Ытык-мааны Аҕам саастаах дьоммут!
«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын, Оройуон сэбиэтин дьокутаатарын уонна улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин ааттарыттан көмүс саастаах ытык-мааны дьоммутун Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Үлэҕэ-хамнаска баай уопуккутун, олоххо-дьаһахха муудараскытын, үтүө-мааны майгыгыт үүнэр эдэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буоларын билинэбит уонна истиӊник махтанабыт. 2024 сылы Аҕам саастаах дьоммутугар ытыктабыл сылынан биллэрбиппит. Быйылгы сыл эһиги олоххут укулаата тупсарыгар ананар. Ол курдук араас тэрээһиннэр, көмөлөр тиһигин быспакка ыытылла тураллар. Төрөөбүт улууспут норуотун хаһаайыстыбатын, социальнай-экэнэмиичэскэй, духуобунай сайдыытыгар уонна култуурунай олоҕор, успуорт көрүӊэр киллэрбит дьоһуннаах кылааккытын үрдүктүк сыаналыыбыт уонна күн бүгүн биһигини кытта тэҥҥэ үлэлии-хамсыы, айа-тута, сүбэлии-амалыы сылдьаргытыттан улуус бары олохтоохторо үөрэбит уонна Эһиэхэ сүгүрүйэбит!
Күндү Аҕам саастаах ытык-мааны дьоммутугар, Эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, өссө да өр сылларга биһигини үөрдэ-көтүтэ, сүбэ-ама буола, этэӊӊэ сылдьаргытыгар баҕарабыт! Кырдьыы кыттыспатын, ыарыы ыалласпатын, чугас дьоҥҥут тапталларыгар бигэнэн уһун үйэлэниҥ!
Анатолий ГРИГОРЬЕВ,
«Сунтаар улууһа (оройуона)»
муниципальнай оройуон баһылыга
Ульяна ПОПОВА,
Оройун Сэбиэтин депутаттарын
бэрэссэдээтэлэ
Афанасий ВАСИЛЬЕВ,
Сунтаар улууһун бэтэрээннэрин
Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ