«Үөрэнэр хаһан да хойут буолбатах» уонна «Киһи сатаабатаҕа суох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Надежда Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин (дириэктэр Ангелина Антонова) иис абылаҥар уһуйар «Үһүс көлүөнэ оскуолата» 2018 сылтан үлэлиир. Манна «Дьэрэкээн кырадаһыннарынан кыбытыктаах тигии» дьарыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор эбэтэр өссө да үлэ үөһүгэр умсугуйа үлэлии, айа-тута сылдьар аҕам саастаахтар дьарыктаналлар. Оскуоланы СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун норуотун маастара, «Көмүс сап» иис куруһуогун салайааччыта, уһуйааччы Людмила Иванова салайар. Людмила Николаевна элбэх сыллаах үлэтин уопутун, сатабылын атастаһар, үөрэтэр сыаллаах төрүт иискэ олус элбэх киһини уһуйар. С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан түмэлгэ үөрэнээччилэрин «Кырадаһын кустуга” айар быыстапката биир ый устата дьон көрүүтүгэр турда.
Онтон бу күннэргэ ылбыт билиини чиҥэтэр, бэйэни тургутан көрөр сыаллаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Профессионалы» чөмпүйэнээт ыытыллар үгэстэригэр олоҕурбут “Аҕам саастаахтар сатабыллара» (Навыки мудрых 60+) күрэс ыытылынна. Күрэскэ бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх, айымньылаах үлэлээх алта далбар хотун, эйэҕэс эбээ кытынна. Ол курдук, Елена Иванова, Клеопатра Гурьева, Мария Чагдинская, Елена Иванова, Мария Сантаева уонна Александра Григорьева бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, балтараа чаас иһигэр кыбытыктаах тигиинэн сахалыы иннэ анньары тиктилэр. «Эбээ минньигэс аһа» дьиэҕэ сорудахха аныгы кэм аһылыгын астаан аҕалан дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр уонна миэстэтигэр күөрчэх ытыйдылар.
«Эбээ минньигэс аһа» түһүмэҕи “Время готовить” куруһуок педагога Зинаида Иванова уонна Сунтаар нэһилиэгин оскуолаларын ортотугар ыытыллыбыт «Эдэр маастардар” чөмпүйэнээт “Поварское дело” компетенция кыайыылаахтара – Сунтаардааҕы 1 №-дээх оскуола 6 в кылааһын үөрэнээччилэрэ Николай Аммосов, Владимир Федоров сыаналаатылар. Онтон кыбытыктаах тигиини сыаналааһыҥҥа иистэнньэҥ Ольга Захарова, уһуйааччы Людмила Иванова дьүөгэтинээн Зинаида Ивановалыын үлэлээтилэр.
Түһүмэхтэр быыстарыгар дууһа кылын таарыйан, уйулҕаны уоскутан хомус алыптаах дьүрүскэнинэн «Бэйбэри” фольклорнай куруһуок үөрэнээччитилэрэ (уус-уран салайааччы Тамара Спиридонова) Алена Иванова, Дайаана Ераскумова бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Онтон «Чебурашка” оҕо сайдар киинин “Сулусчаан” бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ София Кугданова, Костя Иванов “Күөрчэх” диэн сахалыы остуол оонньуутун билиһиннэрдилэр.
Сатабылы тургутар интэриэһинэй күрэс кыттыылаахтара түмүккэ литературнай салоҥҥа биир дойдулаахпыт, саха народнай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа хоһооннорун иэйиилээхтик аахтылар, ырыа буолбут хоһоонун ылбаҕайдык ыллаатылар.
“Аҕам саастаахтар сатабыллара» (Навыки мудрых 60 +) күрэс түмүгэ:
Анал ааттар — “Бастыҥ хоһоон ааҕааччы” — Иванова Елена Дмитриевна, “Эйэҕэс эбэ” — Гурьева Клеопатра Николаевна, “Минньигэс астаах эбэ» — Чагдинская Мария Прокопьевна.
Кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар — I м. — Иванова Елена Михайловна, II м. — Сантаева Мария Егоровна, III м. — Григорьева Александра Ивановна.
Саха маанылаах далбар хотуттарыгар бу күн аймахтара, дьүөгэлэрэ, үлэлээбит тэрилтэлэрин администрацията, профкома, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов аатыттан истиҥ тыллаах эҕэрдэлэри, өйдөбүнньүк бириистэри туттардылар.
Айна ЯКОВЛЕВА