Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Сунтаардааҕы филиалын исписэлиистэрэ аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн араас тэрээһиннэри ыытан саҕалаатылар. Ол курдук Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторун аҕам саастаахтарыгар анаан киин бибилэтиэкэтигэр «Дуоһуйуу, ис туругу бөҕөргөтүү» тренинын ыытта. Ону таһынан Устье нэһилиэгин олохтоохторун аҕам саастаахтарыгар «Биһиги өссө да эдэрбит» диэн тэрээһин тэрилиннэ. Ол тэрээһиннэргэ ытык дьоммут хайдах доруобай, чэгиэн туруктаах сылдьарга анаан араас ньыымалары, сатабыллары биллилэр. Эти-сиини уһугуннарар эрчиллиилэри, уруһуй көмөтүнэн ис туругу сааһыланары, сөпкө тыынары, хамсанары, илбиийии көрүҥүн уо.д.а. Кыттааччылар олус астынан, дуоһуйууну ылан тарҕастылар.
Психологическай киин дэкээдэ эрэ чэрчитинэн буолбакка аҕам саастаахтарга улахан болҕомто ууран кулууптары тэрийэн араас дьарыктары ситимнээхтик ыытар.
Алена ПАВЛОВА,
Сунтаардааҕы психологическай киин социальнай педагога