Оройуон киин балыыһатын тэрийиитинэн, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр бүгүн доруобуйаҕа аналлаах күн тэрилиннэ. Бу тэрээһин улуууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын чэрчитинэн барда. Ол курдук дьону онколог, эндокринолог, кардиолог, гериатр, офтальмолог, отоларинголог быраастар көрдүлэр-иһиттилэр.
Элбэх киһи офтальмологка сылдьан харахтарын давлениетын бэрэбиэркэлэтэн, чугаһы көрөргө хайдах ачыкыны кэтиэхтэрин бэрэбиэркэлэттилэр, быраас сүбэтин иһиттилэр. Хаан анаалыһын туттарыыга эмиэ халыҥ уочарат буола сырытта. ЛОР бырааһыгар сылдьан көрдөрдүлэр. Кардиологка эмиэ уһун уочарат буола сырытта.
Сунтаардааҕы туберкулеһы утары охсуһар диспансер эмчиттэрэ, үлэһиттэрэ кэлбит дьоҥҥо бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар үүнэр оттон, мастан, отонтон эмтээх утахтары, фиточаайдары амсаттылар. Ханнык от, мас туох ыарыыны эмтиирин, хайдах оҥоһулларын кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр.
Диспансер эмчиттэрэ биэрбит сүбэлэриттэн тускутугар туһаныҥ диэн туран кыратык билиһиннэриим…
— Сэппэрээк (багульник) сибэккитэ, ото сөтөлү, күөмэй, ууһуур орган ыарыыларын эмтиир. Сэппэрээк 7 сибэккитин 1 лиитэрэ ууга оргутан эбэтэр биир кымаах мэлиллибит угун 1 курууска ууга оргутан, чаайынай ньуоскунан күҥҥэ 3-тэ иһиллэр.
— Оттон долохоно (боярышник) сүрэх ыарыыларыгар эбэтэр сэрэтиигэ, хаан баттааһына үрдээбитин түһэриигэ туһаныллар. Оҥорор ньымата: 1 кыра ньуоска отону 1 курууска ууга оргутан күҥҥэ 3-4 иһиллэр. 14-21 хонук эмтэниллэр.
Эмчиттэр долохону барыанньа, сироп быһыытынан туттулларын сыыһа дииллэр. Силиһин оргутан, көйөрөн итиилии оһол дьарҕатын угуттаан эмтииргэ эмиэ абыраллаах.
Доруобуйа дьаарбаҥкатыгар кэлбит Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо Рея Керемясова санаатын маннык үллэһиннэ:
— Доруобуйаҕа аналлаах тэрээһиҥҥэ сыл аайы сылдьабын. Кардиологка сылдьан сүрэхпин көрдөрдүм. Харах бырааһа хараҕым давлениетын үчүгэй диэн санаам көтөҕүллэн олоробун. Маннык доруобуйаҕа аналлаах тэрээһиннэр ыытыллаллара олус туһалаах. Инникитин да бу үтүө үгэстэрин салгыы ыыта турдуннар диэн баҕа санаалаахпын. Үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар бары үтүөнү баҕарабын.
Ксенья Иванова, ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр кэбиниэт сиэстэрэтэ:
— Бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр 20 эмчит кытынна. Аҕам саастаахтарбыт араас анаалыс көрүҥүн туттардылар. УЗИ-га, ЭКГ-га түстүлэр. Кэлбит дьоҥҥо доруобуйаны харыстыырга буклеттары түҥэттибит. Уопсайа бүгүн доруобуйа дьаарбаҥкатыгар 100-чэ киһи сырытта.
Яина ВЛАСЬЕВА