмҥэ култуурабыт өрүһүйдүн, Сунтаарбыт улууһа, дьоҕурдаах дьоммут ааттара инникитин ааттана, үөрүүнү үксэтэ турдуннар.
Сунтаардааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ. Ыам ыйын 24 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэлэр күннэрин чэрчитинэн Дьокуускай куоракка СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр аан бастаан ыытыллыбыт «Самый читающий район» күрэскэ Сунтаардааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ 3 үрдэл дипломунан наҕараадаламмыта. Күрэс 3 сылга биирдэ эрэ ыытылларын бэлиэтиибит.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, бибилэтиэкэ эйгэтигэр өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбит, култуура бэтэрээнэ Розалия Николаевна Степанова аатынан анал бириэмийэ Сунтаар улууһугар аан бастакытын олохтонно. Бу бириэмийэни Розалия Николаевна дьиэ кэргэнэ — уола Алексей Константинович Степанов уонна сиэннэрэ олохтоотулар.
“Бастыҥ үлэлээх бибилэтиэкэр” анал ааты Кэмпэндээйи олохтоох бибилэтиэкэтин кылаабынай бибилэтиэкэрэ Татьяна Местникова уонна Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин библиограба Римма Павлова бастакынан ылар чиэскэ тиксибиттэрэ. Онтон “Ааҕыыны бастыҥ көҕүлээччи” анал ааты А. П. Павлов аатынан Сунтаар № 1 орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Ирина Сивцева туппута. Лауреаттарга Степановтар дьиэ кэргэттэрэ анал бэлиэлэри уонна бириэмийэлэри, дьупулуомнары туттарбыттара.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата