Бу ыстатыйаҕа эһиги билиэххит:
• Аҕам саастаах дьоҥҥо психологическай көмө үксүн хаһан наада буоларый.
• Ханнык ньыманы туһаныахха сөбүй.
• Аҕам саастаах, сытар ыарыһахха психологическай сүбэлэр.
• Психологическай көмө кэмигэр туох мэһэйи көрсөбүтүй.
• Аҕам саастаах дьоҥҥо психологтан уонна чугас дьонуттан ураты өссө ким көмө оҥоруон сөбүй.
Ким баҕарар, хаһан баҕарар ыгым, тыҥааһыннаах кэмнэргэ, түгэннэргэ ылларар. Эдэр сылдьан киһи оннук кэми чэпчэкитик аһарынар. Оттон аҕам саастаах дьоҥҥо маннык түгэн ордук ыарахан буолар.Чугас дьон көмөтө суох маннык түгэни мүччү түһэр уустук буолуон сөп. Онон уйулҕа өттүнэн көмө хайаан да оҥоһуллуохтаах.
Аҕам саастаах дьоммутугар психологическай көмө биир үксүн ордук хаһан наада буоларый.
1. Үп-харчы кыһалҕата. Аҕам саастаах дьон үлэлиир кыаҕа мөлтүүр, үлэттэн уурайан, биэнсийэҕэ олорооччу үгүс. Статистика көрдөрөрүнэн, аҕам саастаах дьон нэһилиэнньэ көмүскэлэ суох араҥатыгар киирэллэр. Кинилэргэ болҕомто, судаарыстыба өттүттэн көмө баар буолуохтаах. Аҥаардас биэнсийэҕэ олорооччу биир күн иһигэр харчыта суох хаалбыт түгэнэ элбэх, бу маннык кэмҥэ кинилэргэ психологическай көмөнү таһынан социальнай көмө олус наадалаах. Эдэр дьон аҕам дьону ытыктаабат, сөптөөх болҕомтону уурбат буолуулара кинилэргэ «мэһэй, боҕуу буоллубут» диэн санааҕа ылларыыга тиэрдэр. Устунан итэҕэйии, кимиэхэ эрэ эрэнии кинилэргэ суолтата суох буолан барар. Онон аҕам саастаах дьоҥҥо психологическай көмө бэйэлэрин ис туруктара күүрэр, ыгылыйар кэмнэрин чэпчэкитик аһарыналларыгар туһуланар.
2. Биэнсийэҕэ тахсыбыт, үлэлэриттэн уурайбыт дьон эмискэ кэпсэтэр, билсэр дьонноро аҕыйаан хаалар. Манна өссө кэргэннэрэ суох буолан хааллаҕына, отой да соҕотох хаалыахтарын сөп. Маннык кэмнэргэ психологическай көмө хайаан да ыытыллыахтаах. Соҕотох хаалбыт киһи бэйэтин күүһүгэр итэҕэйэн, олоҕун салгыырыгар көмө буоларын курдук.
3. Доруобуйа мөлтөөһүнэ. Архах буолбут ыарыылаах дьон бэйэни көрүнүүтэ ыарыыр. Чугас дьонун кытта кэпсэппэт да курдук тэйии, кыраттан кыйыттыы сүр тостуутугар тириэрдиэн сөп. Онтон сылтаан дьиэттэн хайысхата суох тахсан баран сүтүү, бэйэҕэ тиийинии содуллара үөскүүр түгэннэрэ да бааллар. Биһиги биири өйдүөх тустаахпыт, аҕам саастаах дьон ыалдьар ыарыыларын, соҕотохсуйууну ыараханнык ылыналларын. Уонна психологическай көмө кинилэргэ эрэ буолбакка, кинини көрөр-харайар дьоҥҥо эмиэ наада буоларын.
4. Аҕам саастаах дьон уруккуттан дьарыктаммыт хоббиларын, тутуспут үгэстэрин умнубакка, дьарыктана, илдьэ сылдьалларын өрө тутуохтаахпыт. Кинилэр интэриэстэрин, биэнсийэҕэ тахсыбыттарын кэннэ, өрө тутуу ис туруктарыгар, санаалара бөҕөргүүрүгэр туһалаах буоларын өйдүөхтээхпит. Аҕам саастаах дьоҥҥо уопсастыбаннай түмсүүлэртэн болҕомто баар буолуохтаах.
Ханнык ньымалары туһаныахха сөбүй:
• Психологическай үлэлэри сырдатыы (брошюралар, памяткалар уо.д.а)
• Консультациялар (хас биирдии киһиэхэ туһунан, анал)
• Арт-терапия;
• Библиотерапия;
• Муусуканан терапия;
• Глинотерапия;
• Гарденотерапия (үүнээйини олордуу, харайыы)
Биэнсийэҕэ барбыт, үлэтэ суох олорор аҕам саастаах дьоҥҥо сүбэлэр:
— Кыһалҕа күөрэйэр түгэнигэр, бэйэҕит эрэ быһаара сатаабакка, чугас дьоҥҥутун, табаарыскытын кытта үллэстиҥ, кэпсэтиҥ.
— Санааны түһэрбэккэ, ыһыктыбакка, олоххо оптимистыы туруктаах буолуҥ, оннук турук киһиэхэ олус көмөлөөх.
— Курус санааны аһарыныы, «мөлтөхпүн, кимиэхэ да туһам суох» диэн санааны иҥэриниэ суохха наада. Ол оннугар чугас дьоҥҥо, оҕолорго, сиэннэргэ көмөлөөх буолары көрдөрүллүөхтээх, кыах тиийэринэн көмөлөһүллүөхтээх.
— Олоҕум бүтэн эрэр диэн санааны олохсуттахха сүр тостуо, ол туруктан тахсар ыарахан буоларын өйдүөххэ наада.
Аҕам саастаах, сытар ыарыһах киһиэхэ психологическай сүбэлэр:
Өр кэмҥэ ороҥҥо сытар киһи олоххо тардыһыыта суоҕун кэриэтэ буолар, «чугас дьоммун эрэйдиибин, мэһэй буоллум» диэн толкуй биир үксүн моруу гынар. Үөрүүнү-көтүүнү, эт-сиин күүһүн умнубута ырааппыт, бэйэтин кимиэхэ да туохха да туһата суох киһинэн ааҕынар. Оннук санаалар киниэхэ күн аайы киирэллэр. Ол иһин бу кырдьаҕас, кыаммат киһи куруук тыҥааһыннаах, ыгым турукка сылдьар. Оннук турукка сылдьар киһи олоххо тардыһыыта, доруобуйатыгар кыһаллыыта мөлтүүр. Маннык турукка киирбит аҕам саастаах киһи соҕотох буолуо суоҕун наада. Киниэхэ психологическай көмө оҥоһуллуохтаах. Араас кэпсэтии, сүбэ хайаан да барыахтаах. Киниэхэ ордук чугас дьоно аралдьытан, кини урукку ситиһиилэрин, олоҕун дьоллоох кэмнэрин, кининэн хайдах курдук киэн тутталларын, таптыылларын саната, истиҥ сыһыанынан угуттуу сылдьыахтаахтар. Сытар, хамсанара хааччахтаах киһиэхэ кинини ыраастык көрүү-истии, эмтээһин, битэмииннээх аһынан аһатыы ордук суолталаах буолар. Маннык үчүгэй көрүүлээх-харайыылах киһи олоххо тардыһыыта, эмоциональнай туруга, санаата күүстээх буолар. Аҕам саастаах киһи үчүгэй туруга эһиэхэ бэйэҕитигэр эмиэ көмө буолан, санааҕытын чэпчэтиэ.
Психологическай көмөнү оҥоруу кэмигэр сүрүннээн туох мэһэйи көрсөбүтүй:
— Аҕам саастаах дьону кытта үлэлиир ыарахан, кинилэр бэйэлэрэ олоҕурбут, олоххо туспа көрүүлээх, этиилээх дьон буолар.
— Кыһалҕаларын быһаарарга соччо кыһаллыбаттар.
— Бэйэлэрэ эппиттэрин уларытыахтарын баҕарбаттар.
— Психолог үлэтигэр эрэбиллэрэ кыра буолар, ол оннугар бэйэлэрэ олоххо көрсүбүт түгэннэригэр ордук эрэнэллэр.
Аҕам саастаах дьоҥҥо психолог уонна чугас дьонтон ураты өссө ким көмө оҥоруон сөбүй:
— Аныгы аҕам саастаахтар пансионаттара.
Бу маннык пансионаттар олорорго усулуобуйара, идэтийбит исписэлиистэрэ, кинилэр медицинскэй көрүүлэрэ-харайыылара, доруобай аһылык, араас сэргэхситэр тэрээһиннэрэ, методикалара олус көмөлөөх буолаллар.
Аҕам саастаах дьон кыһалҕаларын бэйэлэрэ сатаан быһаарымматтарын өйдүөҕүҥ уонна бары көмө оҥорорго бэлэм буолуоҕуҥ!
Алена ПАВЛОВА, өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардааҕы филиалын социальнай педагога.