Хоро нэһилиэгин аҕам саастаах дьоно куруук эдэрдэргэ сүбэ-соргу буолаллар. Нэһилиэк олоҕор мэлдьи көхтөөх кыттыыны ылаллар, бэйэлэрин үтүө холобурдарынан сырдыкка, кэрэҕэ сирдииллэр. Аҕам саастаах дьон декадатын сүрүн соруга кырдьаҕастар кыһалҕаларыгар, кинилэр олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга уопсасстыбаннас болҕомтотун тардыы буолар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Хоро оскуолатын үөрэнээччилэрэ анаммыт кырдьаҕастарыгар Аҕам саастаахтар куннэринэн эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Көмөҕө наадыйар аҕам саастаах дьоҥҥо күүс-көмө буоллулар. Оҕолор түргэн үлүгэрдик саһааннарын хайытан, сааһылаан туруоран биэрдилэр.
Бу ый устата тэрилтэлэрбит ытык мааны аҕам саастаах дьоҥҥо араас көмөлөрү,тэрээһиннэри оҥоруохтара. Онон сааһыра барбыт дьоммут үөрүүлэрэ үгүс, махталлара улахан.
Аҕам саастаах дьоммутугар ытыктабыл, өйөбүл мэлдьи баар буолуоҕа.
Вера ИВАНОВА