Аҕам саастаах биир дойдулаахтарыгар көмөлөстүлэр

Үтүө санаалаах биир дойдулаахтарбыт түмсэн, күннэтэ тустаахтарга, аҕам саастаах дьоммутугар араас хабааннаах көмөнү оҥороллоро үөрдэр. Кинилэр түмсүүлээх үлэлэрэ үгүстэргэ холобур буолан, үтүө санаа үксүүрүгэр кынаттыыр.

Ол курдук, тохсунньу 20 күнүгэр, Матрена, Иван Лазаревтар салайааччылаах «Түһүлгэ» ансаамбыл кыттыылаахтара аҕам саастаах биир дойдулаахтарыгар көмөлөстүлэр. Ансаамбыл кыттыылаахтара бу туһунан сонуннарын үллэстэллэр: «Бэҕэһээ «Түһүлгэ» ансаамбыл кыттыылаахтара, улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сыла биллэриллибитинэн, 80 саастаах Сунтаар олохтооҕо, «Алгыс» бэтэрээннэр кулууптарын чилиэнэ Ирина Николаевна Моховаҕа баран мас хайытан, туруоран кэллибит».

Оҕолор бу маннык үтүө дьыала тула түмсэн, аҕам саастаахха оҥорбут көмөлөрө холобур буолан, инникитин даҕаны үтүө дьыала үксүү турдун!

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше