Аҕам саастаахтарга кыһамньы

Аҕам саастаах дьон дэкээдэтин чэрчитинэн, бүгүҥҥэттэн С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр “Көмүс саас мичээрэ” күнүскү 3 күннээх лааҕыр үлэтин саҕалаата. Манна  саастаах дьоммут сылдьан дуоһуйа, астына сынньаныахтара. Араас маастар кылаастарга билиилэрин, сатабылларын кэҥэттиэхтэрэ, сайыннарыахтара.  Бэйэ-бэйэлэрин баай уопуттарын атастаһан, астына кэпсэтиэхтэрэ, имигэс, уран тарбахтаахтар оҥоһуктарын быыстапката тэриллиэҕэ.

Ону сэргэ сарсын, алтынньы 4 күнүгэр улуустааҕы киин балыыһа тэрийиитинэн мобильнай биригээдэ кэлэн үлэлиэҕэ. Быраастар мобильнай  биригээдэлэрин таһынан гериатр быраас сүбэ-соргу биэриэҕэ.

Ааптар: Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше